Главная страница
Навигация по странице:

  • Уруок темата: Үчүгэйтэн үөрэбит – куһаҕантан хомойобут. Ааҕыллар айымньы

  • УМК (учебник аата, автора) «Литература ааҕыыта» Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова Уруок тиибэ

  • Уруок түмүктэрэ: лр/ 1.Предмети үөрэтии тү м үктэрэ

  • 2. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ: Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл

  • Билэр-к

  • Бодоруһар сатабыл

  • 3.Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ: - Доҕор туһунан өйдөбүлү ылыныы, доҕордоһуу суолтатын өйдөөһүн. Уруок хамыыта

  • Учуутал дьарыга (сорудахтар, ыйытыылар) Үөрэнээччи дьарыга Үөрэтии ньымалара

  • Оонньуу (үөрэххэ талаһыыны үрдэтэр д идактическай оонньуу) Эһиэхэ 2 мүнүүтэ бэриллэр.Сорудаҕа: Сорудаҕы болҕойон ааҕын.1 группа.

  • 2 групп.

  • 1 группа. 1) Баал Хабырыыс ханнык айымньытын аахпыккытый________ 2) Бу ханнык ааптар суруйбут айымньытай «Булчут ыт»._________2 групп.

  • 3 группа. 1) Егор Собакин ханнык айымньытын аахпыккытый___________________2)

  • Үөрэнэр соругу туруоруу Сыала: Уруок тиэмэтигэр тахсыы 1. Уруок тиэмэтигэр таһаарар түгэн

  • Дидактическай оонньуу. 1 группа

  • Үөрэнэр соругу толоруу Сыала: Айымньыны ылыныыга бэлэмнээһин 3.1 Тиэкси кытта айымньыны ааҕыах иннинэ үлэ

  • 3.2.Айымньыны кытта билсиьии уонна ырытыы

  • 3.3.Тиэкси кытта айымньыны ааҕан баран үлэ.

  • Айымньыны сүрүн санаатын тула кэпсэтии

  • 4.Сыаналаныы Оҕолор бэйэлэрин өйдөбүллэрин уонна дьарыктарын сыаналаныылара

  • Васильева Ф уруоктар. Ыытыллыбыт кнэ Кылаас, оскуола


    Скачать 5.35 Mb.
    НазваниеЫытыллыбыт кнэ Кылаас, оскуола
    Дата30.12.2022
    Размер5.35 Mb.
    Формат файлаdocx
    Имя файлаВасильева Ф уруоктар.docx
    ТипДокументы
    #869284
    страница1 из 6
      1   2   3   4   5   6



    Ыытыллыбыт күнэ Кылаас, оскуола:


    05.04.2021

    Г.Е.Бессонов аатынан Тойбохойдооҕу орто оскуола, 2 «А» кылаас.

    Уруок темата:


    Үчүгэйтэн үөрэбит – куһаҕантан хомойобут.

    Ааҕыллар айымньы:


    Суорун Омоллоон «Доҕордуулар»

    УМК (учебник аата, автора)


    «Литература ааҕыыта» Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова

    Уруок тиибэ:


    Айымньыны ааҕыы, ырытыы уруога

    Учуутал сыала:

    Оҕолор Суорун Омоллоон – Доҕордуулар диэн айымньыны табатык уонна өйдөбүллээхтик ааҕалларыгар, ырыталларыгар, сүрүн ис хоһоонун өйдүүллэригэр үөрэх дьарыгын тэрийии.

    Оҕо соруга:


    Суорун Омоллоон «Доҕордуулар» диэн айымньыта туохха үөрэтэрий? Доҕор диэн кимий?

    Уруок түмүктэрэ:

    лр/

    1.Предмети үөрэтии түмүктэрэ:

    Ааҕыы үөрүйэхтэрэ: табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.

    Тиэкиһи кытта үлэ үөрүйэхтэрэ: айымньы ис хоһоонун өйдүүр, тиэкистэн туох эмэ ойууланар кэрчиктэрин булан ылан ааҕар, сүрүн санааны өйдүүр буолуу.


