Главная страница
Навигация по странице:

  • Үөрэнэр соругу туруоруу Сыала: Уруок тиэмэтигэр тахсыы 1. Уруок тиэмэтигэр таһаарар түгэн

  • Амма Аччыгыйа – Төрдүс «Тоҕо»

  • Үөрэнэр соругу толоруу Сыала: Айымньыны ылыныыга бэлэмнээһин 3.1 Тиэкси кытта айымньыны ааҕыах иннинэ үлэ

  • 3.2.Айымньыны кытта билсиьии уонна чаастарынан ааҕыы, ырытыы.

  • 4.Сыаналаныы Оҕолор бэйэлэрин өйдөбүллэрин уонна дьарыктарын сыаналаныылара

  • Ыытыллыбыт күнэ Кылаас, оскуола

  • Уруок темата: Улахан дьоҥҥо уонна төрүппүттэргэр сыһыан Ааҕыллар айымньы

  • УМК (учебник аата, автора) Литература ааҕыыта” Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова Уруок тиибэ

  • Уруок түмүктэрэ: лр/ 1.Предмети үөрэтии тү м үктэрэ

  • 2. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ: Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл

  • Билэр-к

  • Бодоруһар сатабыл

  • 3.Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ

  • Васильева Ф уруоктар. Ыытыллыбыт кнэ Кылаас, оскуола


    Скачать 5.35 Mb.
    НазваниеЫытыллыбыт кнэ Кылаас, оскуола
    Дата30.12.2022
    Размер5.35 Mb.
    Формат файлаdocx
    Имя файлаВасильева Ф уруоктар.docx
    ТипДокументы
    #869284
    страница5 из 6
    1   2   3   4   5   6




    Уруок этаптара

    Учуутал дьарыга

    (сорудахтар, ыйытыылар)

    Үөрэнээччи дьарыга

    Үөрэтии ньымалара,

    тэрийэр формата

    Түмүгэ

    1. Тэрээһин чааһа

    - Үтүө күнүнэн оҕолор.

    Төрөөбүт литература ааҕыытын уруога.

    Бары кинигэҕит, тэтэрээккит, уруучукаҕыт баар дуо?

    Тэтэрээппитин арыйдыбыт, бүгүҥҥү чыыһыланы суруйдубут.

    -Уруучуканы, тэтэрээти туора уурдубут, миигин болҕойон истэбит.

    Үөрэнээччилэр уруокка олоруу быраабылаларын саныыллар.

    Оҕолор тэтэрээттэригэр чыыһыланы суруйаллар.



    Алтыһыы көрүҥэ: Бары бүттүүн.

    -Үөрэнэр санааны үрдэтии.

    -Кэпсэтии

    -Ыйытыы ньымата

    -Оонньуу

    Үөрэнэргэ бэлэмнэнии, бэрээдэктэнии, оҕолор үөрэнэр санаалара үрдээһин.

    2. Үөрэнэр соругу туруоруу

    Сыала:

    Уруок тиэмэтигэр тахсыы


    1.Уруок тиэмэтигэр таһаарар түгэн

    -Ааспыт уруокка ханнык кэпсээни аахтыбыт этэй?

    -Бүгүн биһиги эмиэ Амма Аччыгыйын айымньытын салгыы ааҕыахпыт.

    -Тоҕо Амма Аччыгыйа төрдүс тоҕо диэбитэ буолуой?То5о үһүс диэбэтэҕэ буолуой?

    2.Уруок соругун туруоруу

    - Бүгүн ааҕар айымныбыт аатын тэтэрээппитигэр суруйдубут эрэ.

    Амма Аччыгыйа – Төрдүс «Тоҕо»

    -Бүгүннү уруокпутугар ханнык сыал-сорук туруорунабыт?

    - Кэпсээни хайдах ааҕабытый?

    -Бу кэпсээни тоҕо биһиги өйдүү-өйдүү ааҕабытый?


    -ааспыт урокка иккис тоҕону аахпыппын.

    -оҕолор ыарҕаталлар эппиэттиэхтэрин.

    -оҕолор тэтэрээттэригэр бэлиэтэнэллэр.


    • Бүгүн биһиги Амма Аччыгыйын кэпсээнин – Төрдүс «Тоҕо» ааҕабыт.

