Главная страница
Навигация по странице:

  • Үтүі күнүнэн Ньурба улууһун олохтоохторо!

  • Арассыыйаҕа Тыйаатыр сылын

  • Саха сиригэр Сомоҕолоһуу сылын

  • Киһи ис кыаҕын арыйар сылын

  • 2019 с. тохсунньу-сэтинньи ыйдарга улуус экэниэмикэтин сүрүн кірдірүүлэрэ

  • НэҺилиэнньэ, үлэлээх буолуу, олох таһыма

  • д ьон үлэлээх буолуутун үрдэтэргэ уонна урбааны сайыннарарга усулуобуйалары тэрийиигэ улуус бүддьүітүттэн «иные межбюджетные трансферты» (ИБМТ)

  • Муниципальнай баайы-дуолу салайыы

  • Тутуу уонна олорор дьиэ

  • Ыраас уунан хааччыйыыга 5 міл. 218 тыһ. солк. ИМБТ

  • 2018-2019 с. үірэх дьылыгар уопсай орто үірэхтээһин бырагырааматынан судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация

  • Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор кірүүтэ суох сылдьыыларын уонна буруйу оҥорууларын сэрэтии

  • Эппиэкэ уонна попечительство

  • Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтии уонна туоратыы

  • Отчет за 2019 год. 2019 с. Ньурба улууун социальнайэкэнэмиичэскэй сайдыытын тмктэрэ


    Скачать 297.24 Kb.
    Название2019 с. Ньурба улууун социальнайэкэнэмиичэскэй сайдыытын тмктэрэ
    Дата24.05.2023
    Размер297.24 Kb.
    Формат файлаrtf
    Имя файлаОтчет за 2019 год.rtf
    ТипДокументы
    #1157876

    2019 с. Ньурба улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын түмүктэрэ
    Үтүі күнүнэн, убаастабыллаах салайааччылар уонна уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ!

    Үтүі күнүнэн Ньурба улууһун олохтоохторо!
    2019 с. Арассыыйаҕа - Тыйаатыр, Саха сиригэр - СомоҕолоҺуу уонна Ньурба улууһугар КиҺи ис кыаҕын сайыннарыы Сылларынан биллэриллибитэ.

    Арассыыйаҕа Тыйаатыр сылын чэрчитинэн 240 миэстэлээх кірір саалалаах, дьоҕус уонна репетициялыыр саалалардаах, 420 міл. солк. суумалаах Ньурбатааҕы дратеатр дьиэтин тутуу саҕаламмыта. Эбийиэк 2021 с. ахсынньытыгар үлэҕэ киириэҕэ.

    Саха сиригэр Сомоҕолоһуу сылын чэрчитинэн Ньурба улууһугар маннык үлэлэр уонна тэрээһиннэр бардылар:

    1. 2019 с. олунньуга улуус дьаһалтатын, нэһилиэнньэ социальнай кімүскэлин управлениетын, Үлэлээх буолуу киинин, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын уонна Биисинэс-инкубатор икки ардыгар урбааны уонна үлэлээх буолууну сайыннарарга 5 ірүттээх сібүлэһии илии баттаммыта. Бу сібүлэһиинэн социальнай хантараагынан кыаммат дьоҥҥо субсидия биэрии кірүҥүнэн (социальнай кімүскэл управлениета), онтон Үлэлээх буолуу киинигэр бэйэ дьыалатын аһыыга грант кірүҥүнэн, урбааны ійүүр Фондаҕа чэпчэтиилээх сойуомнары биэрии, муниципальнай тэриллиилэртэн сир учаастактарын уонна ИМБТ субсидияларын биэрии кірүҥнэринэн 12 киһиэхэ кімі оҥоһуллубута.

    2 Ыам ыйыгар улуус дьокутааттарын Сүбэтин быһаарыытынан 2032 с. диэри Ньурба улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын Стратегията бигэргэтиллибитэ. Стратегия оҥоруутун сүрүн сыалынан ³р кэмҥэ улуус тутаах социальнай-экэнэмиичэскэй кыһалҕаларын кэлимник быһаарыы, Арассыыйа уонна ³р³спүүбүлүкэ сайдыытын кэскиллэрин кытта ситимнээн улуус сайдыытын приоритетнай бырайыактарын талыы буолбута.

    3. Балаҕан ыйыгар Дьокуускайга Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Феодосий Семенович Донской тіріібүтэ 100 сылыгар анаммыт үірүүлээх тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Манна Чувашия Јріспүүбүлүкэтин кытта телемост ыытыллыбыта, «Были и мы – из Якутии Донской Ф.С., из Чувашии Коннов Ф.Ф.» аахсыйа саҕаламмыта.

    4. Ахсынньыга урбаан, эргиэн уонна туризм миниистирэ Ирина Высоких уонна улуустартан 200-тэн тахса киһи кыттыылаах, «Мин биисинэһим – мин кэскилим» урбаанньыттар зональнай Форумнара ыытыллыбыта. Бүлүү улуустарыттан, Дьокуускайтан 200-тэн тахса киһи кыттыбыта. Планернай мунньахха Форум кыттыылаахтара дьоҕус уонна орто урбааҥҥа судаарыстыбаннай уонна муниципальнай бэлиитикэ сыалларын-соруктарын дьүүллэспиттэрэ.

    Ньурба улууһугар Киһи ис кыаҕын арыйар сылын чэрчитинэн маннык үлэлэр бардылар:

    1. 2018 с. тыыл бэтэрээннэрин, 1 группалаах инбэлииттэри социальнай іттүнэн ійүүргэ, кинилэр олорор услуобуйаларын тупсарыыга саҕаламмыт эбии дьаҺаллар 2019 с. салҕаннылар. Улуус бүддьүітүн суотуттан 20 міл. солк. бэриллибитэ.

    Матырыйаалынай кімі олохтоох дьаһалталар сайаапкаларынан, матырыйаалынай кімі бигэргэтиллибит Бэрээдэгэр сіп түбэһиннэрэн, олорор дьиэлэрэ хааччыллыы киирэригэр уонна ірімүіҥҥэ наадыйар 101 киһиэхэ тыырыллыбыта. Ол иһигэр 45 тыыл бэтэрээнигэр, 1-кы группалаах 50 инбэлииккэ, ДЦП-лаах 5 оҕоҕо уонна 1 бойобуой дьайыылар кыттыылааҕа бэтэрээҥҥэ. Үп туһаныллыыта 19 міл. 600 тыһ. солк. тэҥнэстэ (98%).

    2. 2019 с. навигация кэмигэр Ньурба улууһугар СЈ Тырааныспарга министиэристибэтин кытта Дьаархан-Маалыкай хайысхатынан ірүһүнэн социальнай суолталаах дьону таһыылар оҥоһуллубаттар. "Ленатурфлот - СПК" салгын уйуктаах суудуната 88,8 рейсэни толордо (2018 с. 80 рейс этэ).

    3. «Алмаасэргиэнбааны» кытта элбэх оҕолоох ыаллар оскуолаҕа үірэнэр оҕолоругар Антоновка-Ньурба-Ыраах Убайаан маршрутунан бырайыаһы 25 солк. 5 солк. диэри чэпчэтии механизмын, бырайыас сыанатын 80% толуйууну былааннаан, олоххо киллэрдибит. Быйыл ити биҺирэмнээх уопуту салҕаан, итиэннэ дьон сэҥээрбитин учуоттаан, бу чэпчэтиини хаалларыахпыт уонна категориятын кэҥэтиэхпит - Ньурба к. уонна Антоновка 7-14 саастаах оҕолоругар барытыгар бырайыас 5 солк. буолуоҕа.

