Главная страница
Навигация по странице:

  • Үөрэнэр соругу туруоруу Сыала: Уруок тиэмэтигэр тахсыы 1. Уруок тиэмэтигэр таһаарар түгэн

  • 2.Уруок соругун туруоруу

  • Архип Георгиевич Кудрин – Абаҕыыныскай

  • Үөрэнэр соругу толоруу Сыала: Айымньыны ылыныыга бэлэмнээһин 3.1 Тиэкси кытта айымньыны ааҕыах иннинэ үлэ

  • 3.2.Айымньыны кытта билсиьии уонна чаастарынан ааҕыы, ырытыы.

  • 2 строфаны ырытыыга ыйытыылар

  • 3.3.Тиэкси кытта айымньыны ааҕан баран үлэ.

  • Айымньыны сүрүн санаатын тула кэпсэтии

  • 4.Сыаналаныы Оҕолор бэйэлэрин өйдөбүллэрин уонна дьарыктарын сыаналаныылара

  • Васильева Ф уруоктар. Ыытыллыбыт кнэ Кылаас, оскуола


    Скачать 5.35 Mb.
    НазваниеЫытыллыбыт кнэ Кылаас, оскуола
    Дата30.12.2022
    Размер5.35 Mb.
    Формат файлаdocx
    Имя файлаВасильева Ф уруоктар.docx
    ТипДокументы
    #869284
    страница3 из 6
    1   2   3   4   5   6





    Уруок этаптара

    Учуутал дьарыга

    (сорудахтар, ыйытыылар)

    Үөрэнээччи дьарыга

    Үөрэтии ньымалара,

    тэрийэр формата

    Түмүгэ

    1. Тэрээһин чааһа

    -Чэ эрэ турдубут. Үөрэнэргэ бэлэмнэннибит.

    Төрөөбүт литература ааҕыытын уруога.

    Бары кинигэҕит, тэтэрээккит, уруучукаҕыт баар дуо?
    Чэ эрэ, уруокка олоруу быраабылаларын саныаххайын эрэ. Уруһуйдарбытын көрдүбүт.
    Тэтэрээппитин арыйдыбыт, бүгүҥҥү чыыһыланы суруйдубут.

    -Уруучуканы, тэтэрээти туора уурдубут, миигин болҕойон истэбит. Кылаас иһэ уу-чуумпу.

    Үөрэнээччилэр уруокка олоруу быраабылаларын саныыллар.
    Оҕолор тэтэрээттэригэр чыыһыланы суруйаллар.



    Алтыһыы көрүҥэ: Бары бүттүүн.

    -Үөрэнэр санааны үрдэтии.

    -Кэпсэтии

    -Ыйытыы ньымата

    -Оонньуу

    Үөрэнэргэ бэлэмнэнии, бэрээдэктэнии, оҕолор үөрэнэр санаалара үрдээһин.

    2. Үөрэнэр соругу туруоруу

    Сыала:

    Уруок тиэмэтигэр тахсыы


    1.Уруок тиэмэтигэр таһаарар түгэн

    -Оҕолор, эһиги Саха сиригэр баар ханнык чыычаах туһунан ырыалар, хоһооннор баалларын билэҕитий?

    -Бу уруһуйу көрдүбүт эрэ. Бу ханнык чыычааҕый?

    -Билбэтигит дуо? Оҕолор, биһиги оскуолабытыгар Тихонова Клара Степановна, Таня эбээтэ, салайааччылаах ханнык ырыа ансаамбыла баарый?

    -Ансаамбыл туох аатын ыларый? Ханнык чыычаах эбитий?

    -Эһиги ансаамбылга күөрэгэй туһунан ырыалаах этигит дии?

    -Чэ эрэ, хос припевын ылыахха эрэ.

    2.Уруок соругун туруоруу

    -Оҕолор, биһиги ааспыт уруоктарга кэпсээннэри аахпыппыт дии? Оттон бу ыллыыр ырыаларбыт туох буолан суруллалларый?

    -Бүгүн биһиги хоһоон ааҕыахпыт.

    -Хоһооммут аата «Сааскы ырыа» диэн.

    -Наһаа үчүгэй ыйытыыны ыйыттын. Оҕолор, күөрэгэйбит саас кэлиитигэр сыһыаннаах дуо?

    -Тоҕо?

