|
Васильева Ф уруоктар. Ыытыллыбыт кнэ Кылаас, оскуола
Ыытыллыбыт күнэ
Кылаас, оскуола:
| 09.04.21
Г.Е.Бессонов аатынан Тойбохойдооҕу орто оскуола, 2 «А» кылаас.
| Уруок темата:
| Көрдөөх-наардаах оҕо саас.
| Ааҕыллар айымньы:
| Тимофей Сметанин «Көрөдьүөс күн»
| УМК (учебник аата, автора)
| “Литература ааҕыыта” Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова
| Уруок тиибэ:
| Айымньыны ааҕыы, ырытыы уруога
| Учуутал сыала:
| Оҕолор Тимофей Сметанин “Көрөдьүөс күн” диэн кэпсээни табатык уонна өйдөбүллээхтик ааҕалларыгар, ырыталларыгар, сүрүн ис хоһоонун өйдүүллэригэр үөрэх дьарыгын тэрийии.
| Оҕо соруга:
| Тимофей Сметанин “Көрөдьүөс күн” диэн айымньыта биһигитини туохха үөрэтэрий?
| Уруок түмүктэрэ:
лр/
| 1.Предмети үөрэтии түмүктэрэ:
| Ааҕыы үөрүйэхтэрэ: табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.
| Тиэкиһи кытта үлэ үөрүйэхтэрэ: айымньы ис хоһоонун өйдүүр, тиэкистэн туох эмэ ойууланар кэрчиктэрин булан ылан ааҕар, сүрүн санааны өйдүүр буолуу.
| 2. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:
| Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:
-Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр;
-Үөрэх дьарыгар туруоруллубут сыалы уонна соругу ситиһэргэ бэйэни сатаан хонтуруолланар, бэйэ уонна атын киһи үлэтин сөптөөхтүк сыаналыыр.
| -Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар;
-Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар.
-Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар;
-Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.
| -Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
| 3.Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ:
| Үөрэнээчччилэр оҕо саас хас биир күнэ күндүтүн, туспа көрүдьүөстээҕин уонна интэриэһинэйин өйдүүллэр.
|
Уруок этаптара
| Учуутал дьарыга
(сорудахтар, ыйытыылар)
| Үөрэнээччи дьарыга
| Үөрэтии ньымалара,
тэрийэр формата
| Түмүгэ
| 1. Тэрээһин чааһа
| -Үтүө күнүнэн. Үөрэнэргэ бэлэмнэннибит.
Бары кинигэҕит, тэтэрээккит, уруучукаҕыт баар дуо?
Тэтэрээппитин арыйдыбыт, бүгүҥҥү чыыһыланы суруйдубут.
-Уруучуканы, тэтэрээти туора уурдубут, миигин болҕойон истэбит. Кылаас иһэ уу-чуумпу.
| Үөрэнээччилэр уруокка олоруу быраабылаларын саныыллар.
Оҕолор тэтэрээттэригэр чыыһыланы суруйаллар.
| Алтыһыы көрүҥэ: Бары бүттүүн.
-Үөрэнэр санааны үрдэтии.
-Кэпсэтии
-Ыйытыы ньымата
-Оонньуу ньымата
| Үөрэнэргэ бэлэмнэнии, бэрээдэктэнии, оҕолор үөрэнэр санаалара үрдээһин.
| 2. Үөрэнэр соругу туруоруу
Сыала:
Уруок тиэмэтигэр тахсыы
| 1.Уруок тиэмэтигэр таһаарар түгэн
-Оҕолор, эһиги Саха сиригэр баар ханнык кыыллар билэҕитий?
-Оҕолор, урут биһиги өбүгэлэрбит хайдах аһаан- сиэн олорбуттара буолуой?
Эһиги дьоҥҥут бултууллар дуо?Сир астыылар дуо? Уолаттар аҕаларгытын кытта бултуу бассааччыгыт дуо?