    4. Былырыын каадыр резервэтигэр баар 20 эдэр исписэлиис Москваҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга, Уфаҕа уо.д.а. куораттарга дойду бастыҥ преподавателлэрин салалталарынан үірэннилэр уонна стажировканы аастылар. Быйыл бу үлэни салгыахпыт, улуус уочараттаах каадырга резервэтэ үіскэтиллиэҕэ. Талааннаах ыччаттары, салайааччылары уонна эдэр исписэлиистэри буларга анан дьыалабай оонньуулар ыытыллыахтара.

    2019 с. бэлиэ түгэннэринэн буоллулар:

    Бэс ыйыгар Ньурба к. канализационнай-ыраастыыр ыстаансыйаны тутарга концессионнай С³бүлэһии илии баттаммыта, «Ыраас дойду» национальнай бырайыакка киллэриллибитэ. Ньурбаҕа КОС тутуута уонна сыбаалка рекультивацията - Ньурба олохтоохторун үйэ аҥарын устата баҕа санаалара. Бу эбийиэк Ньурба к. кирдээх ууларын кыһалҕатын быһаарарга олус улахан суолталаах. Бырайыага оҥоһуллан, КОС оборудованиета Ньурбаҕа аҕалыллан быйыл тутуута саҕаланыаҕа уонна эһиил бүтү³ҕэ. Маны сэргэ олус сытыырхайан турар Ньурба к. сыбаалката рекультивацияланыаҕа. «Экология»нацпроект «Ыраас дойду» бырайыагын олоххо киллэрии аныгыскы түһүмэҕинэн Ньурба улууһугар кіҥүлэ суох сыбаалка 2021 с. ыраастанан суох оҥоһуллуоҕа. Улууска уонна Ньурба к. ууну аһардыы кииннэммит систиэмэтэ суох, куоракка 90 кэриҥэ автономнай септик баар, балартан сыллата 300 тыһ. кубометр кэриҥэ кирдээх уу таһыллар. Рекультивацияҕа федеральнай бырагырааманан 767 м³л. солк. к³рүллэр.

    От ыйыгар «Күндээдэ» АО «Кириэс» сайылыгар СЈ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин салайааччыларыгар, бухгалтердарыгар, экэнэмиистэригэр сүіһү иитиитин хаһаайыстыбаларын финансовай чэбдигирдиигэ сэминээр-сүбэ мунньаҕы ыыппыта. 15 муниципальнай тэриллииттэн уонна Дьокуускай куораттан 150-ча киһи кыттыбыта. Үірэтэр сэминээргэ сүрүн болҕомто сүіһү иитиитигэр былааннааһын, финансовай чэбдигирдии бырагыраамаларын үбүлээһин бэрээдэктэрин боппуруостарыгар, финансовай чэбдигирии былаанын кірдірүүлэрин кыбаарталлааҕы отчуотунастарын толоруу методикатыгар, сүіһү иитиитигэр бухгалтерскай учуот уратыларыгар, итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин нолуоктааһын тирээн турар боппуруостарыгар, нолуокка чэпчэтиилэргэ уонна преференцияларга туһаайыллыбыта.

    Сэминээр-сүбэ мунньаҕа кытта бииргэ іріспүүбүлүкэҕэ бастыҥ ыанньыксыт (автодойканан ыаһыҥҥа) куонкурус ыытыллыбыта. Күрэхтэһиигэ 12 улуустан 72 ыанньыксыт кыттыбыта. Тус бастыыр иһин кірүҥнэргэ кыайыылаахтар сыаналаах бэлэхтэринэн, хамаанданан бастыыр иһин күрэхтэһии кыайыылаахтара – дизель генератордарынан, «Минскэй» матассыыкылынан, автодойканан наҕараадаламмыттара, оттон кыайыылаах хамаанда Ньурба улууһа туруорбут анал бирииһи – УАЗ-фермер массыынаны сүүйбүтэ.

    Сэтинньигэ Ньурба улууһугар «Бүлүү» федеральнай суол 756-с км-гар Марха ірүһү туоруур муоста үірүүлээхтик аһыллыбыта. Айылҕа-килиимэт ураты тыйыс усулуобуйатыгар, ирбэт тоҥҥо «Бүлүү» федеральнай суолга ірүһү туоруур муоста Марха ірүс икки кытылын холбообута уонна итинэн нэһилиэктэр икки ардыларыгар сылы эргиччи сырыы олохтонорун хааччыйбыта. Марха муостата ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар тутуллубут улахан суолталаах уонна уникальнай эбийиэктэртэн биирдэстэрэ буолар. Учаастак уопсай устата 6,5 км кэриҥэ. Муостанан туорааҺын састаабыгар Марханы туоруур 560 м усталаах сүрүн муоста уонна үрэхтэри туоруур 55 уонна 34 м усталаах 2 муоста киирэллэр.

    2019 с. биир улахан суолталаах түгэнинэн «Ньурбатааҕы экcпресс» волоконнай-оптическай сибээс линиятын үірүүлээхтик холбооһун буолбута. 2018 с. Ньурба улууһун дьаһалтатын уонна «Ростелеком» икки ардыгар түһэрсиллибит сібүлэһии олоххо киириитин түмүгэр, улуус бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, ол иһигэр федеральнай трассаттан тэйиччи сытар нэҺилиэнньэлээх пууннарга эмиэ, түргэн Интэриниэт киирбитэ. 2 сыл иһигэр «Ростелеком» хампаанньа сэлиэнньэлэр истэригэр барбыт үлэни аахпакка туран, 350 км тахса усталаах волоконнай-оптическай сибээс линиятын тардыбыта. ВОЛС аҺардар кыамтата - сікүүндэҕэ 10 Гбит. Телеком-инфраструктура тутуллан, 22 нэһилиэнньэлээх пуун 24 тыһ. олохтооҕо дьиэтигэр «безлимитнэй» Интэриниэти, «Интерактивнай телевидениены», араас іҥілірү уонна цифровой сервистэри холботторуон сіп. Итинэн бүтүн Дальнай Восток үрдүнэн Ньурба аҕыйах да киһилээх нэһилиэнньэлээх пууннара оптиканан хааччыллан, бастакы цифровой оройуонунан буолла.

    Тутуу эйгэтигэр маннык эбийиэктэр тутуллан үлэҕэ киирдилэр:

    -Антоновкаҕа 117 міл.. солк. суумалаах спорт комплекса;

    -Убайааҥҥа бибилэтиэкэлээх спорт саалата;

    -Ньурба к. 2016 сылтан тохтоон турбут 19 кыбартыыралаах олорор дьиэ;

    -Чуукаарга 4 кыбартыыралаах, Ньурба к. 8 кыбартыыралаах, эдэр исписэлиистэргэ анаммыт дьиэлэр.

    Тутуулара саҕаланна:

    -федеральнай уонна іріспүүбүлүкэ үбүн суотугар Ньурба к. 280 миэстэлээх оҕо уһуйаана;

    -Антоновкаҕа норуот айымньытын дьиэтэ. Быйыл Ньурба к. «Саахалланар туруктаах уонна эргэ дьиэлэртэн кіһірүү» федеральнай бырагырааманан элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ 1-кы сыбаайата түһэрилиннэ.
    2019 с. тохсунньу-сэтинньи ыйдарга улуус экэниэмикэтин сүрүн кірдірүүлэрэ

    2019 с. 11 ыйыгар улууспутугар 67 млрд. 347  міл. суумалаах бородууксуйа, үлэ уонна іҥі оҥоһулунна (2018 с. тохсунньу-сэтинньи ыйдарын кытта тэҥнээтэххэ - 116,3%).

