Главная страница

Статья о 50-летии школы. Статья о 50- летии школы. С. Н. Горохов аатынан ОйуЬардаах орто оскуолата 50 сылыгар ананар. Уорэх баар бараммат баай


Скачать 23.44 Kb.
НазваниеС. Н. Горохов аатынан ОйуЬардаах орто оскуолата 50 сылыгар ананар. Уорэх баар бараммат баай
АнкорСтатья о 50-летии школы
Дата28.03.2022
Размер23.44 Kb.
Формат файлаdocx
Имя файлаСтатья о 50- летии школы.docx
ТипДокументы
#421013

С.Н. Горохов аатынан ОйуЬардаах орто оскуолата 50 сылыгар ананар.

«Уорэх баар – бараммат баай»

Сиэн – Куол Арыылаа5ар 1924 сыллаахха Дьогдьур оскуолата аьыллыбыта. Уорэнээччилэр Бандеров Максим Анисимович дьиэтигэр баар интернакка олорбуттара. Интернаттан 2,5 км турар Тарабукин Николай дьиэтигэр баран уорэнэллэрэ. Кэлин оскуола Таала – Куолгэ, Мырдынныырга онтон ОйуЬардаахха коьоруллэн улэлээбитэ.

1971 сыллаахха, 50 сыл анараа оттугэр, сэтинньи 16 кунугэр 160 миэстэлээх сана типовой оскуола тутуллан нэьилиэк дьонун, о5олорун уордэн улэ5э киирэр. Оскуола тутуутугар 21 сыл нэьилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн таьаарыылаахтык улэлээбит, СР норуотун хаьаайыстыбатан утуолэээх улэьитэ, СР суруйааччыларын союьун чилиэнэ Егор Семенович Лаптев, оскуола дириэктэрэ, историческай наука кандидата, билигин Дьокуускай куоракка олорор Афанасий Афанасьевич Павлов уонна нэьилиэк олохтоохторо улахан кылааттарын уурбуттара.

Оскуола тутуллуутун туьунан ахтыыны Лаптев Егор Семенович 1994 с муус устар 04 кунугэр маннык диэн суруйан хаалларбыт:

«Миигин 1962 сылтан Сиэн-Куол нэьилиэгин советын исполкомун председателинэн быыбардаабыттара, бу улэ5э 21 (суурбэ биир) сыл улэлээбитим.

1924 сылтан оскуола маннай Арыылаахха ыал бала5аныгар, онтон оскуола5а ананан тутуллубут дьиэ5э, Таала-Куолгэ, Мырдынныырга,Ойуьардаахха бэьис миэстэтигэр коьон улэлээбитэ, бу дьиэ хаста эмэтэ сал5анан тутуллан, 1971 сылга диэри оскуола буолан турбута, билигин уопсай олоруу дьиэтигэр туьаныллар.

Бу дьиэ5э оскуола5а собо суо5а, эргэ, намыьах, кыара5ас этэ. 1962 сыл сэбиэт исполкомун председателэ буолаат, сана оскуола тутуутунан дьарыктаммытым, ону дьон-норуот ис сурэ5иттэн собулээн ойообутэ уонна бу боппуруоьу быьаарыыга дьиннээхтик туруммуппут, оройуон, Саха АССР, ССРС тэрилтэлэригэр суруйсан, бэйэбитинэн наадаалах начальниктарга тиийэн, сирэй корсон кэлэн-баран туруорсубуппут.

Сиэн-куол нэьилиэгин совета учугэй улэтин иьин икки тогул республиканскай бодон суммалаах харчынан премия5а тиксибитэ, ол харчынан туьунан онорор специалистарга кэпсэтэн бэйэлэригэр быьа харчынан, наадалаах матырыйаалларын толоон 160 миэстэлээх типовой оскуола схматын, сметнай документациятын кинигэлэрин туорт копия5а уочарата суох онотторон ылбыппыт, ол осуоланы тутууну былаанна киллэттэриигэ, убун ылыыга улаханнык комолоспутэ.

Строй участак начальнига Барабанщиков Юрий Михайловиьы кытта, нуучча омугун киьитин кытта эрэллээх, истин до5ордуу буолбуппут, ол эмиэ оскуола тутуутугар комолоспутэ.

Оскуола стойкатын буорун хаьыыга, маьын бэлэмнээьиннэ дьиэ муостатын аннын уонна урдун буорун кутууга дьон-норуот олус активнайдык, босхо субуотунньуктарга улэлиирэ, ону Саха АССР МС председателин бастакы солбуйааччы Игнатьев Иннокентий Гаврильевич арыаллыыр дьонунуун кэлэн корбутэ уонна сохпутэ, бу эмиэ оскуола тутуутугар улаханнык комолоспутэ.