    -Оҕолор, Лилияны кытта сөбүлэһэҕит дуо?

    -Бу кимий, оҕолор? Билэҕит дуо бу суруйааччыны?



    -Оҕолор, бүгүн ааҕар хоһооммутун бу Архип Георгиевич Кудрин – Абаҕыыныскай суруйбут. Кини Саха сиригэр биллибит поэт, суруйааччы буолар.

    -Чэ эрэ, бүгүн ааҕар айымныбыт аатын уонна суруйааччытын тэтэрээппитигэр суруйдубут эрэ.

    Архип Георгиевич Кудрин – Абаҕыыныскай

    «Сааскы ырыа»

    -Бүгүннү уруокпутугар ханнык сыал-сорук туруорунабыт? Биһиги хоһоону хайдах ааҕыахтаахпытый уонна тоҕо ааҕабытый?

    -Оҕолор, интонациялаахтык уонна эмоциялаахтык диибит дуо? Биһиги сахалыы туох диибитий?

    - Биһиги хоһоонноохтук ааҕыахтаахпыт, өссө?

    -Бу хоһоону тоҕо биһиги өйдүү-өйдүү ааҕабытый?

    -Сыалбытын ситиһиэхпит диэн эрэнэбин.


    Оҕолор ыарырҕаталлар, кыайан хоруйдаабаттар.

    -аа, ити били ырыаһыт чыычаах дии.


    -Ээ, «Күөрэгэй» диэн ансаамбыл.

    -Күөрэгэй чыычаах.

    -Аһаа.
    Оҕолор хос припевын ыллыыллар.


    -хоһоон буолан суруллаллар.


    Оҕо ыйытыыта: Ото тоҕо күөрэгэй туһунан хоһоон буотах дуо?
    -Аһаа.

    -Тоҕо диэтэр чыычаахтар саас буоллаҕына биирдэ кэлэллэр уонна күөрэгэй чыычаах ыллаан саҕалыыр. (Уарова Лилия хоруйдуур).
    -Аһаа.

    Оҕолор ким диэн суруйааччы буоларын кыайан хоруйдаабаттар, билбэттэр.

    Оҕолор тэтэрээттэригэр хоһоон аатын уонна суруйааччы аатын суруйаллар.

    -Биһиги хоһоону интонициялаахтык ааҕыахтаахпыт уонна эмоциялаахтых. (Иванова Дайаана хоруйдуур).
    -Хоһоонноохтук.

    -ис хоһоонун өйдүү-өйдүү уонна табатык.

    -Хоһоонно туох хоһуйуллубутун билээри уонна туохха биһигини оҕолору үөрэтэрин билээри.



    Алтыһыы көрүҥэ: Бары бүттүүн.
    -Ыйытыы ньымата
    -Кэпсэтии
    -Быһаарыы
    Тылынан хонтуруол
    -Ойуу көрдөрүү


    -Ыйытыы ньымата
    -Кэпсэтии



    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр.


    3. Үөрэнэр соругу толоруу

    Сыала:

    Айымньыны ылыныыга бэлэмнээһин

    3.1 Тиэкси кытта айымньыны ааҕыах иннинэ үлэ
    Сорудах: Ойуулары туһанан, саас кэлиитин туһунан сыыс тылы туттубакка, ис хоһоонноохтук, табатык кэпсииргэ бэлэмнэн.




    -Оҕолор, сорудаҕы өйдөөтүгүт дуо?

    -Сыыс тыллары туттубакка кэпсиир диэни хайдах өйдүүгүтүй?

    -Сөп. Оҕолор, түөлбэ тыллары туттубаппыт.


    -һаллыы, ити буоллаҕына игин диэн тыллары туттубаппыт.
    Оҕолор уочаратынан саас туһунан уруһуйдары туһанан кэпсииллэр.



    Алтыһыы көрүҥэ:

    Бары бүттүүн, биирдиилээн.
    -Эрчиллии
    -Быһаарыы
    -Кэпсэтии
    -Хонтуруол
    -Сыанабыл
    -Тылынан хонтуруол
    -Ыйытыы ньымата


    Үөрэх дьарыгар туруоруллубут сыалы уонна соругу ситиһэргэ бэйэни сатаан хонтуруолланар, бэйэ уонна атын киһи үлэтин сөптөөхтүк сыаналыыр.
    Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар.

    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.