    Ол иһигэр сүрүн ирээти ылаллар:

    Сир анныттан туһалаах баайдары хостооһун – 64 млрд. 278,6 тыһ. солк (115,1%).

    Электроэнергиянан хааччыйыы, паром үлэтэ – 1 млрд. 803 міл. 37 тыһ. солк. (207,4%).

    Кууһунан уонна биирдиилээн атыы – 205 міл. 946 тыһ. солк. (155,5%).

    Тыа хаҺаайыстыбата уонна ойуур хаһаайыстыбата - 107 міл. 412 тыһ. солк. (126,2%).

    Үірэх эйгэтэ – 65 міл. 144,4 тыһ. солк. (107,5%).

    Дьоҕус урбаанньыттары ааҕан туран, биирдиилээн атыы эргиирэ - 3 млрд. 35 міл. 551 тыһ. солк (2018 с. кытта тэҥнээтэххэ 100,1%), ортотунан 1 киһиэхэ тиксэринэн - 127 тыһ. 996 солк.

    11 ый түмүгүнэн уопсастыбаннай аһылык эргиирэ - 135 міл. 920 тыһ. солк. (143,3%), ол эбэтэр 1 киһиэхэ тиксэринэн 5 тыһ. 731 солк.

    Нэһилиэнньэҕэ тілібүрдээх іҥілір кээмэйдэрэ 443 міл. 825 тыһ. солк. (90%), 1 киһиэхэ тиксэринэн – 18 тыһ. 714 солк.

    Дьоҕус тэрилтэлэр уонна урбаанньыттар киэннэрин киллэрэн туран, 1 міл. 481,2 тыһ. туонна таһаҕас таһылынна (2018 с. туһааннаах кэминээҕэр 2,4 тігүл улаатта), таһаҕас эргиирэ - 30 міл. 950 тыһ. тонно-км (2018 с. туһааннааах кэмин кытта тэҥнээтэххэ – 112,3%).

    АТП оптуобустара 568 тыһ. киһини тастылар (2018 с. таһымыттан 88,7%), ол иһигэр биир кэлим социальнай билиэттэринэн – 83 тыһ. пассажиры (2018 с. таһымыттан 82,2%). Улуус иһигэр дьону таһыыга ороскуоттарын толуйууга 6 міл. солк. субсидия бэрилиннэ (2018 с. 5,5 міл. солк. субсидия кірүллүбүтэ).
    НэҺилиэнньэ, үлэлээх буолуу, олох таһыма

    2019 с. алтынньы 1 к. улууска 19 муниципальнай тэриллиигэ уонна 24 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 23 716 киһи олороро, ол иһигэр Ньурба к. – 9708 уонна тыа нэһилиэктэригэр - 14008 киһи. 10 ый устата 300 киһи тірііті (2018 с. туһааннаах кэмигэр - 305), 207 киһи іллі (2018 с. туһааннаах кэмигэр - 176). Естественнэй үүнүү 93 киһиэхэ тэҥнэстэ (бу иннинээҕи туһааннаах кэмҥэ – 129 киһи).

    2019 с. 10 ыйыгар улууска 724 киһи кэллэ (2018 с. туһааннаах кэмигэр - 733 киһи), 864 киһи барда (2018 с. туһааннаах кэмигэр - 1018 киһи). Миграционнай быһыы-майгы 2018 с. улуус нэһилиэнньэтэ 285 киһинэн аҕыйаабыт буоллаҕына, ааспыт сылга 140 киһинэн кіҕүрээбитинэн уратылаах буолла.

    Тірііһүнү кіҕүлүүр инниттэн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри ійүүргэ «Ньурбатааҕы дьиэ кэргэн» улуустааҕы ийэ хапытаала олохтонно. 2020 с. тохснуньу 1 күнүттэн саҕалаан 4-с уонна онтон кэнники оҕо тірііһүнүн иһин 100 тыһ. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан тілібүрү киллэрдибит. Улуустааҕы ийэ хапытаалыгар 2020 с. 7 міл. 500 тыһ. солк. кірүлүннэ.

    2019 с. алтынньы 1 к. туругунан үлэтэ суох сылдьааччы 334 киһи (2018 с. таһымыттан 73,1%), ол иһигэр Үлэлээх буолуу киинигэр учуокка 296 киһи турар (71%). Үлэ буларга ыарахаттары кірсір үлэтэ суох дьону быстах үлэлэтиигэ муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталарын кытта 7 дуогабар түһэрсилиннэ, 15 киһи үлэҕэ киллэриллибитэ.

    2019 с. алтынньы 1 к. улуус үрдүнэн анаммыт биэнсийэ орто кээмэйэ 19 346,9 солк. буолла (ааспыт сыл таһымыттан 105,4%).

    2019 с. нэһилиэнньэ социальнай кімүскэлин управлениетынан кыаммат дьиэ кэргэттэргэ уонна кыаммат, соҕотоҕун олорор дьоҥҥо судаарыстыбаннай кімінү оҥорорго 48 социальнай хантараак түһэрсиллибитэ. Ол иһигэр 10 хантараагынан тус кімілті хаһаайыстыбаны тэрийиигэ (кэҥэтиигэ): ынах сүіһүнү уо.д.а. иитиигэ, оҕуруот астарын үүннэриигэ, тыраахтыры, косилканы уо.д.а. булунарга, 33 хантараагынан нэһилиэнньэҕэ араас іҥілірү оҥорууга (столярнай сыах, иис, хаартыскаҕа түһэрии уо.д.а. іҥіліргі).
    Билигин бүтүн Арассыыйа үрдүнэн курдук, улууска дьон үлэлээх буолуута биир саамай сүрүн кыһалҕанан буолар. Итини быһаарар инниттэн, 2019 с. дьон үлэлээх буолуутун үрдэтэргэ уонна урбааны сайыннарарга усулуобуйалары тэрийиигэ улуус бүддьүітүттэн «иные межбюджетные трансферты» (ИБМТ) бэрилиннэ. 17 сэлиэнньэҕэ 20 міл. 580 тыһ. солк. суумалаах ИМБТ анаммыта. Сэлиэнньэлэр 1 міл. 470 тыһ. солк. ирээттэһэн үбүлээтилэр, дьоҕус уонна орто урбаан субъектарын сириэстибэлэрэ - 4 міл. 673 тыһ. солк. ИМБТ үбэ Чуукаарга бэкээринэни арыйыыга уо.д.а. уо.д.а. муниципальнай тэриллиилэр урбааны сайыннарыыга бырайыактарын ороскуоттарын ирээттэһэн үбүлээһиҥҥэ ыытылыннылар. Акана нэһилиэгэр ыытылыбыт 1 міл. солк. суумалаах ИМБТ үбэ, сібүлэһии кыайан тутуһуллубатаҕынан сибээстээн, улуус бүддьүітүгэр тіннірүллүіҕэ.

