Кылаас, оскуола:
| 2 кылаас
|
Биридимиэт:
| Саха тылын уруога
|
Уруок тиэмэтэ:
| Паараласпыт ааттар
|
УМК (учебник аата, автора)
| Саха тыла 2 кылаас Л.В.Захарова
|
Уруок тиибэ:
| Саҥа өйдөбүлү арыйыы уруога
|
Учуутал сыала:
| О5олор паараласпыт аат тылы билэ, араара үөрэнэллэригэр, наардыылларыгар усулуобуйаны тэрийии
|
О5о соруга:
| Паараласпыт ааттар диэн тугуй?
|
Уруок түмүктэрэ
|
1.Предмети үөрэтии түмүктэрэ
| - Аат тыл арааһын билии.
- Паараласпыт аат тиэмэни чиҥэтэн үөрэтии.
|
2.Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:
| Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:
- учуутал көмөтүнэн уруок соругун сатаан быһаарар;
- бэйэтин уонна атын киһи дьарыгын сатаан сыаналыыр, хонтуруоллуур;
- тугу билэрин билбэтин, тугу үөрэтиэхтээҕин араарар
- үөрэнээччи бэйэтин үлэтин сатаан былаанныыр
- бэйэтин үлэтин, тылын – өһүн кэтээн көрөр, көннөрөр
|
Билэр-көрөр сатабыл:
өй үлэтин дьайыыларын сатаан толорор, тыллары тэҥнээн көрүү, ырытыы, дакаастааһын; тиэкиһи кытары сатаан үлэлиир, ырытар; эрдэ билбит уонна саҥа ылбыт билиитин сатаан ситимниир.
|
- атын киһи санаатын сатаан өйдөөн истэр уонна ылынар;
- бэйэ санаатын сатаан дакаастаан сөпкө этии;
- туттуу – хаптыы, бодоруһуу ньымаларын туттар буолуохтаах
- бэйэ санаатын саһылаан этэр, ырытыыга кыттыһар.
|
3.Ытык өйдөбүлү иҥэинии түмүгэ
| - сахалыы тыллар суолаталарын билэр, өйдүүр
- бэйэ кыаҕын уруок кэмигэр толору туттуу наадалааҕын өйдүөхтээх
- саха оҕото сахалыы саҥарыахтааҕын өйдүүр
|
Уруок түһүмэхтэрэ
| Учуутал дьарыга
| Үөрэнээччи дьарыга
| Алтыһыы көрүҥэ
Үөрэтии ньымата
| Түмүгэ
|
1. Тэрээһин чааһа.
Сыала: уруокка бэлэмнэнии
| Үтүө күнүнэн оҕолор. Мин аатым _________________, бүгүн эһиэхэ саха тылын уруогун ыытыам. Настроениягыт хайдаҕый? Бэлэмҥит дуо? Сахабыт тылын уруогар биһиги сахалыы толкуйдуубут, сахалыы саҥарбыт, ааҕабыт, суруйабыт, күн аайы билиибитин хаҥатабыт.
| Үтүө күнүнэн! Үчүгэй. Аьаа
| Кэпсэтии.
| - Уруокка бэлэмнэнии
- Бэйэ улэтин былааннааьын.
|
2. Ситиһии төрүөтүн олохтооһун.
Сыала: толорумтуо үөрүйэҕин чиҥэтии
| Дьиэҕэ үлэни бэрибиэркэлээһини тэрийэр.
| Дьиэҕэ үлэни бэрибиэркэлииллэр. Ыйытыылага эппиэттииллэр
| Кэпсэтии
| Сыыһаны булан, көннөрүнэ үөрэнэр. Атын оҕо эппиэтин болҕойон истэр
|
3. Билэр үөрүйэхтэргэ олоҕуран проблеманы таһаарыы
Сыала: билиини ыларга бэлэмнэнии
| Үөрэнэр проблеманы таһаарар
Тиэмэҕэ соп түбэһэр ыйытыылары ыйытар
| Боппуруостарга эппиэттииллэр
| Кэпсэтии
| Аат тыл арааһын билэр. Саастыылаахтарын кытта айымньылаах алтыһыы туругар киирэр, биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлиир үөрүйэхтэнэр.
|
4. Үөрэнэр соругу туруорунуу.
