Главная страница

Сочинение на якутском. сочинение. Киьиэхэ тереебут дойдута


Скачать 14.65 Kb.
НазваниеКиьиэхэ тереебут дойдута
АнкорСочинение на якутском
Дата09.04.2022
Размер14.65 Kb.
Формат файлаdocx
Имя файласочинение.docx
ТипДокументы
#456296

Киьиэхэ - тереебут дойдута.

Бу олоххо хас биирдии киьи тереебут дойдулаах буолар. Омугуттан, киьититтэн тутулуга суох. Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх буола5ыный диэн былыр-былыргыттан ебугэ са5аттан билисиьиигэ бастакы ыйытыы буолар. Киьи кыра эрдэ5иттэн бастакы хардыытын онорбут дьиэтэ, тэлгэьэтэ, тыыммыт салгына – бу буолар киьи тереебут дойдута. Улаатан истэх аайы киьи тереебут тэлгэьэтиттэн, дойдутуттан кынаттанан тэлэьийэр, ыраатар аналлаах. Ол эрээри, киьи тереебут дойдутун сылааьын сурэ5эр иитиэхтээн илдьэ сылдьар, куруутун саныыр-ахтар, туулугэр туьээн керер.

Тереебут дойдуга куустээх тапталы Саха сирин угус биллиилээх суруйааччылара айымньыларыгар хоьуйбуттара:

Онно мин тэһийиминэ, тэскилээбитим,

Ол дойду дьоллоох долгунугар олороммун,

Тулуйумуна, туоххаһыйбытым.

Тоҕо оннугуй диэтэргит, -

Тоһоҕолоон үөскээбит тоҕой сэлэ дойдум

Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ...

Чөмчөкөм иһиттэн төлөрүйбэт этэ.

Бу Анемподист Иванович Софронов – Алампа «Тереебут дойду» диэн хоьоонугар суруйбут киьи ханнык ба5арар дойдуга сырытта5ына теьелеех да учугэй сиргэ сырыттар, син биир, то5о эрэ, то5о эрэ, тереебут дойдум сылааьа тардар диир. Теье да кини саха бала5аныгар, кыьынны тымныыга сыттар син биир тереебут дойдутун сылааьа сурэ5эр баар. Кини атын дойдуга баран тэьийбэтэх, тулуйбатах, тереебут дойдутун туохха да тэннээбэтэх, биэрбэтэх.

Алексей Елисеевич Кулаковскай – Ексекулээх Елексей «Ерус бэлэхтэрэ» диэн айымньытыгар Елуенэ ерус Хотугу муустаах муора5а тиийэн урэхтэрин, куеллэрин, ерустэрин сиэн кыргыттарым, балыстарым диэн кэрэ бэлэх онорон кэпсиир:

Аргый сүүрүктээх,

Аҥаархай салгыннаах,

Аҥаат-муҥаат хочолордоох,

Ахса суох дьонноох

Абыраллаах үрэх

Амма хатын диэн.

Хас биирдии Саха сирин ерустэрин олус кэрэтик ойуулаан кердерер. Биьиги хас сайын аайы Амма ерускэ сетуелээн, сынньанан кэлэбит, онон бу айымньыттан миэхэ Амма ерус ойууламмыта илэ харахпар кердум.

Биһиги төрөөбүт кыраайбыт дьикти айылҕалаах, элэккэй дьоннордоох уонна ыраас салгыннаах. Мин төрөөбүт дойдум уһун томороон тымныылаах, кылгас куйаас сайыннаах. Ханна да суох ураты кэрэ көстүүлээх, хатыламмат дьиктилээх сирдэрдээх. Хас биирдии киьи тереебут дойдулаах, сирдээх-уоттаах. Таптаан, харыстаан тереебут дойдугутун.


написать администратору сайта