    3.2.Айымньыны кытта билсиьии уонна чаастарынан ааҕыы, ырытыы.

    -Оҕолор, билигин эһиэхэ Архип Георгиевич Кудрин – Абаҕыыныскай «Сааскы ырыа» диэн хоһоонун ааҕан иһитиннэриэм.

    Бары кинигэбитин 90 сирэйгэ арыйабыт уонна мин ааҕарбын кытары сирдэтэбит.

    Учуутал хоһоону ааҕар:

    Тымныы кыһын үүрүллэн

    Дьыбар, кыыдаан кыйданна,

    Күндэл сааспыт эргиллэн

    Күммүт күлүм уоттанна.

    Чооруос бэркэ чуочайда,

    Чуучугуруу чуопчаарда.

    Халдьаайыттан чарылаан

    Хаарбыт уута суккуллар,

    Күрүлгэҥҥэ маарыннаан

    Көҥүстэргэ кутуллар.

    Күөрэгэйбит ыллаата,

    Күҥү көрсө тайаарда.

    Оҕо аймах мустуһан

    Көрү-нары түһэрдэ,

    Ойуур устун сырсыһан

    Күөххэ дайан көччүйдэ.

    Кэрии тыаҕа, куулаҕа

    Кэҕэ этэн чоргуйда.

    -Эһиги санааҕытыгар, бу туох туһунан хоһоонуй?

    -Бу хоһоон хайдах уйулҕалааҕый? Үөрүүлээх дуу? Хомолтолоох дуу?

    -Тоҕо иннэ дии санаатыгыт?

    Ырытыы:

    -Чэ эрэ, билигин мин өссө төгүл ааҕабын. Эһиэхэ сорудах бэриллэр: билбэт тылларгытын тэтэрээккитигэр столбигынан түһэ-түһэ суруйан иһэҕит.

    -Ханнык билбэт тыллардааххытый?

    -Билбэт тылларбыт быһаарыыларын сурунан иһэбит.

    1 строфаны ырытыыга ыйытыылар:

    -Туох үүрүллүбүтүй?

    -Хайдах кыһын?

    -Кыыдаан хайаабытый?

    -Хайдах дьыбар?

    -Онтон туох буолбутуй?

    -Хайдах саас?

    -Саас кэлибитигэр айылҕа хайдах уларыйбытый?

    2 строфаны ырытыыга ыйытыылар:

    -Туох суккуллар эбитий?

    -Хантан суккулларый?

    -Хаар уута туохха майгынныырый?

    -Туох ыллаабытый?

    3 строфаны ырытыыга ыйытыылар:

    -Бу строфаҕа туох туһунан этиллэрий?

    -Оҕо-аймай хайаабытый?

    -Туох чоргуйбутуй?

    -Ханна?

    -Кэҕэ диэн хайдах чыычааҕый?

    -Маарыын билбэт тыллары суруйбуккут дии. Билигин ол тылларгытын туттан икки этии толкуйдуугут уонна тэтэрээккитигэр суруйаҕыт.


    Оҕолор учуутал ааҕарын сирдэтэллэр.

    -Саас кэлбитин туһунан хоһоон.
    -үөрүүлээх.

    -Тоҕо диэтэр ааптар саас кэлбитигэр үөрэр курдук.

    Оҕолор билбэт тылларын суруйаллар.

    Оҕолор билбэт тылларын быһаарыытын сурунан иһэллэр.

    -кыһын

    -тымныы

    -кыйдаммыт

    -дьыбар кыыдаан

    -саас кэлбит

    -күндэ
    Оҕолор ыйытыыларга хоруйдууллар, санааларын этэллэр.


    Оҕолор этиилэри толкуйдууллар уонна суруйан баран доргуччу кылаас иннигэр ааҕаллар.



    -Быһаарыы
    -Кэпсэтии
    -Хонтуруол

    -Ыйытыы ньымата

    -Тылынан хонтуруол




    Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар.

    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    Табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.

    Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар.
    Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар.

    Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.




    3.3.Тиэкси кытта айымньыны ааҕан баран үлэ.

    -Аны билигин 91 сирэйи арыйабыт. Туох диэн ааттаах хоһоонуй?

    -Бу хоһоону искитигэр ааҕын эрэ.

    Сорудах: Бу хоһоону ырытыыга икки ыйытыыта толкуйдаан.