    2. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:

    • Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:

    -Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр;

    -Үөрэх дьарыгар туруоруллубут сыалы уонна соругу ситиһэргэ бэйэни сатаан хонтуруолланар, бэйэ уонна атын киһи үлэтин сөптөөхтүк сыаналыыр.


    • Билэр-кѳрѳр сатабыл:

    -Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар;

    -Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар.

    -Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар;

    -Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.

    • Бодоруһар сатабыл:

    -Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    3.Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ:

    - Доҕор туһунан өйдөбүлү ылыныы, доҕордоһуу суолтатын өйдөөһүн.


    Уруок хамыыта


    Уруок этаптара

    Учуутал дьарыга

    (сорудахтар, ыйытыылар)

    Үөрэнээччи дьарыга

    Үөрэтии ньымалара,

    тэрийэр формата

    Түмүгэ

    1. Тэрээһин чааһа

    -Үтүө күнүэн.Үөрэнэргэ бэлэмнэннибит.

    - Билигин группанан улэлиэхпит уонна оонньуохпут, ааҕыахпыт. Бол5ойон олорон истэбит сорудахтары.

    Ааспыт уруокка биһиги биир разделбытын бүтэрбиппит. Эһиги партаҕытыгар кэмбиэргэ биһиги суруйааччыларбыт ааттара уонна айымньылар бааллар.

    Оонньуу (үөрэххэ талаһыыны үрдэтэр дидактическай оонньуу)

    Эһиэхэ 2 мүнүүтэ бэриллэр.

    Сорудаҕа: Сорудаҕы болҕойон ааҕын.

    1 группа. 1) Баал Хабырыыс ханнык айымньытын аахпыккытый? 2) Бу ханнык ааптар суруйбут айымньытай «Булчут ыт».

    2 групп. 1) Семен Данилов ханнык айымньытын аахпыккытый? 2) Бу ханнык ааптар суруйбут айымньытай «Хотой уонна куоска»

    3 группа. 1) Егор Собакин ханнык айымньытын аахпыккытый?

    2) Бу ханнык ааптар суруйбут айымньытай «Бастакы хаар уонна барабыай»?

    Группаннан бэйэ бэйэни бэрибиэркэлээһин.

    Үтүө күнүнэн.

    Сорудаҕы өйдөөн истээлэр.
    1 группа.

    1) Баал Хабырыыс ханнык айымньытын аахпыккытый?________ 2) Бу ханнык ааптар суруйбут айымньытай «Булчут ыт»._________

    2 групп.

    1) Семен Данилов ханнык айымньытын аахпыккытый?_______ 2) Бу ханнык ааптар суруйбут айымньытай «Хотой уонна куоска»_________

    3 группа.

    1) Егор Собакин ханнык айымньытын аахпыккытый?___________________

    2) Бу ханнык ааптар суруйбут айымньытай «Бастакы хаар уонна барабыай»?______________________


    Алтыһыы көрүҥэ: Бары бүттүүн.

    -Үөрэнэр санааны үрдэтии.

    -Кэпсэтии

    -Ыйытыы ньымата

    -Оонньуу ньымата

    -Группаннан үлэ

    Үөрэнэргэ бэлэмнэнии, бэрээдэктэнии, оҕолор үөрэнэр санаалара үрдээһин.

    2. Үөрэнэр соругу туруоруу

    Сыала:

    Уруок тиэмэтигэр тахсыы


    1.Уруок тиэмэтигэр таһаарар түгэн

    Эһиэхэ билигин мин өс хоһооннору биэриэм эһиги кинилэри саһылыахтааххыт уонна хайдах өйдүүргүтүн группаннан ырытан баран кэпсиигит.

    Дидактическай оонньуу.

    1 группа. Айан киһитэ аргыстаах, суол киһитэ доҕордоох.

    2 группа. Үтүө киһи үгүс доҕордоох.

    3 группа. Атас туһугар атах тостор.

    Маладьыастар бары үчүгэй баҕайытык өс хоһоонун саһылаан, ырытан быһаардыгыт.