    21 бырайыактан 13 бырайыак үлэтин саҕалаата, 8 бырайыак 2020 с. ситэриллиэҕэ, 23 саҥа үлэ миэстэтэ тэрилиннэ. 2020 с. олохтоох бүддьүіттэн куонкурус түмүгэр ИМБТ улуус сэлиэнньэлэригэр саҥа үлэ миэстэлэрин тэрийиигэ бэриллиэҕэ.
    Бүддьүіт

    2019 с. улуус бүддьүітүн дохуота 4 млрд. 383 міл. 253 тыһ. солк. тэҥнэстэ (былаан 99,6 % туолла), ол иһигэр сүрүн ирээти іріспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүітүттэн босхо тірүккэ олоҕуран киирэр үптэр ылаллар - 99,1%); бүддьүіт бары дохуотун 19,8 % нолуок уонна нолуок буолбатах дохуоттара (тус дохуоттар). Нолуок уонна нолуок буолбатах дохуоттар сүрүн киириилэрэ физическэй сирэйдэр дохуоттарыгар нолуоктан (25,1%) уонна улуус бас билиитигэр баар аахсыйалар дивиденнэрин барыыһын быһыытынан дохуоттартан (67,5 %) хааччыллар.

    2019 с. улуус муниципальнай тэриллиилэрэ олохтоох кіҕүлээһиннэри ійүүр Бырагыраама іріспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар кыттыбыттара. Бу түмүгэр 17 сэлиэнньэҕэ уонна муниципальнай оройуоҥҥа 25 бырайыагы олоххо киллэрэргэ барыта 42 міл. 775 тыһ. солк. бэриллибитэ. Ол иһигэр судаарыстыбаннай бүддьүіттэн - 31 міл. 980 тыһ. солк, муниципальнай тэриллиилэр уонна улуус ирээттэһэн үбүлээһиннэрэ - 5 міл. 603 тыһ. солк., нэһилиэнньэ уонна спонсордар кыттыылара - 5 міл. 192 тыһ. солк. 2018 с. 17 сэлиэнньэ 19 бырайыагар 30,1 міл. солк. бэриллибитэ.
    Муниципальнай баайы-дуолу салайыы

    СЈ судаарыстыбаннай бас билиититтэн улуус бас билиитигэр 6 міл. 619 тыһ. солк. суумалаах сүрүн сириэстибэлэр бэрилиннилэр: Сүлэ оскуолатыгар -ПАЗ оптуобус, Хаҥалас, Хорула, Маар оскуолаларыгар – 3 ГАЗ оптуобус.

    Улуус муниципальнай бас билиитигэр атыылаһыынан уонна атын тірүіттэринэн 227 міл. 180 тыһ. солк. суумалаах сүрүн сириэстибэлэр ылылыннылар, ол иһигэр ууну ыраастыыр тэриллэргэ уонна ууну ыраастыыр тутууларга самалык тутуулар, улуустааҕы киин балыыһаҕа 2 «Суһал кімі» массыыната уо.д.а.

    «Степан Васильев аатынан сылгы собуота» АО-ны судаарыстыбаннай казеннай тэрилтэҕэ уларытан тэрийэр инниттэн, саха атын боруодатын оннунан хаалларарга «Дорожнай каартаҕа» сіп түбэһиннэрэн балансаҕа баар сүрүн сириэстибэлэр инвентаризациялара ыытыллан бүтэн эрэр.

    403 тыһ. сол. суумаҕа 200 сир учаастагын арендатын дуогабара түһэрсилиннэ. Ол иһигэр 162 – физическэй сирэйдэрдиин, 38 – юридическай сирэйдэрдиин. 79 тыһ. солк. суумаҕа сир учаастагын атыытын 30 дуогабара түһэрсилиннэ. 2019 с. тохсунньу 31 к. туругунан сир учаастактарын арендаҕа биэрииттэн дохуот 1 міл. 455 тыһ. солк. тэҥнэстэ.

    Хатыҥ Сыһыы-Хорула суолугар ойуур учаастактарын кыраныыссатын чуолкайдааһыҥҥа үлэ ыытылынна, ойуур учаастагын проектнай документацията оҥоһулунна, ойуур учаастагын бастайааннай туһаныы бырааба докумуоннанна.

    2019 с. тохсунньу 321 к. туругунан Ньурба улууһун тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин контурдарын туһунан нэһилиэктэр сиргэ-баайга сыһыаннаһыыларга исписэлиистэрин кытта бииргэ, тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдэр тустарынан Биир кэлим федеральнай информационнай систиэмэҕэ 2924 сибидиэнньэ киллэрилиннэ.

    Улууска сир учаастактарын ылбыт элбэх оҕолоох 506 ыал туһунан сибидиэнньэлэр Судаарыстыбаннай автоматизированнай информационнай систиэмэҕэ киллэрилиннилэр. Босхо сир участагын кірдіін уочаракка 202 дьиэ кэргэн турар.

    2019 с. отдел ыппыт атыыларын түмүктэринэн улуус сакаасчыттарынан барыта 444 міл. 921,2 тыһ. солк. хантараактар түһэрсилиннилэр, 31 процедура олохсутулунна. Урукку курдук, поставщиктары (бэдэрээтчиттэри, толорооччулары) быһаарар сүрүн ньыманан электроннай кірүҥүнэн аһаҕас аукцион буолар.

    Табаардары, үлэлэри, іҥілірү атыылаҺыы эйгэтигэр баар систиэмэ түмүгэр, куонкурустар уонна куонкуруһу таһынан процедуралары ыытыы суотугар 5 міл. 449 тыһ. солк. бүддьүіт үбэ кэмчилэннэ.
    Дьоҕус уонна орто предпринимательство

    2020 с. тохсунньу 1 к. туругунан улууска 653 урбаанньыт баар, ол иһигэр 2019 с. 112 индивидуальнай предприниматель уонна 14 бааһынай хаһаайыстыба баһылыга регистрацияланна.

    Былырыын урбааны ійүүргэ муниципальнай бырагыраама чэрчитинэн үбүлээһин кээмэйэ 39 міл. 150 тыһ. солк. тэҥнэстэ. Ол иһигэр: спецтехниканы ыларга ирээттэһэн үбүлээһиҥҥэ субсидия – 2 міл. солк.; спецтехниканы ыларга ороскуоттары толуйууга субсидия - 500 тыҺ. солк.; гаас саппараапкаларын аһарга ороскуоту толуйууга - 1 міл. солк.; кіҺі сылдьар кинотеатры ыларга ороскуоту толуйууга субсидия - 300 тыһ. солк.; оскуола бизнес-инкубатордарын тэрийиигэ субсидия – 1 міл. солк..; дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарарга кылаатын иһин улуус баһылыгын Грана - 100 тыҺ. солк.; сэлиэнньэлэргэ ИМБ0Т бырагырааматынан урбааны ійііһүҥҥэ – 19 міл. 580 тыһ. солк.; урбаанньыттарга чэпчэтиилээх сойуомнар - 14  міл. солк; урбааны сайыннарарга туһуламмыт тэрээһиннэр - 670 тыһ. солк.

    Муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталарын кытта нэһилиэктэргэ урбаанньыттарга уонна урбаан дьыалатынан дьарыктаныан баҕалаахтарга 50 тэрээһин ыытылынна.

    Биисинэс-инкубаторга резиденнэр куонкуруһунан 3 сыл устата чэпчэтиилээх арендаҕа олорор быраабы ылаллар. Манна баар тэрилтэлэр сыл устата 74 міл. 988 тыһ. солк. киллэрилиннилэр, 9 міл. 26 тыһ. солк. нолуок уонна усунуос тіліітүлэр. 40 үлэ миэстэтэ арылынна.

    Сэлиэнньэлэргэ урбааны сайыннарарга улуус бүддьүітүттэн ИМБТ бырагырааматынан 20 міл. 580 тыһ. солк. кірүллүбүтэ. Куонкурус түмүгүнэн улахан нэһилиэктэргэ – 2-лии міл. солк., кыра нэһилиэктэргэ – 1-дии міл. сок. кірүллүбүтэ.

