Главная страница
Навигация по странице:

  • Үөрэнэр соругу туруоруу Сыала: Уруок тиэмэтигэр тахсыы 1. Уруок тиэмэтигэр таһаарар түгэн

  • 2.Уруок соругун туруоруу

  • Курилов Гаврил Николаевич - Улуро Адо «Иранал»

  • Үөрэнэр соругу толоруу Сыала: Айымньыны ылыныыга бэлэмнээһин 3.1 Тиэкси кытта айымньыны ааҕыах иннинэ үлэ

  • 3.2.Айымньыны кытта билсиьии уонна чаастарынан ааҕыы, ырытыы.

  • Ырытыы: -Чэ эрэ, билигин кэпсээни бары уочарытынан аа5абыт бары сирдэтэн олоробут. 1 абзац ырытыы боппуруостар.

  • 2 абзац ырытыы боппуруостар.

  • 3 абзац ырытыы боппуруостар.

  • 4.Сыаналаныы Оҕолор бэйэлэрин өйдөбүллэрин уонна дьарыктарын сыаналаныылара

  • Васильева Ф уруоктар. Ыытыллыбыт кнэ Кылаас, оскуола


    Скачать 5.35 Mb.
    НазваниеЫытыллыбыт кнэ Кылаас, оскуола
    Дата30.12.2022
    Размер5.35 Mb.
    Формат файлаdocx
    Имя файлаВасильева Ф уруоктар.docx
    ТипДокументы
    #869284
    страница6 из 6
    1   2   3   4   5   6




    Уруок этаптара

    Учуутал дьарыга

    (сорудахтар, ыйытыылар)

    Үөрэнээччи дьарыга

    Үөрэтии ньымалара,

    тэрийэр формата

    Түмүгэ

    1. Тэрээһин чааһа

    - Үтүө күнүнэн оҕолор.

    Литература аа5ыытын бэлэмнээтибит. Бары кинигэҕит, тэтэрээккит, уруучукаҕыт баар дуо?

    Тэтэрээппитин арыйдыбыт, бүгүҥҥү чыыһыланы суруйдубут.

    -Уруучуканы, тэтэрээти туора уурдубут, миигин болҕойон истэбит.

    Үөрэнээччилэр уруокка олоруу быраабылаларын саныыллар.

    Оҕолор тэтэрээттэригэр чыыһыланы суруйаллар.



    Алтыһыы көрүҥэ: Бары бүттүүн.

    -Үөрэнэр санааны үрдэтии.

    -Кэпсэтии

    -Ыйытыы ньымата

    -Оонньуу

    Үөрэнэргэ бэлэмнэнии, бэрээдэктэнии, оҕолор үөрэнэр санаалара үрдээһин.

    2. Үөрэнэр соругу туруоруу

    Сыала:

    Уруок тиэмэтигэр тахсыы


    1.Уруок тиэмэтигэр таһаарар түгэн

    -Оҕолор, эһиги Саха сиригэр баар ханнык кыыллар тустарынан кэпсээннэри билэҕитий?



    Бу уруһуйу көрдүбүт эрэ. Бу ханнык кыылый?Туох о5отой?

    Таба о5отун туох диэн ааттыылларын билэ5ит дуо?

    Ханнык улуустар таба ииттэллэрий Саха сиригэр.

    О5олор, эһиги табаны ханна эмэ көрбүккүт дуо?

    2.Уруок соругун туруоруу

    Бу кимий, оҕолор? Билэҕит дуо бу суруйааччыны?



    -Оҕолор, бүгүн ааҕар кэпсээммитин бу Курилов Гаврил Николаевич – Улуро Адо суруйбут. Кини Саха сиригэр биллибит поэт, суруйааччы буолар.

    Кэпсээммит аата «Иранал» диэн. Тэтэрээппитигэр бүгүн ааҕар айымныбыт аатын уонна суруйааччыны суруйдубут.

    Курилов Гаврил Николаевич - Улуро Адо «Иранал»

    -Бүгүннү уруокпутугар ханнык сыал-сорук туруорунабыт?

    - Кэпсээни хайдах ааҕабытый?

    -Бу кэпсээни тоҕо биһиги өйдүү-өйдүү ааҕабытый?


    -оҕолор ыарҕаталлар эппиэттиэхтэрин.

    Таба о5ото.

    -Суох.
    -Эбээннэр.
    - Оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр.

    - Оҕолор ыарырҕаталлар, кыайан хоруйдаабаттар.

    Бүгүн биһиги Улуро Адо кэпсээнин «Иранал» ааҕабыт.

    -ис хоһоонун өйдүү-өйдүү уонна табатык.

    -Кэпсээҥҥэ туох хоһуйуллубутун билээри уонна туохха биһигини оҕолору үөрэтэрин билээри.

    Алтыһыы көрүҥэ: Бары бүттүүн.
    -Ыйытыы ньымата
    -Кэпсэтии
    -Быһаарыы
    Тылынан хонтуруол
    -Ыйытыы ньымата
    -Кэпсэтии

    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр.

    3. Үөрэнэр соругу толоруу

    Сыала:

    Айымньыны ылыныыга бэлэмнээһин

    3.1 Тиэкси кытта айымньыны ааҕыах иннинэ үлэ
    Оонньуу «Айар оонньуу».


    • Хас биирдии оҕоҕо кэнбиэр түҥэттим. Туох баарый?

    • Бу эһиэхэ ойуу чаастара бэриллибиттэр аппликация дэнэр. Эһиги сыалгыт – бу чаастарынан ойуу таһаараҕыт.