Мин убайым, ис дьыала министэрин бастакы солбуйааччынан, полковник Лаптев Николай Семенович дьокуускай куоракка оччо5о улэлиирэ, кини миэхэ консультант-субэьит быьыытынан уонна начальниктары кытта кэпсэтиигэ бэйэтин сабыдыалын комолоспутэ.

Райсовет исполкомун председателлэрэ Бурнешев Роман Романович, Слепцов Гаврил Константинович, Райсовет испокомун секретара Жирков Дмитрий Гаврильевич, Ойуьардаахтан ордук Винокуров Петр Михайлович, Оконешников Николай Алексеевич. Оконешников Иван Алексеевич, Волков Николай Григорьевич, Бандерова Анна Васильевна I, Кривошапкин Алексей Михайлович, Оконешников Петр Васильевич, Тихонов Василий Прокопьевич, Винокуров Гаврил Михайлович оскуола тутуутугар уонна уорэх сана инвентардарын, малларын булан оскуола аьыллыытыгар комолоспуттэрэ.

Онон то5ус сыл устата бары кыахпын, талааммын, албаспын туттан 1971 сыл сэтинньи 16 кунугэр Ойуьардаахха 160 миэстэлээх типовой оскуоланы туттарбытым, бу Орто-Халыма оройуонугар аан маннайгы типовой оскуола этэ.

Бу улэ урдук сыананы ылбыта. Сиэн-Куол нэьилиэгин сэбиэтэ бу улэтин иьин 1971 сыллаахха РСФСР правительствотын, профсоюьун коьо сылдьар Кыьыл Знамятын уонна премиятын Москваттан ылбыта, ону Саха АССР МС председателэ Петров Иван Иванович Ойуьардаахха бэйэтинэн кэлэн туттарбыта уонна туорт квартиралаах учууталлар дьиэлэрин убун, матырыйаалын премия биэрбитэ, ону биир сыл иьигэр туттаран улэ5э киллэрбиппит, онно билигин учууталлар олороллор. Оттон миэхэ ити улэм иьин 1971 сылга «Улэ Кыьыл Знамята» орденынан на5араадалаабыттара.

Бу типовой оскуола ити кэмнэ котельнайдыын 990 тыьыынча сыаналаах этэ».
1971-2021сс улэлээбит дириэктэрдэр:

Павлов Афанасий Афанасьевич 1971 – 1975сс

Горохов Степан Николаевич 1975 – 1985сс

Гурьев Геннадий Игнатьевич 1987 – 1999сс

Шкулев Петр Егорович 1999 – 2010сс

Жиркова Елизавета Николаевна 2010 – 2015сс

Жиркова Марианна Гаврильевна 2015 сылтан

Марианна Гаврильевна Жиркова, СР уорэ5ириитин туйгуна, 42 улэьиттээх кэликтииби, сатабыллаахтык салайар, уорэх завучтарынан Наталья Николаевна Волкова, Ольга Владимировна Тарасова, иитэр улэ5э Евгения Петровна Шкулева ананан улэлииллэр.

Убулуойдээх сылга оскуолабытыгар 80 о5о уорэнэр. Олортон алын кылааска 30. Орто суьуох 38, улахан кылааска 12 уорэнээччи. Оскуола бэйэтин базатыгар 6 дьиэлээх, 40 га оттуур сирдээх, ынах суоьу иитэр хотонноох.

I чиэппэр тумугунэн __ о5о «4» уонна «5» сыана5а уорэннэ, олор истэригэр 2 уорэх туйгуннара Оконешников Айтал 4 кылаас, Винокурова Эмилия 7 кылаас.

Сылын ахсын ыытыллар СР Ил Дарханын елкатыгар биир санааннан кыра кылаастан учугэй уорэхтээх, улууска, ороспуубулукэ5э ыытыллар курэхтэргэ, олимпиада5а, аа5ыыларга кыайыылаах уонна призер, оскуола лидера 11 кылаас уорэнээччитэ Дьячкова Кира талылынна.

Хас биирдии оскуола туспалаах. О5ону кэрэ5э уонна спортка уьуйуу биир сурун хайысхабыт буолар. Ону тэнэ улэ5э ыччаты иитэр сорукпутун кэнэтэн ынах суоьу ииттэн, бородууксуйатын аьылыкка туьанар киэн былааннаахпыт.

Араас кэмнэ уорэммит выпускниктарбыт нэьилиэккэ, улууска, ороспуубулукэ5э таьаарыылахтык улэлии сылдьалларын киэн туттабыт.

50 сыл устата уорэммит, улэлээбит учууталлары техулэьиттэри оскуолабыт убулуойунэн э5эрдэлиибит.
Волкова Любовь Семеновна, химия уонна биология учуутала


написать администратору сайта