Сыала: уруок тиэмэтин, сыалын быһаарыы
| Уруок тиэмэтин уонна соруктарын буларга көмөлөһөр.
Уруокпут тиэмэтэ туох диэн буолар? Дьэ оччоҕуна биһиги бүгүн туох саҥаны билэр эбиппитий? Уруокпут сыала хайдах буолуой?
|
Боппуруостарга эппиттииллэр. Уруок тиэмэтин быһаараллар
| Кэпсэтии.
Тэтэрээккэ сурунуу
| - Оҕо толкуйдуур, интэриэһиргиир
- Саҥаны билэ-көрө сатыыр үөрүйэҕи ситиһэр
- учуутал көмөтүнэн уруок тиэмэтин, сыалын этэр.
|
5. Саҥа билиини арыйыы
Сыала: саҥа билиини ылыы, ырытыы
| Саҥа тиэмэҕэ үлэни тэрийэр. Үөрэнэр кинигэнэн үлэни тэрийэр
| Учууталы кытта тэҥҥэ үлэлэһэллэр, кинигэнэн үлэлииллэр.
Дуоскаҕа тахсан эрчиллии толороллор
| Кинигэнэн үлэ.
Ырытыһыы.
Дуоскаҕа тахсан үлэ.
| - Оҕо толкуйдуур, интэриэһиргиир
- Саҥаны билэ-көрө сатыыр үөрүйэҕи ситиһэр
- тылын сайыннарар.
- туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр.
Сыыһаны булан, көннөрүнэ үөрэнэр.
Атын оҕо эппиэтин болҕойон истэр
|
6. Физминутка
Сыала: Хамсаныы көмөтүнэн эти-хааны уһугуннарарыы
| Сынньалаҥы тэрийэр.
Хоһоон этэ-этэ хамсаныылары оҥоруу.
| Хамсаныылары оҥороллор
| Хамсаныы
| Сылааны таһаарар, салгыы үлэҕэ бэлэмнэнэр.
|
7. Билиини чиҥэтии уонна хонтуруолланыы.
Сыала: саҥа ылбыт билиини чиҥэтии уонна хонтуруолланыы
| Ылбыт билиилэрин чиҥэтэргэ үлэни тэрийэ.
Суругунан кинигэттэн буочары тупсарыыга үлэ
| Кинигэттэн эрчиллиилэри толоруу, оҥоруу
| Кинигэнэн үлэ, тэтэрээккэ суруйуу.
| Кыһанан кыраһыабайдык ыраастык суруйар. Саҥа тыллары билэр. Этии толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар. Мэһэйдэспэккэ чуумпутук үлэлиир
|
8. Дьиэҕэ үлэ.
Сыала: уруокка ылбыт билиини чиҥэтии
| Дьиэҕэ үлэни быһаарар.
| Дьиэҕэ үлэни суруналлар
|
| Дневникка дьиэҕэ үлэни сурунар
|
9. Бэйэни сыаналаныы
Сыала: үөрэнээччи бэйэтин үлэтин сыаналааһыны тэрийии
| Бэйэни сыаналаныыны тэрийэр.
Үөрэнэр соруккутун хайдах толурдугут?
Барытын толордум Үксүн толордум Аҥаарын толордум Сорукпун кыайбатым
| Үөрэнэр соругу хайдах толорбуттарын быһаараллар.
Бэйэлэрин сыаналаналлар
| Бэйэни сыаналаныы
| Бэйэ ситиһиитин сыаналыыр. Кэпсэтии кэмигэр сатаан истии суолтатын өйдүүр
|