    Сыл устата 19  міл. 580 тыһ. солк. суумалаах 21 бырайыак үбүлэннэ. Ол иһигэр 13 бырайыак үлэтин саҕалаата, 8 бырайыак 2020 с. ситэриллиэҕэ. 13 бырайыак олоххо киллэриллэн 23 үлэ миэстэтэ тэрилиннэ. Ол иһигэр бааллар: Дьиикимдэҕэ овощехранилище, Маалыкайга химчистка іҥілііх прачка, Күндээдэҕэ, Малдьаҕарга бэкээринэ, Чаппандаҕа миэбэл сыаҕа уо.д.а.

    Улууска 11 оскуола бииисинэс-инкубатора тэриллэн турар. 2019 с. 2 оскуолаҕа: Хатыы оскуолатыгар ыҥырыа иитэргэ уонна Ньурбачаан оскуолатыгар коза ферматыгар 500-тии тыһ. солк. субсидия бэрилиннэ.
    Тутуу уонна олорор дьиэ

    «АЛРОСА» АК-ны кытта улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кіміліһүүгэ дуогабар чэрчитинэн 2019 с. 324 міл. 800 тыһ. солк. кірүллүбүтэ. Бу үп 93,7% туһанылынна. Ол иһигэр бырайыактыыр-чинчийэр үлэлэргэ – 23 міл. 907 тыһ. солк., эбийиэктэри тутууга уонна хапытаалынай ірімүіҥҥэ - 283 міл. 381 тыһ. солк. 2019 с. тохсунньу 31 к. туругунан 304 міл. 337 тыһ. солк. туһаныллыбыта (93,7%).

    Уосайа 9582 кв. м иэннээх 108 олорор дьиэ киирбитэ.

    Муниципальнай суоллары кірүүгэ-истиигэ, ірімүіннээһиҥҥэ 16 міл. 526 тыһ. солк. ананна. Киров-Чуукаар-Быһыттаах-Маалыкай-Хатыы суолугар ууну аһардар турбалар түһэрилиннилэр. Улуус дьаһалтатын уонна «Партнер» ХЭТ икки ардыгар концессионнай сібүлэһиинэн Хатыҥ Сыһыы-Сайылык 52 км усталаах суолун 70%-на хапытаалынайдык ірімүіннэннэ.

    4 км усталаах Ньурба к. Комсомольскай, Кудряшов уулуссалара уонна Антоновка Трассовай уул. 92 міл. 309 тыһ. солк. суумаҕа аспаалланнылар.

    Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыыга барыта 21 міл. 334 тыһ. кірүллүбүтэ, ол иһигэр федеральнай бүддьүіттэн - 10 міл 348 тыһ. солк., іріспүүбүлүкэ бүддьүітүттэн - 899 тыһ. солк., улуус бүддьүітүттэн - 10 міл. солк. 23 эдэр ыал дьиэни булунарга эбэтэр биирдиилээн олорор дьиэни туттарга социальнай тілібүрү ыларга 21 міл. 247 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти туттулар.

    Тутуулара былааннанар Ньурба к. 500 оскуолатын, улуустар икки ардыларынааҕы Мед-киин, Ньурба к. сыбаалкатын рекультивациятын уонна саҥа біх полигонун тутуутун проектнай-сметнай документацията оҥоһуллар. «Уһук илиҥҥи гектар» сокуонунан Антоновкаҕа компактнай микро-оройуон инфраструктуратын тэрийиигэ 12 міл. 200 тыһ. солк. суумалаах массыына суолун тутуутун проектнай документацията оҥоһулунна.
    Экология

    2019 с. нэһилиэнньэни ыраас уунан хааччыйыыга элбэх үлэ барда. Чуукаарга, Маалыкайга, Јҥілдьіҕі, Малдьаҕарга ууну ыраастыыр ыстаансыйалары саҥардыыга балачча элбэх үп ыытылынна. Јріспүүбүлүкэ үбүн суотугар Күндээдэҕэ ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутулунна. 7 водовоз ылылынна, ол иһигэр 4 – улуус уонна 3 – іріспүүбүлүкэ үбүн суотугар. Ньурба к. скажинатыттан ууну хачайдаан таһаарыы ороскуотун толуйан, 1 буочука уу сыанатын 100 солк. хааллардыбыт, субсидия олохтоон Ньурба к. уонна Антоновка кыаммат ыалларыгар 19 л ыраастаммыт уу сыанатын 50 солк. чэпчэттибит.

    Ыраас уунан хааччыйыыга 5 міл. 218 тыһ. солк. ИМБТ үбэ кірүлүннэ. Урбаанньыттар скважинаттан ууну хачайдаан нэһилиэнньэҕэ ыраас иһэр ууну тиэрдэллэригэр ороскуоттарын сорҕотун сабарга, 2018 с. нэһилиэнньэни уунан хааччыйыыга кірсүллүбүт ороскуоттарын толуйууга, 2019 с. кыаммат ыалларга уу сыанатын чэпчэтиигэ ИМБТ үбэ туһаныллыбыта.

    Нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар ууну ыраастаан тиэрдиигэ 2 міл. 221 тыһ. солк. суумалаах ороскуоттар толуйуннулар, ол иһигэр ИМБТ-нан Октябрьскай нэһилиэккэ – 1 міл. 133 тыһ. солк., Ньурба к. – 1 міл. 87 тыһ. солк.

    Саҥа ууну ыраастыыр ыстаансыйалар үлэҕэ киирбиттэригэр ыраастаммыт уу 1 л сыанатын 1,5 солк. олохтоотубут, эбэтэр аналлаах водовоз таһарыгар 200 л ыраастаммыт уу сыаната - 300 солк.

    2019 с. улуус сиригэр-уотугар айылҕа эйгэтин туругун экологическай мониторина ыытылынна. Бу мониторинг ыраах нэһилиэктэри уунан хааччыйыыга быһаарыы ылынарга тірүітү биэрэр. Идэтийбит лабораториялар бигэргэппит научнай үлэлэрин илиибитигэр ыламмыт, сүіһү уулатыытын тэрийэргэ улуус бүддьүітүттэн үбүлүүргэ күһэллибит, уустук түгэннэрдээх сорох нэһилиэкбитигэр уунан хааччыйыыга баар кыҺалҕалары туоратыыга 2020 с. үлэлэри саҕалыахпыт.

    Үірэхтээһин

    «Улуус үірэҕин систиэмэтин сайыннарыы» муниципальнай бырагыраамаҕа 1 млрд.  923 міл. 912 тыһ. солк. (99,97%) кірүллүбүтэ, ол иһигэр іріспүүбүлүкэ бүддьүітүттэн –1 млрд. 169 міл.  833 тыһ. солк. (99,99%), олохтоох бүддьүіттэн –754 міл. солк. (99,92%).

    Оскуола иннинээҕи үірэхтээһин

    «Оскуола иннинээҕи үірэхтээһин» хос бырагырааманы олоххо киллэриигэ 567 міл. 312 тыһ. солк. (99,92%) кірүллүбүтэ, ол иһигэр іріспүүбүлүкэттэн - 295 міл. 542 тыһ. солк. (100%), улуус бүддьүітүттэн - 271 міл. 769 тыһ. солк. (99,83%).

    2019 с. ахсынньы 1 к. туругунан оҕо уһуйааннарыгар 2113 оҕо сылдьар. Уочаракка 3-гэр диэри саастаах 287 оҕо турар.