-Бу уруһуйу көрдүбүт эрэ. Бу ханнык кырачаан кыылый?
-Бу моҕотойу ханна көрөөччүгүтүй? Мо5отойу өссө ким дииллэрэ буолуой?
Оонньуу «Игирэтин бул» (үөрэххэ талаһыыны үрдэтэр дидактическай оонньуу).
-Оҕолор, билигин оонньуу буолар. Аата «Игирэтин бул» диэн. Иккилии буолан үлэлиигит. Ким бастакы игирэ тыллары булбут илиитин уунар. Үс миэстэ тахсар.Кыайбыт хамаандаларга смайлик-фишка бэриллэр.
Карточка 1.
Моҕотой Ыччалырас
Тилигирии Ралаыры
Сарылаччы Йотоҕом
Булчут Кытасмыс
Ырыалар Ииригилит
Сымсатык Тучлуб
- Бу тыллартан ханнык тыллары билэҕитий? -Бу тыллары биһиги бүгүн ааҕар айымньыбытыгар көрсүөхпүт.
2.Уруок соругун туруоруу
О5олор бүгүн биһиги биир эмиэ наьаа үчүгэй кэпсээн ааҕыахпыт.
Эһиги санааҕытыгар туохха сыһыаннааҕа буолуой?
-Бүгүҥҥү айымньыбыт аата Көрөдьүөс күн диэн ааттаах.
- бу хаартыскаҕа ханнык ааптар олороруй?
. -Оҕолор, бүгүн ааҕар кэпсээммитин Тимофей Егорович Сметанин суруйбут. Кини Саха сиригэр биллибит поэт, суруйааччы буолар.
-Чэ эрэ, бүгүн ааҕар айымныбыт аатын уонна суруйааччытын тэтэрээппитигэр суруйдубут эрэ.
Тимофей Егорович Сметанин
«Көрөдьүөс күн»
-Бүгүннү уруокпутугар ханнык сыал-сорук туруорунабыт?
-Сөрү-сөп. Биһиги хоһоонноохтук ааҕыахтаахпыт, өссө?
-Бу кэпсээни тоҕо биһиги өйдүү-өйдүү ааҕабытый?
-Сыалбытын ситиһиэхпит диэн эрэнэбин.
|
Оҕолор араас кыыллары этэллэр.
Ойуурга бултаан, балыктаан, отонноон. О5олор бэйэлэрин санааларын этэллэр.
- бу мо5отой.
Оҕолор ыарырҕаталлар, кыайан хоруйдаабаттар.
- мо5отой уонна булт туьунан буолуо. Оҕолор оонньууллар.
Оҕолор ким диэн суруйааччы буоларын кыайан хоруйдаабаттар, билбэттэр.
Оҕолор игирэ тыллары таайаллар: Моҕотой, тилигирии, сарылаччы, булчут, ырыалар, сымсатык.
Оҕолор тэтэрээттэригэр хоһоон аатын уонна суруйааччы аатын суруйаллар. -Биһиги кэпсээни болҕойон истэбит уонна ааҕабыт.
-ис хоһоонун өйдүү-өйдүү уонна табатык.
-Кэпсээннэ туох хоһуйуллубутун билээри уонна туохха биһигини оҕолору үөрэтэрин билээри.
|
-Ыйытыы ньымата -Кэпсэтии -Быһаарыы Тылынан хонтуруол -Ойуу көрдөрүү
-Ыйытыы ньымата -Кэпсэтии -Оонньуу ньымата
| Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр.
| 3. Үөрэнэр соругу толоруу
Сыала:
Айымньыны ылыныыга бэлэмнээһин
| 3.1.Айымньыны кытта билсиьии уонна чаастарынан ааҕыы, ырытыы уонна оруолларынан оонньооһун
-Оҕолор, билигин эһиэхэ Тимофей Сметанин «Көрөдьүөс күн» диэн кэпсээни ааҕан иһитиннэриэм.