    Айымньыны сүрүн санаатын тула кэпсэтии

    -Оҕолор, Архип Георгиевич бу икки хоһоонун ааҕан баран, туох санааҕа кэллигит?

    -Тоҕо саас кэлбитигэр үөрэрий?

    -Ону барытын биһиги айылҕа хайыыр диибитий?

    -Айылҕабыт тымныы кыһыны атааран баран тыллар диибит, оҕолор.

    -Тыллар диэн тылы хайдах өйдүүгүтүй?

    -Сөп. Оҕолор. Толкуйдаан көрүн эрэ, киһи бу тыллыбыт айылҕабытын алдьатыан сөп дуо?

    -Олус сөпкө этэҕит. Биһиги айылҕаны хайыахтаахпытый?

    -Холобур, дьон мас кэрдэллэр дии. Наада буолан кэрдэллэр дуо?

    -Кэрдэр буоллахпына, алдьаппыт маһым оннугар мин тугу гыныахпын сөбүй?

    -Өссө ким атын санаалааҕый?

    -Оҕолор, бу кэрдибит маһым оннугар мин атын маһы олордуннахпына айылҕаны харыстыыбын дуо?

    -Тоҕо иннэ дии саныыгыт?

    -Биһиги айылҕаҕа оччоҕо хайдах сыһыаннаһыахтаахпытый?



    -Күөрэгэй
    Оҕолор хоһоону истэригэр ааҕаллар.

    Оҕолор ыйытыы толкуйдууллар уонна ыйытыылары кылаас оҕолоругар биэрэллэр.

    -Саас кэлбитигэр үөрэр кини
    -хаар ууллар, күн элбэхтэ тахсар, күөрэгэй ыллыыр.

    Оҕолор кыайан хоруйдаабаттар.
    -Сылыйар, ол иһин араас мастар игин сэбирдэхтэнэллэр.

    -Аһаа. Киһи табахтаан баран ойууру уматыан сөп, мастары суох гыныан сөп, баһаарыы ыытар, кыыллары өлөртүүр.

    -харыстыахтаахпыт.

    -Аһаа, дьиэ тутаары, оһох оттоору.

    -ыраастыыгын

    -атын маһы олордоҕун.

    -Аһаа.
    -Тоҕо диэтэр сорох дьоннор быраҕан иһэллэр, өссө табахтыыллар.

    -Харыстабыллаахтык.


    Алтыһыы көрүҥэ: бары бүттүүн, бөлөҕүнэн үлэ.
    -Ыйытыы ньымата
    -Тылынан хонтуруол
    -Хонтуруол
    -Кэпсэтии
    -Быһаарыы
    -Эрчиллии


    Табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.

    Айымньы ис хоһоонун өйдүүр, тиэкистэн туох эмэ ойууланар кэрчиктэрин булан ылан ааҕар, сүрүн санааны өйдүүр буолуу.

    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    Айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии.

    Күөрэгэй диэн Саха сирин күндү чыычааҕа буоларын өйдүүллэр.

    Кыылга-көтөргө харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии.

    4.Сыаналаныы


    Оҕолор бэйэлэрин өйдөбүллэрин уонна дьарыктарын сыаналаныылара

    Дьиэҕэ үлэ: «Саас кэлиитэ» диэн тиэмэҕэ тэтэрээккитигэр уруһуйдаан кэлэҕит.
    -Бүгүн уруокка биһиги ким диэн ааттаах суруйааччы ханнык хоһооннорун аахтыбыт?

    -Эһиги бу хоһооннору ааҕан баран тугу өйдөөтүгүт?

    -Бүгүн уруокка эрээттэр бэрээдэктэрин көрдүбүт эрэ. Шкалабыт хамсаабыт дуо?

    -Ол аата, биһиги хайдах үөрэннибит?


    Оҕолор дьиэҕэ үлэни суруналлар.
    -Архип Георгиевич Кудрин – Абаҕыыныскай «Сааскы ырыа» уонна «Күөрэгэй» диэн хоһооннорун аахтыбыт.

    Оҕолор санааларын этэллэр.

    -Суох.

    -бэрээдэктээхтик уонна элбэҕи биллибит.

    -Кэпсэтии
    -Ыйытыы ньымата
    -Тылынан хонтуруол




    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.


    1   2   3   4   5   6


    написать администратору сайта