    2019 с. от ыйыгар Ньурба к. «Малышок» дьыссаатын айымньылаах кэлэктиибэ «Образцовый детский сад 2018-2019» Бүтүн Арассыыйатааҕы кірүү-куонкуруска кыайан, Арассыыйа үрдүнэн 32 тыһ. дьыссааттан 500 саамай бастыҥ оҕо саадын иһигэр киирбитэ.

    Оскуола иннинээҕи үірэхтээһин үлэһитин күнүн бэлиэтээһиҥҥэ уонна Дьокуускайга Үірэх министиэристибэтигэр іріспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа куонкурустарын кыайыылаахтарын чиэстээһиҥҥэ А.Г.Габышев аатынан Антоновкатааҕы «Биһик» дьыссаат «Бастыҥ тыа сирин оҕо саада» буолбута.

    2019 с. ахсынньыга Ньурба к. «Кэскил» оҕо уһуйаанын саҥа дьиэтин 1-кы сыбаайатын үірүүлээхтик түһэрии буолбута.
    Уопсай үірэхтээһин

    «Уопсай үірэхтээһин» хос бырагырааманы олоххо киллэриигэ 1 млрд. 316 міл. 102 тыһ. солк. (99,99%) ыытыллыбыта. Ол иһигэр іріспүүбүлүкэ бүддьүітүттэн – 874 міл. 291 тыһ. солк. (99,9%), улуус бүддьүітүттэн – 441 міл. 811 тыһ. солк. (99,98;%).

    Улууска 25 күнүскү уонна 1 киэһээҥи оскуолаҕа 4328 оҕо үірэнэр. Барыта 339 кылаас-комплект баар.
    2018-2019 с. үірэх дьылыгар уопсай орто үірэхтээһин бырагырааматынан судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация

    Уопсай орто үірэхтээһин бырагыраамынан ГИА-ҕа 365 кыттааччы регистрацияламмыта. Ол иһигэр 2019 с. выпускниктар – 340, урукку сыллардааҕы выпускниктар – 25, ГВЭ кірүҥүнэн туттарар 19 оҕо.

    ОГЭ түмүгүнэн уопсай орто үірэх туһунан аттестаты 38 оҕо ылбата, ЕГЭ түмүгүнэн толору орто үірэх аттестатын 24 выпускник ылбата.

    11 кылаас кэнниттэн үрдүк үірэххэ киирии – 51,42%, 9 кылаас кэнниттэн – 18%.

    2020 с. Үірэхтээһин сылынан биллэриллибитинэн сибээстээн, үірэх боппуруостырыгар улахан болҕомто ууруллуоҕа. Оҥоһуллар үірэх іҥілірүн хаачыстыбатыгар ураты болҕомто туһаайыллыаҕа.

    Марха уонна Маалыкай оскуолаларын базатыгар «Точка Роста» үірэх кииннэрэ аһылыннылар. 2020 с. маннык кииннэр Антоновка уонна Хорула оскуолаларыгар аһыллаллара былааннанар.

    Үірэнээччилэр Арассыыйа, іріспүүбүлүкэ уонна улуус куонкурустарыгар кіхтііхтүк кытталлар, бириистээх миэстэлэри ылаллар.
    Эбии үірэхтээһин

    «Оскуола таһынааҕы учреждениелар» хос бырагырааманы олоххо киллэриигэ олохтоох бүддьүіттэн 40 міл. 498 тыһ. солк. ыытыллыбыта. Эбии үірэхтээһининэн 2018 с. 2966 оҕо хабыллыбыта (67%), 2019 с. бу кірдірүү – 2733 оҕо (63%). Эбии үірэхтээһиҥҥэ 5 тэрилтэ, ол иһигэр 4 муниципальнай тэрилтэ: ЦДНТТ, ДЮСШ, 2 Искусство оскуолата уонна 1 судаарыстыбаннай тэрилтэ - Јріспүүбүлүкэтээҕи бокса оскуолата үлэлииллэр.

    Эбии үірэхтээһин тэрилтэлэрин иитиллээччилэрэ Оҕо-аймах 10 сылыгар анаммыт 53-с іріспүүбүлүкэтээҕи научнай-техническэй бырыйыактар быыстапкаларын, «РобОТС- 2019» 7-с іріспүүбүлүкэтээҕи үірэх роботехникатын бэстибээлин курдук уо.д.а. тэрээһиннэргэ кіхтііхтүк кытыннылар, бириистээх миэстэлэри ыллылар.

    Казаҥҥа «WorldSkillsKazan-2019» профессиональнай маастарыстыба аан дойдутааҕы чімпүйэнээтигэр сырытыннаран, 8 педагог уонна 7-10 кылаастартан 7 үірэнээччи профориентационнай стажировканы бардылар.

    «Молодые профессионалы» (WORLDSKILLSRUSSIA) СЈ VIII Аһаҕас регионнааҕы чімпүйэнээтигэр Ньурба улууһун хамаандата мэтээлин ахсаанынан 3 миэстэҕэ тахсыбыта.

    2019 с. бэс ыйыгар Оҕо научнай-техническэй айымньытын киинигэр СЈ Үірэҕин министиэристибэтин «оҕолору эбии үірэхтээһин муниципальнай тирэх киинэ» статус иҥэриллибитин бэлиэтиэххэ наада. «Цифровой үірэх эйгэтэ» федеральнай бырайыагынан 2020 с. балаҕан ыйыгар Ньурбатааҕы ЦДНТТ базатыгар «IT-cube» цифровой үірэхтээһин Киинэ аһыллыаҕа.
    Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнара уонна чэддигириилэрэ

    «Сайыҥҥы сынньалаҥ уонна оҕолору чэбдигирдии» хос бырагырааманан 33 міл. 321 тыһ. солк. (99,59%) кірүллүбүтэ. Ол иһигэр іріспүүбүлүкэ бүддьүітүттэн – 8 міл. 159 тыһ. солк. (100%), олохтоох бүддьүіттэн – 25 міл. 162 тыһ. (99,45%).

    Сайыҥҥы сынньалаҥҥа 41 лааҕыр үлэлээн, оҕолор 53% хабылыннылар.

    Марха оскуолатын уонна ДЮСШ спортивнай лааҕырдарыгар тэриллибит усулуобуйалар оҕолорго регионнааҕы, іріспүүбүлүкэтээҕи спортивнай күрэхтэһиилэргэ үрдүк түмүктэри ситиһэллэригэр кыах биэрдилэр. Инньэ гынан эдэр спортсменнары кытыннарыыга уонна үчүгэй түмүктэри ситиһиигэ кіҕүлүүргэ үлэ утумнаахтык барар.

    ЦДНТТ күнүскү «Пазл» лааҕыра оҕолор сынньалаҥнарын уонна оҕо чэбдигирдэр лааҕырдарыгар оҕолору чэбдигирдиини тэрийии бырагыраамаларын іріспүүбүлүкэтээҕи кірүү-куонкуруһугар «Инженернэй-техническай хайысхаларга уонна информационнай-коммуникационнай технологиялар эйгэлэригэр бырагыраамалар» номинацияҕа 2-с истиэпэннээх дипломант буолбута.

    Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор кірүүтэ суох сылдьыыларын уонна буруйу оҥорууларын сэрэтии

    60 межведомственнай рейдэ оҥоһулунна, уустук балаһыанньалаах уонна бірүкүтэ суох олохтоох 170 ыалга сырыттылар. Социальнай кутталлаах балаһыанньалаах 10 ыал учуокка турар, 4 ыал дьиэ кэргэнигэр бьалаһыанньата тупсан учуоттан уһулунна.