    2.Уруок соругун туруоруу

    -Оҕолор, таайбыккыт буолуо бүгүн туох туһунан кэпсээн ааҕарбыт.

    -Бу хартыынаны көрдүбүт эрэ. Бу кимий.



    Суорун Омоллоон толору аата ким диэний ?

    - Кини туһунан тугу билэҕит ?

    - Ханнык айымньыларын аахпыккытый ?

    Бүгүн биһиги Суорун Омоллоон «Доҕордуулар» кэпсээнин ааҕыахпыт.

    - Бу кэпсээн туох туһунан буолуой ?( Оҕолор эппиэттэрин дуоскаҕа суруйан иһии)

    - Кэпсээммит уонна биһиги ырыппыт өс хоһооннорбут туох сибээстээхтэрэ буолуой ?

    Түмүк : ол аата биһиги санаабыт маннык эбит ( Дуоскаҕа эппиэттэр)

    - Аны ким санаатын биһиги билиэхтээхпитий ?( Ааптар)

    -Мин эһиэхэ кини туһунан кылгастык кэпсиэм.

    Дмитрий Кононович Сивцев-саха норуодунай суруйааччыта.

    - 1906 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.

    - 1926 с. «Хагдарыйбат ньургуһун» бастакы хоһооно тахсыбыта.

    Драматург, прозаик уонна поэт быһыытынан биллэр. Саха остуоруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары айан, ыччаты иитиһээччи.

    - Чөркөөхтөөҕү полит-сыылка музейын тэрийбитэ.

    - Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» музейын туттарбыта.

    - Ытык Күөлгэ Хадаайытааҕы музейы аспыта.

    -Чэ эрэ, бүгүн ааҕар айымныбыт аатын уонна суруйааччытын тэтэрээппитигэр суруйдубут эрэ.

    -Бүгүннү уруокпутугар ханнык сыал-сорук туруорунабыт?

    Оҕолор группаннан үлэлиилэр. Сепке өс хоһоонун саһылаан ырыталлар.

    - доҕор туһунан буолуо.
    - суруйааччы.

    Оҕолор бэйэлэрин санааларын үллэстэллэр.


    • ааҕабыт, кэпсэтэбит, ырытабыт.

    Алтыһыы көрүҥэ: Бары бүттүүн.

    -Ыйытыы ньымата

    -Кэпсэтии

    -Быһаарыы

    Тылынан хонтуруол

    -Группана үлэ

    -Ойуу көрдөрүү


    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр.

    3. Үөрэнэр соругу толоруу

    Сыала:

    Айымньыны ылыныыга бэлэмнээһин

    3.1 Тиэкси кытта айымньыны ааҕыах иннинэ үлэ

    Оонньуу “Айар улэ”

    Сорудах: Ойуулары уонна көмө тыллары туһанан кылгастык кэпсииргэ группанан бэлэмнэнин.

    1 группа. Сайын, оҕолор, мээчик, сибэкки,кыргыттар, уолаттар,күн,массыына.

    2 группа. Куоска,оҕолор, кубик,оонньуур, массыына,юла.

    3группа. Саас,оҕолор,хаар киһи, ханьыһар,сылаас күн.
    Маладьыастар, үчүгэй кэпсээннэри иһиттибит.

    Доҕордуулар тустарынан.

    Кэпсээни өйдөөн ааҕабыт.

    1 группа



    2 группа



    3 группа




    Алтыһыы көрүҥэ:

    Бары бүттүүн, биирдиилээн.

    -Кэпсэтии

    -Хонтуруол

    -Ыйытыы ньымата

    -Оонньуу ньымата



    Үөрэх дьарыгар туруоруллубут сыалы уонна соругу ситиһэргэ бэйэни сатаан хонтуруолланар, бэйэ уонна атын киһи үлэтин сөптөөхтүк сыаналыыр.

    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.




    3.2.Айымньыны кытта билсиьии уонна ырытыы

    Оҕолор, бары кинигэбитин 145 сирэйгэ арыйабыт испитигэр ааҕабыт.