Бары кинигэбитин 148 сирэйгэ арыйабыт уонна мин ааҕарбын кытары сирдэтэбит.
-Эһиги санааҕытыгар, бу туох туһунан кэпсээний?
-Бу кэпсээни тоҕо «Көрөдьүөс күн» диэбитэ буолуой ааптар?
-Тоҕо иннэ дии санаатыгыт?
Ааптар кэпсээни хайдах быһылах гына суруйбутуй?
Ырытыы:
-Чэ эрэ, билигин өссө төгүл бары ааҕабыт. Эһиэхэ сорудах бэриллэр: билбэт тылларгытын тэтэрээккитигэр столбигынан түһэ-түһэ суруйан иһэҕит.
-Ханнык билбэт тыллардааххытый?
-Билбэт тылларбыт быһаарыыларын сурунан иһэбит.
1 чааһы ырытыыга ыйытыылар:
-Ким диэн ааттаах оҕолор баалларый?
-Кинилэр хастарый?
-Мохсоҕол диэн кимий?
- О5олор ойууга хыйыы бардылар?
-Мордьо боотур мо5отой хайдах тахсан кэллэ?
-О5олор мо5отойу көрөн тиит маска хайдах турдулар?
2 чааһы ырытыыга ыйытыылар:
-Харахтара – халааҥҥа, кэтэхтэрэ -тиллэххэ диэн хайдах этиллибитий?
-Моҕотой ханна ыстанна?
- Кеша тугу гынна?
-Моҕотой Кеша илиитин хайаата, доҕордоро хайаатылар?
-Кеша илиитин ытыран баран моҕотойбут ханна куотта?
-Мохсоҕолбут моҕотойу хайаата?
3 чааһы ырытыыга ыйытыылар:
-Оҕолор үөрүү кэнниттэн иккис моҕотойдорун ханна көрдүлэр?
-Сул курбуу маһынан хайдах оҕуста? Ким?
-Хорсун Ваня мо5отойу ханна угунна уонна хайдах?
-Охсуллубут туймаарбыт мо5отойбут хайаан кэллэ?Хайдах мөҕүстэ?
- Ваня тоҕо ытааты?
-Сарай- марай ыстаммыт мо5отойу Мохсоҕол хайаата?
-О5олор туохтан дэлби үөрдүлэр.
3.2.Тиэкси кытта айымньыны ааҕан баран үлэ.
Оҕолор биһиги кэпсээни ырыттыбыт үчүгэйдик мин эьиэхэ сорудах биэрэбин.
Сорудах: Билигин бөлөҕүнэн үлэлиигит.
Уонна оруолларынан арахсан кэпсээни кэпсииргэ бэлэмнэнин.
Эһиги сыалгыт артыыстаан, оҕолор хайдах тутталларын барытын көрдөрүөхтээххит уонна ис хоһоонун.
Маладьыастар бары наһаа үчүгэйдик кэпсээни артыыстаан, ис хоһоонун арыйдыгыт.
|
Оҕолор учуутал ааҕарын сирдэтэллэр.
О5олор уонна мо5отой уонна о5олор бултарын туьунан күн.
-оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр.
-Тимофей Сметанин кэпсээни хоһоону суруйар курдук суруйбут эбэтэр үгэ курдук.
Кеша, Катя,Ваня, Таня. 4 Оҕолор ыттара Бултуу, моҕотойдуу Дьирибинээн таҕыста. Тиити тула турдулар.
Харахтара үөһээ, кэтэхтэрэ аллараа. Чөҥөчөккө Чөҥөчөк иһин хаста уонна хаба тардан ылла. Сытыы тиистэринэн ытыран, Кешаны хаьыытатта. Мохсоҕол сымсатык туттан моҕотойго ыстанна, тутта.
Иккис моҕотой титириккэ тилигирии сылдьар.
Ваня моҕотойу биирдэ охсон дөйүттэ.