    Ураты психологическай-педагогическай болҕомтону эрэйэр оҕолору оскуола иһинэн учуокка аадырыстаах уонна кідьүүстээх кімінү оҥорор инниттэн, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор ортолоругар буруйу оҥоһуллуутун сэрэтиигэ биир кэлим база тэрилиннэ. 2019 с. устата КДН учуотугар 3 оҕо туруорулунна, 18 оҕо учуоттан уһулунна (2018 с. - 20). Отчуоттанар кэмҥэ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара тахсыбата, бу профилактика систиэмэтин уорганнарын сэрэтэр үлэлэрин түмүгэ буолар.
    Эппиэкэ уонна попечительство

    Улууска баар 7876 оҕоттон тулаайах уонна тіріппүт кірүүтэ-истиитэ суох 121 оҕо баар (1,54%), онтон 26 оҕо 8 приемнай дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр. 2019 с. 28 тулаайах уонна тіріппүт кірүүтэ-истиитэ суох оҕо булулунна, 2 оҕо Дьокуускайдааҕы Оҕо дьиэтигэр ыытылынна, 26 оҕо ыалларга бэрилиннэ.

    2017 сылтан эппиэкэ уонна попечительство отделынан оҕолору дьиэ кэргэттэригэр тінніріргі бырагыраама ылыллыбыта. Былырыын 3 оҕолоох ийэ 8 оҕоҕо сыһыаннаан тіріппүт бырааптара чілүгэр түһэрилиннэ.

    Дьиэҕэ наадыйааччылар Биир кэлим судаарыстыбаннай іріспүүбүлүкэтээҕи Реестрдэригэр учуокка 84 тулаайах оҕо турара, кинилэртэн 2019 с. 24 оҕо дьиэнэн хааччылынна.
    Култуура

    Сыл устата нэһилиэктэр ортолоругар «Кэрэ эйгэ чаҕыл күлүмэ» култуура-спорт бэстибээлэ ыытылынна. Кыайыылаахтарынан тахсыбыт Чаппанда уонна Акана нэһилиэктэригэр УАЗ микроавтобус ананна. 2-с миэстэлээх Октябрьскай уонна Дьаархан нэһилиэктэригэр «Синтай» дьоҕус тыраахтыр, 3-с миэстэлээх Маалыкайга уонна Малдьаҕарга буровой установка бэрилиннэ. Култуура уонна спорт тэрээһиннэрэ улуус нэҺилиэктэригэр дьону сомоҕолоотулар.

    Арассыыйаҕа - Тыйаатыр, іріспүүбүлүкэҕэ – Сомоҕолоһуу, улууска – Киһи ис кыаҕын арыйар сылларга, Марха улууһа тэриллибитэ 195 сылыгар, биллиилээх судаарыстыбаннай-уопсастыбаннай диэйэтэл Александр Габышев тіріібүтэ 120, Феодосий Донской тіріібүтэ 100 сылыгар ананан, улуустааҕы «Модун күүс, іркін ій, ыра сана ыҺыаҕа» ыытыллыбыта.

    2019 с. култуура эйгэтигэр 203 міл. 500 тыһ. солк. кірүллүбүтэ. Ол иһигэр:

    -улуустааҕы култуура департаменын тутан үлэлэтиигэ – 28 міл. 558 тыһ. солк.

    -бибилэтиэкэ тиһигин ситимин тутан үлэлэтиигэ – 84 міл. 204 тыһ. солк.

    -музейдары тутан үлэлэтиигэ - 27 міл. 308 тыһ. солк.

    -искусство оскуолаларын тутан үлэлэтиигэ – 58 міл. 506 тыһ. солк.

    -тэрээһиннэри ыытарга – 4 міл. 924 тыһ. солк.

    2018 с. түмүгүнэн 2019 с. іріспүүбүлүкэттэн тус сыаллаах субсидиялар кэлбиттэрэ: Дьаарханнааҕы Дора Жиркова аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр -108 тыһ. 695 солк., Дьаарханнааҕы Дора Жиркова аатынан норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччытыгар, Антоновкатааҕы модельнай бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэригэр – 54,3 тыһ. солк.

    500-тэн аҕыйах нэһилиэнньэлээх пууннарга култуура тэрилтэлэрин матырыйаалынай-тэхиниичэскэй базатын біҕіргітүүгэ субсидия куонкуруһугар кыттыы түмүгэр Үідэйдээҕи норуот айымньытын дьиэтэ «Каадыр» бырайыагын олоххо киллэрэргэ 229 тыҺ. солк. субсидия ылбыта.

    Ньурбатааҕы Искусство оскуолатыгар «Култуура» нацпроегынан, «Култуура эйгэтэ» регионнааҕы бырайыак чэрчитинэн 5 міл. 189,6 тыһ. солк. кірүллэн, музыкальнай үнүстүрүмүін, оборудование уонна үірэх литературатын ылыыта бэлиэ түгэн уонна улахан ситиһии буолбута. Бу үбүнэн 2 рояль, пианино, домралар, балалайкалар, музыкальнай аппаратура, үірэх литературата ылыллыбыта, үірэх миэбэлэ саҥардыллыбыта.
    Ыччат бэлиитикэтэ

    Улуу Кыайыы күнүн кірсі «Георгиевскай лиэнтэ» уонна «Јйдібүнньүк чүмэчитэ» аахсыйалар ыытыллыбыттара. Ыам ыйын 9 к. «Двигатель жизни» кулууп уонна Кыайыы волонтердара кыттыылаах «Бэтэрээни тас» іріспүүбүлүкэҕэ соҕотох аахсыйа тэриллэр.

    «Синергия Севера» іріспүүбүлүкэтээҕи ыччат үірэҕин форумугар Ньурба улууһуттан исписэлиистэр «Мы – добровольцы» хайысханан кыттыбыттара уонна «Добровольцы-спасатели» бырайыагынан 50 тыһ. солк. Грант хаһаайына буолбуттара.

    Балаҕан ыйыгар Улуу Кыайыы 75 сылыгар уонна Федосий Донской тіріібүтэ 100 сылыгар анаммыт «Дойти до Берлина! Были и мы из Якутии! Ф.Донской» норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак ырытан оҥоһуллубута, сүрүннээн 2020 с. СЈ министиэристибэлэрин уонна Чувашия Јріспүүбүлүкэтин Моргаушскай оройуонун кытта бииргэ олоххо киллэриллиэҕэ.

    2019 с. 18 НКО-тан 13 социальнай хайысхалаах коммерческайа суох тэрилтэ субсидияҕа куонкуруска кыттыбыта. Инньэ гынан НКО-лар уопсастыбааннай олоххо кыттыылара, куонкурустарга даҕаны кыттыылара лаппа күүһүрбүтэ.
    Физкултуура уонна спорт

    Ньурба спортсменнара сыл устата 169 күрэхтэһиигэ баран кытыннылар, улууска 47 күрэхтэһии ыытылынна. Јріспүүбүкэтээҕи тэрээһиннэр, ол иһигэр хапсаҕайга «АЛРОСА» Кубогар іріспүүбүлүкэтээҕи хамаанданан турнир үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар.

    Спортсменнар СЈ чімпүйэнээттэригэр уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхтик кыттыыларын бэлиэтиэххэ сіп: 93 кыһыл кімүс, 60 үрүҥ кімүс уонна 79 боруонса мэтээллэри ыллылар.

    СЈ норуоттарын VII Спортивнай оонньууларыгар улуус хамаандата 1-кы біліххі II миэстэни ылбыта: боксаҕа - II, фитнес-аэробикаҕа уонна пляжнай волейболга III миэстэ.

