Ийэ - авторы Романова А.В., Өркөн Романов ученик 1 класса. РАВ Өркөн. Икки игирэ кыыстыы Икки кэккэлэспит хаастардаах
Скачать 14.09 Kb.
|
Мин ийэм Икки игирэ кыыстыы Икки кэккэлэспит хаастардаах. Игирэ кыһыл отон уостардаах, Имнэрэ – саһарҕалыы тэтэркэй, Ийэм миэнэ – кэрэ даҕаны! Ийэм асчыт ааттааҕа - Итии бэрэскитин, арыылаах алаадьытын Илиибэр ыламмын Иҥсэлээхтик уобабын. Ийэбин олус да таптыыбын! Иитэр айылҕаны харыстыырга, Иһиттээх тахсан сир астыырга. Иккиэммитин сиэтэ сылдьан Иитэр-үөрэтэр өрүүтүн. Ийэбинэн киэн туттабын! Иһийэн олорон уруһуйдуурга, Илии дьоҕурун сайыннарарга Интэриэһи үөскэтэр Искусство эйгэтигэр. Ийэм миэнэ – учуутал! Иэйиитэ киирдэҕинэ Ис иһиттэн ырыаһыт. Имигэс тарбахтаах Иистэнэрин сөбүлүүр. Ийэм миэнэ талааннаах! Ийэни аһыныахха, Ийэни харыстыахха, кууһуохха, Ийэни күүскэ-күүскэ таптыахха! Ийэ баар буолан Иитиллэн тахсабыт биһиги! “И” буукубаны бүтүннүү туһанан Ийэбин хоһооҥҥо хоһуйдум. Истибиттэргэ-аахпыттарга Ис сүрэхтэн махтал буоллун! Өркөн Романов 1 кылаас үөрэнээччитэ уонна кини ийэтэ Романова А.В.. |