Ваня хабан ылан сиэбигэр хараҕалаан кэбистэ. Моҕотой уһуктан кэллэ. Тилигирээтэ. Кутталыттан ытаата. Ситэн ылан тиискэ түһэрдэ. Бултуйан.
-Оҕолор оруолларга арахсан кэпсээни артыыстаан ис хоһоонун арыйан кэпсииллэр.
|
-Быһаарыы -Кэпсэтии -Хонтуруол
-Ыйытыы ньымата
-Тылынан хонтуруол
Алтыһыы көрүҥэ: бары бүттүүн, бөлөҕүнэн үлэ.
|
Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар.
Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
Табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.
Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар. Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар.
Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.
Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, оруолларынан арахсан сатаан кэпсээһин.
|
| Айымньыны сүрүн санаатын тула кэпсэтии
-Оҕолор, Тимофей Сметанин кэпсээнин ааҕан баран, туох санааҕа кэллигит?
-Ааптар тоҕо айымньыны көрөдьүөс күн диэн аатаабытый?
|
-Доҕор диэн киьи эрэ буолбат, биьиги иитэр кыыларбыт эмиэ доҕор буолаллар.
- оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр.
| -Ыйытыы ньымата
-Кэпсэтии
-Быһаарыы
|
Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
| 4.Сыаналаныы
| Оҕолор бэйэлэрин өйдөбүллэрин уонна дьарыктарын сыаналаныылара Бэйэҕин бүгүҥҥү үлэгин сыаналан 1-10 дылы.
Дьиэ5э үлэ «Мин дьиэтээҥҥи доҕорум» диэн тиэмэгэ 8-9 кылгас өйтөн суруйан кэлэҕит.
|
Оҕолор бэйэлэрин сыаналаналлар.
| -Кэпсэтии -Ыйытыы ньымата -Тылынан хонтуруол
|
Ыытыллыбыт күнэ
Кылаас, оскуола:
| 12.04.21
Г.Е.Бессонов аатынан Тойбохойдооҕу орто оскуола, 2 «А» кылаас.
| Уруок темата:
| Саас кэлиитэ
| Ааҕыллар айымньы:
| Архип Георгиевич Кудрин – Абаҕыыныскай «Сааскы ырыа» диэн хоһооно.
| УМК (учебник аата, автора)
| «Литература ааҕыыта» Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова
| Уруок тиибэ:
| Айымньыны ааҕыы, ырытыы уруога
| Учуутал сыала:
| Оҕолор А.Г.Кудрин – Абаҕыыныскай «Сааскы ырыа» диэн хоһоонун табатык, өйдөбүллээхтик уонна хоһоонноохтук ааҕалларыгар, ырыталларыгар үөрэх дьарыгын тэрийии.
| Оҕо соруга:
| А.Г.Кудрин – Абаҕыыныскай «Сааскы ырыа» диэн хоһоонугар туох хоһуйулларый? Бу хоһоон туохха үөрэтэрий?
| Уруок түмүктэрэ:
лр/
| 1.Предмети үөрэтии түмүктэрэ:
| Ааҕыы үөрүйэхтэрэ: табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.
| Тиэкиһи кытта үлэ үөрүйэхтэрэ: айымньы ис хоһоонун өйдүүр, тиэкистэн туох эмэ ойууланар кэрчиктэрин булан ылан ааҕар, сүрүн санааны өйдүүр буолуу.
| 2. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:
| Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:
-Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр;
-Үөрэх дьарыгар туруоруллубут сыалы уонна соругу ситиһэргэ бэйэни сатаан хонтуруолланар, бэйэ уонна атын киһи үлэтин сөптөөхтүк сыаналыыр.
| -Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар;
-Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар.
-Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар;
-Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.
| -Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
| 3.Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ:
| -Айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии;
-Күөрэгэй диэн Саха сирин күндү чыычааҕа буоларын өйдүүллэр;
-Кыылга-көтөргө харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии.
| |
|
|