    -ис хоһоонун өйдүү-өйдүү уонна табатык.

    -Кэпсээҥҥэ туох хоһуйуллубутун билээри уонна туохха биһигини оҕолору үөрэтэрин билээри.

    Алтыһыы көрүҥэ: Бары бүттүүн.
    -Ыйытыы ньымата
    -Кэпсэтии
    -Быһаарыы
    Тылынан хонтуруол
    -Ыйытыы ньымата
    -Кэпсэтии

    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр.

    3. Үөрэнэр соругу толоруу

    Сыала:

    Айымньыны ылыныыга бэлэмнээһин

    3.1 Тиэкси кытта айымньыны ааҕыах иннинэ үлэ
    Оонньуу «Түбэспит түгэни ойуулаа» (оҕо тиэкиһи төһө аахпытын, өйдөөбүтүн билэр дидактическай оонньуу).
    -Оҕолор, эһиги дьиэҕитигэр төрдүс тоҕону ааҕан кэлбит буолуохтааххыт. Ол иһин билигин оонньуубут. Эһиги кумааҕы талан ылаҕыт көрбөккө эрэ уонна ол түбэспит түгэннитин бу лиистэргэ уруһуйдуугут.


    -Оҕолор бары түбэспит түгэннэрин уруһуйдууллар, көмүскүүллэр, үлэлэрин дуоскаҕа ыйыыллар.


    -Кэпсэтии
    -Оонньуу ньымата
    -Бэйэ-бэйэни сыаналаныы


    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.





    3.2.Айымньыны кытта билсиьии уонна чаастарынан ааҕыы, ырытыы.

    -Айымньыбытын өссө төгүл бары ааҕабыт.

    -Оҕолор, билигин кэпсээни ааҕабыт бары испитигэр болҕойон олорон.

    -Бары кинигэбитин 158 сирэйгэ арыйабыт уонна сирдэтэбит.

    - Бу айымньыга туох туһунан кэпсэннэ?

    -Дьоруойдар ааттара ким диэннэрий?

    - Эһиги санааҕытыгар Сеня сөпкө гынна дуо?

    -Тоҕо иннэ дии санаатыгыт?

    -бу кэпсээни хас чааска араарыахха сөбүй?

    Ырытыы:

    -Чэ эрэ, билигин кэпсээни бары уочарытынан аа5абыт бары сирдэтэн олоробут.

    -Коля дьоно кимнээхтиин ыаллаһан олорор эбиттэрий?

    - Андреевтар ким диэн ааттаах оҕолоохторуй?

    -Коля ийэтиттэн тугу көҥүллэттэ?

    -Оҕолор Коляны хайдах көрүстүлэр?

    -Сеня ийэтэ үөрүүтүттэн тугу тэрийэ барда?

    -Оҕолор хйыы сылдьаллар?

    - Сеня балтытыгар Музаҕа туох диэтэ?

    - Муза абаламмыт быһыытынан туох диэн эттэ Сеняга?


    Оҕолор чуумпуран олорон истэригэр ааҕаллар.



    • Икки уол туһунан.

    • Сеня, Коля, Муза.

    • Суох сыыһа гынна. Киһи табаарыһыгар эрэниэхтээх.

    • Икки чааска эбэтэр үс.



    • Андреевтар кытта ыаллаһан олороллор.

    • Сеня уонна Муза.

    • Биир баскыһыанньа Сенялаахха дьаарбайа тахсаары.

    • Оҕолор сүрдээхтик үөрэ көрүстүлэр.

    • Куукунаҕа остуол бэлэмнии барда ыалдьыттарын аһатаары.

    • Ити уол оонньууру ылыаҕа, үчүгэйдик көрө сырыт диэн.

    • Сеняга хайдах доҕоргун инник саныыгыный диэтэ.



    -Быһаарыы
    -Кэпсэтии
    -Хонтуруол

    -Ыйытыы ньымата

    -Тылынан хонтуруол



    Тэҥниир, ырытар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар.
    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    Табатык, өйдөбүллээхтик ааҕыы.

    Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар.

    Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар.

    Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.




    Айымньыны сүрүн санаатын тула кэпсэтии
    -Оҕолор, Амма Аччыгыйын кэпсээнин ааҕан баран, туох санааҕа кэллигит?



    • Оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр.





    Алтыһыы көрүҥэ: бары бүттүүн, бөлөҕүнэн үлэ.

    -Ыйытыы ньымата

    -Тылынан хонтуруол

    -Хонтуруол

    -Кэпсэтии

    -Быһаарыы

    -Эрчиллии


    Табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.

    Айымньы ис хоһоонун өйдүүр, тиэкистэн туох эмэ ойууланар кэрчиктэрин булан ылан ааҕар, сүрүн санааны өйдүүр буолуу.

    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    Айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии.

    Күөрэгэй диэн Саха сирин күндү чыычааҕа буоларын өйдүүллэр.

    Кыылга-көтөргө харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии.


    4.Сыаналаныы


    Оҕолор бэйэлэрин өйдөбүллэрин уонна дьарыктарын сыаналаныылара
    Оонньуу «Көрдөөх сыаналаныы».


    • Оҕолор, билигин мин муусука тыаһатабын.

    • Түргэн муусука тыаһаатаҕына эһиги бу уруокка сыалгытын ситиспиппит диэн уонна ону үөһээ ытыскытын таһына-таһына ыстаналаан көрдөрөҕүт.

    • Бытаан муусука тыаһаатаҕына эһиги бу уруокка тугу даҕаны өйдөөбөтөх буоллаххытына олороҕут, оттон өйдөөбүт буоллаххытына ыстаналыы тураҕыт.


    -Оҕолор оонньуу көмөтүнэн бэйэлэрин сыаналаналлар.

    Оҕолор бары ытыстарын таһына-таһына ыстаналыы турдулар, ол аата уруок түмүгэ барыта ситиһиллибит.

    -Кэпсэтии
    -Ыйытыы ньымата
    -Тылынан хонтуруол




    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.



    5) Аа5ыы уруога

    Ыытыллыбыт күнэ

    Кылаас, оскуола:


    29.04.21

    Г.Е.Бессонов аатынан Тойбохойдооҕу орто оскуола, 2 «А» кылаас.

    Уруок темата:


    Улахан дьоҥҥо уонна төрүппүттэргэр сыһыан

    Ааҕыллар айымньы:


    Курилов Гаврил Николаевич – Улуро Адо “Иранал”диэн айымньы..

    УМК (учебник аата, автора)


    Литература ааҕыыта” Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова

    Уруок тиибэ:


    Айымньыны ааҕыы, ырытыы уруога

    Учуутал сыала:

    Оҕолор Курилов Гаврил Николаевич -Улуро Адо “Иранал” диэн айымньыны табатык уонна өйдөбүллээхтик ааҕалларыгар, ырыталларыгар, сүрүн ис хоһоонун өйдүүллэригэр үөрэх дьарыгын тэрийии.

    Оҕо соруга:


    Оҕолор Курилов Гаврил Николаевич -Улуро Адо “Иранал” диэн кэпсээнигэр туох туһунан кэпсэнэрий? Бу кэпсээн туохха үөрэтэрий?

    Уруок түмүктэрэ:

    лр/

    1.Предмети үөрэтии түмүктэрэ:

    Ааҕыы үөрүйэхтэрэ: табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.

    Тиэкиһи кытта үлэ үөрүйэхтэрэ: айымньы ис хоһоонун өйдүүр, тиэкистэн туох эмэ ойууланар кэрчиктэрин булан ылан ааҕар, сүрүн санааны өйдүүр буолуу.


    2. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:

    • Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:

    -Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр;

    -Үөрэх дьарыгар туруоруллубут сыалы уонна соругу ситиһэргэ бэйэни сатаан хонтуруолланар, бэйэ уонна атын киһи үлэтин сөптөөхтүк сыаналыыр.


    • Билэр-кѳрѳр сатабыл:

    -Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар;

    -Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар.

    -Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар;

    -Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.

    • Бодоруһар сатабыл:

    -Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    3.Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ:

    Бу айымньы оҕолору улахан дьону ытыктыырга, кинилэр кырыйдахтарына көрөргө-истэргэ, киһиэхэ харыстабыллаах сыһыаннаах буоларга үөрэтэр.
    1   2   3   4   5   6


    написать администратору сайта