    Ааҕан баран туох толкуйга кэллигит?

    - Хайдах быһыы манна көһүннэ?

    - Айымньы сүрүн санаатын биир этиинэн этиэххит этэ дуо?

    3.3.Тиэкси кытта айымньыны ааҕан баран үлэ.

    Билигин эһиэхэ бөлөгүнэн үлэлииргитигэр сорудах биэриэм.(Учуутал тест биэрэр.

    1. Стасик хаһыс кылааска үөрэнэрий?

    -маҥнайгы

    -үһүс

    -төрдүс

    1. Айымньыга дьыл хайа кэмэ кэпсэнэрий?

    -кыһын

    -саас

    -сайын

    -күһүн

    1. Оскуолаттан дьиэтигэр ким бастаан кэлэр этэй?

    -Стасик

    -Ньукууча

    -Толя

    1. Толя ханнык омугуй?

    -саха

    -нуучча

    -эбэҥки

    1. Стасик доҕорун ханна көрдүү  барбытай?

    -хонууга

    -ойуурга

    -үрэххэ

    1. Стасик Ньукууча сиикэйгэ түспүтүн көрөн баран, тугу гынна?

    -дьону ыҥыра сүүрдэ

    -мууска сүүрэн киирдэ

    -хаһыытаата

    1. Стасик табаарыһын быыһаары сыыр үрдүттэн тугу булла?

    -хаптаһыны

    -ураҕаһы

    -быаны

    1. Стасик мууска сыылан киирэн, Ньукуучаҕа ураҕаһын кытта тугун уунна?

    -курун

    -быатын

    -таҥаһын

    1. Толя тиийэн кэлэн, Стасигы тугуттан тарта?

    -таҥаһыттан

    -атаҕыттан

    -илиититтэн

    Бэрибиэркэлээһин

    Хартыынанан үлэ

    1.Хартыынаҕа кими көрөбүтүй?

    2.Оҕолор тугу гыналларый ?

    3.Ньукууча сирэйэ хайдаҕый ?

    4.Стасик тугу гынарый ?

    5. Хартыынаҕа көстөр түгэни кэпсээнтэн булан ааҕыҥ.

    6.Маннык түбэлтэҕэ түбэспит эбэтэр истибит буоллаххына, кэпсээ.

    - Арай уолаттар Ньукуучаҕа көмөлөспөтөх буоллуннар.

    -Салгыы хайдах буолуо этэй ?( Бөлөҕүнэн үлэ. Оҕолор мөккүһүүлэрэ.)



    Оҕолор истэригэр ааҕаллар.
    Оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр.

    «Атас туһугар, атах тостор»

    Оҕолор бөлөҕүнэн тест оҥороллор.


    Оттон бэйэ-бэйэни сыаналаныы.

    -оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр.


    Оҕолор бөлөҕүнэн салгыы туох буолбутун ырыы, кэпсэтээһин.

    -Быһаарыы
    -Кэпсэтии
    -Хонтуруол

    -Ыйытыы ньымата

    -Тылынан хонтуруол
    - Сыаналаныы



    Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар.
    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    Табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.

    Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар.

    Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар.

    Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.




    Айымньыны сүрүн санаатын тула кэпсэтии

    -Уолаттары дьиҥнээх доҕордуулар диэххэ сөп дуо ? Тиэкискэ ааптар сүрүн санаата баарый ?

    - Айымньы туохха үөрэттэ ? Дьиҥнээх доҕор хайдах буолуохтааҕый ?



    Оҕолор кэпсэтиигэ кыттыһаллар, санааларын атастаһаллар.

    • Кэпсэтии

    • Ыйытыы




    Кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыыр

    4.Сыаналаныы


    Оҕолор бэйэлэрин өйдөбүллэрин уонна дьарыктарын сыаналаныылара

    Оҕолор бэйэлэрин сыаналаналлар. Кумааҕыга баар таблицаҕа сыана туруораллар.





    Сыаналаныы

    Түмүктээһин.
      1   2   3   4   5   6


    написать администратору сайта