год. САа (1). Николай Гаврильевич Золотарев Николай Якутскай Манайгы сааланыы
Скачать 185.24 Kb.
|
Николай Гаврильевич Золотарев –Николай ЯкутскайМаҥнайгы сааланыы.Кэпсээн.Уруок сыала.Турукка киллэрии. Булт. Сааланыы. Уол оҕо обраһын айыы, өйгө оҥорон көрүү. Оҕо айымньыны сүрэҕинэн ылынар туругун үөскэтии. Уус-уран тылы уобараска кубулутан өйдүүлэрин ситиһии. Уруһуйдатыы. Уйулҕатын,иэйиитин хамсааһын искэ киллэрии. Айар дьоҕурҕа тириэрдии. Сааланыы.Булт диэн тугуй? Ким аҕатын кытта бултуу барсааччыный.? Саа диэн тугуй? Саа кутталлаах, булт тэрилэ, көҥүллээх эрэ киһи саалаах, хонтуруолланар. Оҕоҕо саа хас сааһыттан көҥүллэнэрий? Саас туохтар кэлэллэр? Ханнык кустары билэ5ит? Кустары чугастан көрбүккүт дуо? Ыал аҕата бултаан кэлэрэ хайдаҕый.? Аҕата сыал ытар кэмигэр оҕо туруга хайдаҕын ханнык тыл көрдөрөр?. Куттанар, хараҕын симэр, кулгаахтарын бүөлүү анньынар. Тоҕо ? Эн саа тыаһын истибитиҥ дуо? Күөлгэ кустар түһүүлэрэ.Уол хас саастааҕар кустар ханна кэлэн түстүлэр? Кустары көрөөт уол хаһыытаабытынан, сүүрэн киирбит туругун быһааран биэриҥ. Саа ханна ыйанан турарый? Ийэтэ тоҕо аахайбата? Аахайбата диэн тугуй? Уол тугу сананна тоҕо? Өйгө оҥорон көрөбүт. Булчут үгэһин уол хайдах иҥэриммитий, ол ханнык тылынан бэриллэрий?. Аҕата оҕотун хайдах үөрэппитий? Бултуурга сорунуу.Хайдах үөмэрий? Дулҕа диэн тугуй? Бултаары сытар оҕо туруга ханнык тылларынан бэриллэрий хайдах турукка киирбитий? Чыыбыһын төлө тарта. Бу кэрчиккэ саамай наадалаах ханнык тыл баарый? Эҥил бас диэн тугуй? Уол куһу бултаабытын уруһуйдаа. Кус хайдах табыллыытын оҕо ис туругун быһааран биэр. Уол хайдах бултаата , ону көрдөрөр сүрүн тыллары бул уонна кэпсээ. Уол бултаабыт түгэнин өссө болҕойон аах уонна өйгө оҥорон көр. Ийэтэ хайдах сыһыаннаста?. Ханнык тылынан бэриллэрин устуҥ. Дьиктиргээн, дьиибэргээн диэни хайдах өйдүүгүт Уһуйуллуу.Оҕо булдуттан туох иэйиини ылбыта буолуой? Туох сыыһаны оҥорбутуй? То5о? Туох түмүккэ кэлбитий? Кэпсээн киһини туох санааҕа тиэрдэрий? Кэпсээн сүрүн иитэр күүһэ туохханый?. Айар үлэ: “ Киэһэ аҕата дьиэтигэр кэлбитэ” |