    -Туох таҕыста?
    -Дьэ бу тугут бүгүн ааҕар айымньыбыт эмиэ биир сүрүн дьоруойа. Өссө элбэҕи билиэххитин баҕараҕыт дуо бу тугут туһунан?
    -Бу тугуткутун бүгүннү тиэмэбит аннытыгар килиэйинэн сыһыаран кэбиһэбит.




    • Ойуулар, кырыллыбыттар.


    -Тугут.
    -Аһаа.


    Оҕолор айар оонньууга кыттан тугут фигуратын онордулар уонна тэтэрээттэригэр сыһыардылар.


    -Оонньуу ньымата






    • Айар үлэ түмүгүнэн оҕолор илиилэрэ, тарбахтарын туттунуута сайдар.




    3.2.Айымньыны кытта билсиьии уонна чаастарынан ааҕыы, ырытыы.

    -Оҕолор, билигин кэпсээни мин ааҕыам эһиги болҕойон истин.

    -Бары кинигэбитин 160 сирэйгэ арыйабыт уонна мин ааҕарбын кытары сирдэтэбит.

    - Кэпсээн аата эһиэхэ тугу этэрий? Туох туһунан буолуой?

    - Кэпсээн интириэһинэй дуо?

    Ырытыы:

    -Чэ эрэ, билигин кэпсээни бары уочарытынан аа5абыт бары сирдэтэн олоробут.

    1 абзац ырытыы боппуруостар.

    - Кыра тугут бастаан хайдах буолар эбитий?

    -Оттон улаатан истэҕэ тугут хайдах буолар эбитий?

    -Уол туох диэн санаага кэлбитий?

    2 абзац ырытыы боппуруостар.

    -Иранал диэн кимий?

    -Уол тугутун таптаан айанныырыгар хайдах гынар эбитий?

    - Тугута улаатан баран хайыыр эбитий?

    -Уол тугутун хайдах бүөбэйдиир эбитий?

    3 абзац ырытыы боппуруостар.

    -Уол туохтан куттаата тугутугар?

    -Улахан дьон туохтан күлсүбүттэрий?

    -Уол туох диэн санаага кэллэ?



    Оҕолор чуумпуран олорон истэригэр ааҕаллар.


    • Тугут уонна уол ого туһунан кэпсээн.

    • Интириэһинэй.


    -Тугут кыра эрдэ5э киһиэхэ сыҥааҕын, ойоҕоһун, кулгааҕын тарбатааччы.

    -Аттыгар чугаһаатахха ыстанан хаалар эбит.

    -Миигиттэн куттанар дии саныыр эбэтэр киьи сытын абааһы көрөр.

    -Иранал диэн бычыкаайык тугут.

    -Сыарҕаҕа айанныырыгар аттытыгар сытыаран айанныырын сөбүлүүр эбит уол.

    -Киниттэн куота сылдьар буолбут уонна өссө биирдэ быһа тэбж сыспыт.

    -Илиитинэн аһатар уонна атын тугуттар кини үүтүн иһээри гыннага уол киэр кыйдыыр эбит.
    -Тугута тэйбитин иһиттэн уол санаата түһэн кыыһыра сылдьыбыт.

    -Туохтан кыыһырбытын истэн баран дуоһуйуохтарыгар диэри күлсүбүттэр.

    -итиннэн туох киһи күлүө баарый, өскөтүн улаатан баран төрүппүттэргиттэн тэйдэххэ. кинилэр сөбүлүөхтэрэ дуо диэн санааны эттэ.



    -Быһаарыы
    -Кэпсэтии
    -Хонтуруол

    -Ыйытыы ньымата

    -Тылынан хонтуруол



    Тэҥниир, ырытар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар.
    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    Табатык, өйдөбүллээхтик ааҕыы.

    Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар.

    Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар.

    Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.




    Айымньыны сүрүн санаатын тула кэпсэтии

    Улура Адо кҕэпсээнин ааҕан баран туох диэн санаага кэллигит?

    Ааптар тугу этэ сатаата бу кэпсээнинэн?





    • Оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр.





    Алтыһыы көрүҥэ: бары бүттүүн, бөлөҕүнэн үлэ.

    -Ыйытыы ньымата

    -Тылынан хонтуруол

    -Хонтуруол

    -Кэпсэтии

    -Быһаарыы

    -Эрчиллии


    Табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.

    Айымньы ис хоһоонун өйдүүр, тиэкистэн туох эмэ ойууланар кэрчиктэрин булан ылан ааҕар, сүрүн санааны өйдүүр буолуу.

    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

    Айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии.

    Күөрэгэй диэн Саха сирин күндү чыычааҕа буоларын өйдүүллэр.

    Кыылга-көтөргө харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии.


    4.Сыаналаныы


    Оҕолор бэйэлэрин өйдөбүллэрин уонна дьарыктарын сыаналаныылара
    Оонньуу «Аптаах буукубалар». Оонньуубут аата «Аптаах буукубалар». Дьэ тоҕо аптаах буукубалара буолуой?

    • Оҕолор, уруокпутун түмүктүүрбүтүгэр оонньоон ылыахха.

    • Эһиэхэ буукубалар кырыллан сыталлар.

    • Бэйэҕит ситиһиигит төһө үчүгэйий? Мөлтөх дуу? Хас биирдии оҕо этии таһаарар бу букубаларынан.


    Оҕолор маннык этиилэри таһаардылар:


    • Мин үчүгэйдик өйдөөтүм.

    • Мин син өйдөөтүм.

    • Мин уруогу сөбүлээтим.


    -Кэпсэтии
    -Ыйытыы ньымата
    -Тылынан хонтуруол
    -Оонньуу ньымата


    Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.


    1   2   3   4   5   6


    написать администратору сайта