Главная страница
Навигация по странице:

  • 1) Оҕо, ыччат бэйэтин кыанар буолуохтаах.

  • 2) Ыарахаттары, моһоллору туоруу үөрэтиэхтээхпит.

  • 3) Мөккүһэр үөрүйэх олохсуйуохтаах.

  • классный час. МАНДАР уус. Мандар Уус оону иитиигэ с сбэтэ


    Скачать 17.5 Kb.
    НазваниеМандар Уус оону иитиигэ с сбэтэ
    Анкорклассный час
    Дата17.05.2022
    Размер17.5 Kb.
    Формат файлаdocx
    Имя файлаМАНДАР уус.docx
    ТипДокументы
    #534124

    Мандар Уус оҕону иитиигэ үс сүбэтэ

    Үтүө киһини иитиигэ, кини сайдар эйгэтин олохтооһуҥҥа туһаайыылаах үөрэх дьылын саҕаланыыта тумус туттар киһибит Мандар Уус этиилэрин, норуот муудараһыгар олоҕурбут санааларын болҕойуоҕуҥ. Тула өттүбүтүн одуулаан, буола турар быһыыны-майгыны кэтээн көрүөҕүҥ, бэйэҕэ эргиллэн, дьайыыларбытын ырытыаҕыҥ.

    Саха норуотун ытык киһитэ, айылҕаттан айдарыылаах улууканнаах талаан Борис Неустроев – Мандар Уус үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньаҕар «Эркээйи эргиирэ» былаһааккатыгар кыттыспыта. Тэрийээччилэргэ уонна кыттааччыларга туһаайан, бырагыраама бу кэмнэргэ иккистээн эргийиитин, ону тэҥэ саҥа күүһүнэн турунан, далааһыннаах үлэҕэ киириитин хайгыырын биллэрдэ. Дьон-сэргэ саамай үтүө өйдөбүлүн тутан ылан, аныгы ыччаттарга тиэрдэр кыах үөскээбитэ норуоппутугар дириҥ суолталааҕын чорбон бэлиэтээтэ.

    «Уус кыһата» диэн сайыҥҥы оскуолабыт оҕолорун кэтээн көрдөхпүнэ, дьарык нөҥүө оҕо оттомурар, боччумурар. Майгы-сигили да өттүнэн тупсаллар, үөрэххэ кыһаллар буолбуттара да көстөр. Кэлин улаатан, ситэн-хотон иитиллээччилэрбит дьиэ кэргэн аҕа баһылыктара, араас эйгэ туйгун үлэһиттэрэ буолбуттарынан киэн туттабыт», – диир Мандар Уус.

    Салгыы Борис Федорович бэйэтин оскуолатыгар тутуһар үс сүрүн ирдэбилин туһунан билиһиннэрдэ. Бу түгэннэргэ ордук болҕойдохпутуна норуоппут солбугар, кэлэр кэскилигэр ордук эрэллээх буолуохпут диэтэ.

    1) Оҕо, ыччат бэйэтин кыанар буолуохтаах. «Кыанар» диэн тылы күүс-күдэх, сэниэ эрэ диэн өйдүүрбүт тутах. Ордук уол оҕо кыанар буолуутун ис хоһооно майгытын-сигилитин, дьоҥҥо сыһыанын, хайдах дьаһаныахтааҕын кыайа тутарыгар, салайар кыахтааҕар сытар. Кэриэйэ, Дьоппуон уонна Кытай омуктарын анаан-минээн үөрэтэн көрдөххө, бэйэлэрин майгыларын наһаа үчүгэйдик кыана тутталлар. Бэйэ бэйэҕэ үтүө сыһыаннаах буолан, хайдахтаах курдук дойдуларын үтэн-анньан таҕыстылар?! Онон үөрэхпит сүрүн күүһэ онно хайыһыахтаах. Былыргы саха дьоно эмиэ оннук этилэр. Кинилэр дьон-сэргэ ортотугар мөкү өрүттэрин хаһан да көрдөрбөт этилэр. Ол аата харыстабыллаах сыһыан диэн. Хомойуох иһин билиҥҥи кэмҥэ өбүгэлэрбит майгыларыттан тэйээри гынныбыт.

    2) Ыарахаттары, моһоллору туоруу үөрэтиэхтээхпит.  Оҕолорбут наар «сээн» диэнинэн сылдьаллар. Барытын кинилэр иннилэригэр бэлэмнээн биэрэбит, кыраттан да аһыммыта буолан, күөйэ сылдьабыт.  Ньирэмситэн кэбистибит. Ол түмүгэр олоххо бэлэмэ суох тахсаллар. Тэрээһинэ, дьаһала суох. Онон ыччаттарбытыгар киһи кыратык эрэйи көрөр, ситэр-хотор, оттомурар, уһаарыллар усулуобуйатын олохсутуохтаахпыт. Соруйан да диэххэ сөп. Тоҕо диэтэр олох диэн атын ээ. Атын! Онно араас барыта баар. Иннэ гынан учууталлар, педагогтар оһоллору, мэһэйдэри тэрийэн, оҕолор ону сатаан туоруу үөрэнэллэрин хааччыйыахтаахпыт. Эрэйи көрүү – уол оҕо боччумуруута, эр киһи киэбигэр киириитэ диэн буолар.

    3) Мөккүһэр үөрүйэх олохсуйуохтаах. Оҕолору оскуола эрдэхтэриттэн сатаан мөккүһэргэ үөрэтиэхпитин наада. Холобур, мин аҕам ити чааһыгар саамай үчүгэй төрөппүт этэ диэн билинэбин. Тоҕо диэтэххэ, үлэлээн кэллэ да миигин кыатта соруйан ылахтаһан тахсара. Ханнык баҕарар тиэмэҕэ. Олоҥхо да буоллун, үлэ да түгэннэрэ буоллун. Оннооҕор кыһын от тиэйэ сылдьан, тоҥо-тоҥо, оҕус үрдүгэр олорон мөккүһэрбит. Аҕам олоҥхоһун буолан, өйдөөх баҕайы. Маныаха тыл-өс сайдар, өй сытыырхайар. Гимнастика да диэххэ сөп. Дьэ, иннэ гынан мөккүһэрбин наһаа сөбүлүүбүн. Онон оҕо кылааска, дьиэ кэргэҥҥэ үөрэҕэ хаһан баҕарар мөккүөрдээх буолуохтаах. Төрөппүт дьиэ иһигэр кэпсэтиини тэрийиэхтээх, күөттүөхтээх. Онтон билигин хайдаҕый? Мөккүөр буолаары гыннаҕына төттөрүтүн куотан биэрэбит, тэйэ туттабыт. Ити олох сыыһа! Мөккүөрэ суох аҥаар кырыытынан такайыы эрэ буоллаҕына, оҕо саллар, салҕар.


    написать администратору сайта