Главная страница
Навигация по странице:

  • Ойуур

  • Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор

  • . Уу иччилээх

  • доклад. айылҕаны харыстыыр ньымалар. Айыланы харыстыыр ньымалара Саха айыла о5ото. бгэлэрбит аар айылаларын ийэбит


    Скачать 15.76 Kb.
    НазваниеАйыланы харыстыыр ньымалара Саха айыла о5ото. бгэлэрбит аар айылаларын ийэбит
    Анкордоклад
    Дата13.03.2023
    Размер15.76 Kb.
    Формат файлаdocx
    Имя файлаайылҕаны харыстыыр ньымалар.docx
    ТипДокументы
    #983955

    Ɵбүгэлэрбит айылҕаны харыстыыр ньымалара

    Саха - айылҕа о5ото. Ɵбүгэлэрбит аар айылҕаларын ийэбит диэн ааттыыллара, харахтарын харатын курдук харыстыыллара. Сиргэ-уокка, дойдуга тапталларын, харыстабылларын, үтүѳ үгэстэрин ыччаттарыгар иҥэрэн хаалларан иһэллэрэ.

    Былыр оҕо кыра сааһыттан тѳрѳппүттэрин батыһа сылдьан куруук айылҕаҕа сылдьара. Окко оҕус сиэтэрэ, бугул түгэҕин харбыыра, ньирэй үүрэн, ынах хомуйан чугастааҕы алаастарынан сүүрэрэ, куобахха туһахтаан куруҥ тыаны кэрийэрэ. Ол сылдьан мастар үрдулэринэн саһарҕа сандаара тыгарын, күн күлүмнүү ойорун, аар тайҕа суугунун, сүүрүк мѳлбѳйѳ устарын, чыычаах чуопчаарар тойугун долгуйа истэллэрэ, сэргии кѳрѳллѳрѳ.

    Ол санаалара иитиэхтэнэн айылҕа харыстабылыгар сыһыаннаах үтүѳ үгэстэр үйэтийбиттэрэ.

    Айылҕаҕа үтүѳ сыһыан тэлгэһэттэн саҕаланар.

    Урут сахалар үс сиринэн көһө сылдьан олороллоро: кыстыкка, сайылыкка, оттуур сиргэ. Маннык олорууга биир сиргэ бөх-сах мунньуллубат, дьиэ-уот салгылыыр, ыарыы тарҕаммат. Олорор сирдэрин, алаастарын тулатын харыстаан сүѳһүгэ- сылгыга тэбистэрбэт наадатыттан эргиччи күрүѳлээн кэбиһэллэрэ. Бѳҕү-сыыһы тэлгэһэ5э муспат этилэрэ.

    Ойуур – саха киһитин ампаардаах аһа. Маһы-оту саха курдук таптыыр, харыстыыр, үҥэр таҥара оҥостор омук суоҕа буолуо. Сир-дойду иччитэ Аан Алахчын хотун, хатыҥ маска уйаланар.

    Былыргыттан саха киһитэ ойуур тыа иччитэ Баай Байанай, от - мас иччилэрэ Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор диэн барытын тыыннааҕымсытан кѳрѳрѳ. Соҕотох үүммүт баараҕай маһы ытыктыыллара, бэлэх-туһах биэрэллэрэ.

    Ɵрүс, күѳл кытыытыгар үүнэр маһы харыстыыллара, кэрдибэттэрэ. Маһа кэрдилиннэҕинэ, уута уолан хаалар диэн оҕолору ѳйдѳтѳллѳрѳ.

    Уута суох - олох суох. Ыраас ууну харыстыырга элбэх үлэни ыыталлара. Ойбоннонор сирдэрин күн аайы ыраастаан чэбэрдик туталлара. Ууга бѳҕү кутары кытаанахтык боболлоро. Уу иччилээх. Ууга уһуктааҕы, биилээҕи туһэрдэхтэринэ тута хостуу охсуохтаахтар. Кыайан ылбатахтарына айыырҕыыллара. Уу иччитин бааһыртыбыт диэн буруйдана саныыллара.

    Уот – олох төрдө. Уот киhини быыhыыр-абырыыр, ону тэңэ өлөрөр-өhөрөр күүстээх. Уотунан мээнэ оонньооботтор, уоту ытыктаан алгыс этэн аьаталлар, алгыыллар, кердеьеллер-ааттаьаллар. Уоту сыыьа тутуннахха иэдээн тахсар тугэннэрдээх, ол курдук улахан баьаардар тахсаллар.

    Кѳтѳрү- сүүрэри харыстыыры оҕо кыра эрдэҕиттэн билиэхтээх. Булду бэйэ туһанарыгар сѳптѳѳҕү эрэ ѳлѳрѳллѳрө. Аҥаар кырыытыттан кыдыйар сэттээҕин оҕолоругар үѳрэтэллэрэ. Чыычаах уйатын тѳрүт тыыттарбаттара. Чыычаахха оҕо кута баар диэн ѳйдүүллэрэ. Чыычааҕы ѳлѳрѳр, уйатын алдьатар оҕо кэнэҕэһин, инникитин оҕото -уруута суох буолар дииллэрэ.

    Балыгы ыыр кэмигэр аймаабаттара, күѳл таҺыгар айдаарбаттара.

    Кыылга кырыктаах буолар аньыы. Булду булт сиэринэн эрэйдээбэккэ ѳлѳрүѳхтээххин диэн сэрэтэллэрэ.

    Баай Байанайга махтаныахтааххын. Оҕолоох кыылы, кѳтѳрү тыыппаттара.

    Оҕону кыра эрдэҕиттэн айылҕа кэрэтин болҕойон көрөргө, харыстыырга үөрэтэр өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин умнубакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһиллиэхтээх дии саныыбын.

    Оҕо айылҕаны харыстыыр үтүѳ үгэстэри үѳрэтэн, билэн- кѳрѳн, этигэр хааныгар иҥэриннэҕинэ, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэбитигэр сыһыаммыт уларыйыа, оту –маһы алдьатарбыт, кыылы-көтөрү өлөрөрбүт аҕыйыа этэ.

    Бол5омто5ут иьин махтал!


    написать администратору сайта