    2019 с. түмүгүнэн физкултууранан уонна спордунан утумнаахтык дьарыктанар нэһилиэнньэ уопсай нэһилиэнньэ ахсааныттан 39%-ҥа тиийдэ.

    Тыа хаҺаайыстыбата


    2019 с. сүіһү уонна кітір ахсааныгар былаан туолбата. 2018 с. кытта тэҥнээтэххэ, ынах ахсаана 0,42% элбээбитэ кістір. Сыл устата былааннаах 5226 туонна оннугар 5300 туонна үүт тутулунна (101,4%).

    Сүіһүгэ дороххой аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ былаан окко уонна сиилэскэ туолла, 2018 с. кытта тэҥнээтэххэ аһылык бары кірүҥнэрэ элбэх бэлэмнэннэ.

    Чаппандаҕа уонна Маалыкайга 2 буойуна пууна тутулунна, Чаппандаҕа, Маалыкайга уонна Дьаархаҥҥа эти астыыр сыахтар үлэлэрин саҕалаан эрэллэр. 400 сүіһүгэ аналлаах 2 саҥа хотон үлэҕэ киирдэ.

    Улуус тыатын хаһаайыстыбатын ійібүлүгэр араас таһымнаах бүддьүіттэртэн 311 міл. 859 тыһ. солк. ананна. Ол иһигэр:

    -сүіһүнү иитиини сайыннарыыга - 257 міл 654 тыһ. солк.,

    -сири кытта үлэҕэ - 4 міл. 521 тыһ. солк,

    -сүіһү аһылыгын оҥорууга - 15 міл. 673 тыҺ. солк.,

    -сылгыны үірдээн иитиигэ - 11 міл 632 тыһ. солк.

    Улуус үбүттэн тыа хаһаайыстыбатыгар 96 міл. 442 тыһ. солк, ол иһигэр 130 хаһаайыстыбаҕа үүккэ 15 міл. солк. субсидия кірүлүннэ.

    Сири кытта үлэҕэ улуустан 8 міл. солк. субсидия анаммыта, іріспүүбүлүкэттэн ирээттэһэн үбүлээһин - 7 міл. 673 тыһ. солк. 2-с сылын сүіһү аһылыгын бигэ базатын тэрийиигэ утумнаах үлэ барда. Араас тиэхиньикэ уонна тыа хаһаайыстыбатын оборудованиета ылылынна. 2 сыл устата «Ньурбатааҕы сүіһү аһылыгын хампаанньата» быраҕыллыбыт 800-тэн тахса гаа бааһынаны чілүгэр түһэрдэ. Билигин улуус іссі элбэх бааҺынаны туһаҕа таҺаарарга бэлэм. Элбэх сыллаах оту ыһан саҕалаатыбыт.

    Хотон тутуутугар 6 міл. 200 тыһ. солк. ыытылынна. «Күндээдэ» АУо уонна «Чуукаар» СПК эбийиэктэрэ тутуллан киирдилэр.

    «Тыа сирдэрэ туруктаахтык сайдыылара» федеральнай бырагырааманан «Эдэр дьиэ кэргэн, эдэр исписэлиис» хос бырагырааманан тыа сиригэр биирдиилээн олорор дьиэ квотата 19 эдэр исписэлиискэ, «Тыа сиригэр олорор дьон олорор усулуобуйатын тупсарыы» хос бырагырааманан 5 киһиэхэ квота бэрилиннэ.

    Бородууксуйа сүрүн кірүҥнэрин оҥорууга сүрүн сорудахтар туолбатахтара тус кімілті хаһаайыстыбаларга сүіһү иитэр дьон аҕыйаан иһиитинэн, ынах сүіһү ахсаана, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата (эт, үүт) намтааһынынан, итиэннэ сыллата уматык-оҕунуох матырыйаалларга, сапчаастарга уонна іҥіліргі сыана үрдээн иһиитинэн быһаарыллар.
    Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтии уонна туоратыы

    Улууска баһаартан кутталлаах сезон саҕаланыаҕыттан 90 ойуур баһаара регистрацияламмыта (2018 с. - 61). 28 ойуур баһаарыгар нэһилиэктэр, Ньурбатааҕы лесничество, ГАУ “Якутлесресурс”, «Авиалесоохрана» күүстэринэн умуоруллубута. Космомониторинг дааннайынан «хонтуруол зонатыгар» баар 62 термоточкаҕа СЈ КЧС быһаарыытынан нэһилиэнньэлээх пуунарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоҕунан сибээстээн умуруоруу үлэтэ тохтотуллубута.

    Улахан ойуур баһаардара Чуукаарга, Хорулаҕа уонна Күндээдэҕэ регистрацияламмыттара. Умайыы иэнэ 4681,5 гааҕа тэҥнэспитэ, итинтэн 4603,5 гаа – ойуур сирдэр уонна 78 гаа – ойуур буолбатах сирдэр. Уоту умуруорарга 286 киһи үлэлээтэ, ол иһигэр олохтоохтортон мобилизацияламмыт 286 киһи уонна 108 киһи - лесничество, ГАУ «Якутлесресурс» филиалларын, «Авиалесоохрана» Бүлүү улуустарыттан филиалларын уонна ГАУ «Якутлесресурс» баһаарынай-химическэй ыстаансыйаларын үлэһиттэрэ, итиэннэ 55 араас тиэхиньикэ.

    Улуус дьаһалтатын сайаапкатынан «БЕ-200ЧС» амфибия-сімілүіт уонна ардаҕы түһэртэрэр АН-26 «Циклон» кэлэн үлэлээбиттэрэ. «БЕ-200ЧС» баһаардар кытыыларынан 12-лии туоннанан 50-на ууну кутта.

    Маны сэргэ 2019 с. 28 эбийиэккэ баһаар буолбута (2018 – 25), уокка 4 киһи, ол иһигэр 1 оҕо былдьаммыта. Хоромньу кээмэйэ 7 міл. 662 тыһ. солк. тэҥнэстэ, 2018 сыллааҕар 7 тігүл улахан. Баһаардар сүрүн тірүіттэринэн буолаллар: электрооборудование оҥоһуктарын уонна электрооборудованиены туһаныы быраабылаларын кэһии, оһохтор оҥоһуктарын уонна оһохтору туһаныыга баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии, тырааныспар сириэстибэлэрин механизмнара алдьаныылаах буолуулара.

    Баһаар тахсар сүрүн миэстэлэринэн буолбуттара: олорор сектор (олорор дьиэлэр, гаражтар) - 13, тэрилтэлэр эбийиэктэрэ – 8, тырааныспар сириэстибэлэрэ – 3.

    «Ньурба улууһа» муниципальнай оройуон ситэриилээх уоргана улуус олохтоох суолталаах боппуостарыгар сыһыаннаах бары эйгэлэринэн күүскэ үлэлиир. Бу үлэ түмүгүнэн хас биирдии нэһилиэк олохтоохторун ійібүллэринэн, муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталарын, уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна биисинэс-түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрин кімілірүнэн үгүс хайысхаларга бырайыактар олоххо киирдилэр. Маны таһынан улууска эдэр каадырдары олохсутан үлэлэтэр инниттэн, бары наадалаах усулуобуйалар тэриллэллэр: испиисэлиистэргэ уопсай дьиэлэр тутулуннулар, волоконнай-оптическай сибээс линията тардылынна, култуурунай-аралдьытар эбийиэктэр тутуллаллар. Итини сэргэ быйыл быһаарыллыахтаах кэккэ кыҺалҕалар бааллар, итилэри түмсүүлээхтик, биир сүбэнэн үлэлээтэхпитинэ кыайыахпыт.


    написать администратору сайта