проект. Константинов Айтал 4кл КСОШ. С. Г. Ковров аатынан Крэлээх орто уопсай рэхтээин оскуолата
Скачать 16.61 Kb.
|
Саха Республикатын «Горнай улууһа» муниципальнай оройуон “С.Г.Ковров аатынан Күөрэлээх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата” муниципальнай бюджетнай уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтэ Манчаары оонньууларын биир сүрүн көрүҥэ – оҕунан ытыы Бэлэмнээтэ: Айтал Константинов; Салайааччы: Вера Егоровна Коврова, алын кылаас учуутала 2021 Биһиги улууспутугар, Горнайга, быйыл XXI-с Саха норуоттарын спартакиадата, Манчаары оонньуулара буолаары, бэлэмнэнии бөҕөтө бара турар. Ону мин интэриэһиргээммин, миэхэ маннык боппуруостар үөскээтилэр: 1) Манчаары Баһылай диэн кимий? 2) Национальнай герой диэн кимий? 3) Тоҕо Манчаары Баһылай аатынан спортивнай күрэхтэһии буоларый? 4) Ох саа – спорт көрүҥэ дуо? Бу боппуруостарга тирэхтэнэммин, мин эһиэхэ бүгүн кэпсиэхпин баҕарабын, Манчаары оонньууларын биир сүрүн көрүҥүн – оҕунан ытыы туһунан. Манчаары Баһылай диэн кимий? Тоҕо кинини национальнай герой диэн ааттылларый? Тоҕо кини аатынан спортивнай күрэхтэр буолалларый? Манчаары Баһылай – саха национальнай геройа, кини баай дьон батталын утары охсуһуута норуот номоҕо буолан кэпсэнэр. Национальнай герой - диэн бастатан туран норуокка бэйэтин өйүнэн-санаатынан, күүһүнэн-уоҕунан, билиитинэн-көрүүтүнэн, биллибит-көстүбүт кытаанах эр санаалаах киһи буолар. Улахан туох эрэ хорсун күүстээх хамсааһыны бэйэтин иннин көрүммэккэ, олоҕун харыстаммакка, норуотун туһугар турууласпыт дьону ааттыахха сөп. Ол иһин кинини ытыктаан, киниэхэ сүгүрүйэн, саха норуота, Манчаары аатынан Саха сирин норуоттарын спартакиадатын тэрийбит. Бастакы спартакиада 1968 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыбыт. Спартакиаданы Саха Сирэ ытыктыыр киһитэ Афанасий Алексеев иилээн-саҕалаан тэрийбит. Манчаары оонньуулара 11 көрүҥнээх буолаары турар: 1) Хапсаҕай; 2) Сахалыы ыстаҥа; 3) Мас тардыһыыта; 4) Гиирэни анньыы; 5) Сүүрүү; 6) Национальнай многоборье; 7) Хотугулуу многоборье; 8) Оҕунан ытыы; 9) Буулдьанан ытыы; 10) Хабылык, хаамыска; 11) Ат сүүрдүүтэ. Мин эһиэхэ бүгүн, Манчаары оонньууларыттан биир сөбүлүүр, интэриэһиргиир көрүҥум – оҕунан ытыы туьунан сырдатыахпын баҕарабын. Ох саа – булт тэрилэ; Ох саа – сэрии тэрилэ; Ох саа – сахалар үһүйээннэригэр, номохторугар баар. Былыргы дьон-сэргэ, булчут сахалар тыыннаах буолалларын иннигэр охсуһар эрдэхтэринэ, күндү түүлээҕи, араас булду өлөрдөхтөрүнэ эрэ айахтарын ииттэр дьылҕалаах этилэр. Оҕунан ытыы спорт көрүҥэр Саха сиригэр 1962 сыллаахха киирбитэ. Оҕунан ытыы спорт биир дьикти, сиэдэрэй, уйулҕа уйгуурар көрүҥэ. Туналы маҥан көстүүм, омук ох саата, оноҕостор, толору экипировка – охчуту ураты көстүүлээх оҥороллор. Бу көрүҥ спортсмены иитэр-өйдөтөр, эти-сиини сайыннарар, бэрээдэккэ, тулалыыр эйгэҕэ үтүө санааланыыга ыҥырар-угуйар суолталаах, өрүттээх. Ол да иһин буоллаҕа буолуо, оҕунан ытыыга дьарыктанааччылар үрдүк культуралаахтар, олоххо боччумнаахтар. Билигин Сахабыт сиригэр икки ох көрүҥнэринэн дьарыктаналлар: 1) классическай ох – олимпийскай буолан уустуктардаах. Кирсин тардан истэҕин аайы ыараан иһэр. Бэйэҥ кыҥыыр сиргэр аҕалыаххар диэри өссө ыараан иһэр. Кирискин хайдах ытаргыттан, оноҕос арааһынайдаан көтөр. Дьэ, ол иһин, оҕо эрдэхтэн дьарыктаныахха наада. Ситиһии улахан үлэттэн, өр дьарыктаннахха кэлэр. 2) блочнай ох оптикалаах, саанан ытар курдук, онон көрөн сыалын ытаҕын. Кнопкалаах, чыыбыстаах. Блочнай буоллаҕына, бастакы тардыытын кыайдаххына, кыҥыырын саҕана, кирис бутэһигэр диэри тартахха, чэпчээн хаалар. Классиктааҕар судургу. Блочнай ох омуктар бултуур тэриллэрэ. Булка анаммыт, ону спортка көһөрбүттэр. Сахабыт сиригэр оҕунан ытыы спордун төрүттээбит Саха АССР үтүөлээх тренерэ Павел Михайлович Стасов буолар. Кини оҕолоро, сиэннэрэ эмиэ оҕунан ытыыга Саха сиригэр биллэр спорт маастардара эбит. Бу курдук, эһиги билигин көрөҕүт Сахабыт сиригэр оҕунан ытыыга биллэр спортсменнарбытын: Кристина, Розалина Тимофеевалар, Степанида Артахинова, Асим Павлов. Кыратык, историяттан кэпсиир буоллахха, аан бастакынан Россия хамаандатыттан 2008 сыллаахха Олимпийскай оонньууларга Баир Баденов 3 миэстэ буолбута. Бутэьиккэ, мин бэйэм үөрэтэр учууталым Вера Егоровна Коврова (Кривошапкина) туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини оҕунан ытыыга спорт маастарыгар кандидат, Саха сирин хас да төгүллээх чемпионката, Россияҕа үс төгул бронза призера буола сылдьыбыт. Ону мин грамоталарыттан уонна ол кэмҥэ хаһыаттарга суруйбуттарын уура сылдьарыттан ааҕан биллим. Баһылай Манчаары бирииһигэр спорт национальнай көрүҥнэрин спартакиадатыгар 1973, 1979 сс. иккитэ кыттыбыт. 1973 сыллаахха Чурапчы улууһун аатыттан кыттан кыргыттарга бастаан, чемпион аатын ылбыт. Күрэхтэһии былааҕын түһэрсибит, аҕыс буолан былааҕы тутан, «Туймаада» стадиону эргийэн баран аҕалан, күрэхтэһии кылаабынай судьуйатыгар туттарбыттар. Онон бэйэтин, мээнэ киһиэхэ тосхойбот, чиэскэ тиксибит, дьоллооҕунан ааҕынар. Бу спартакиада, биһиги улууска ыытылларынан, биһиги кинилэринэн киэн туттан туран, өйдөөн – санаан ааһарбыт тоҕоостоох дии саныыбын. Мин оҕунан ытыыны олуһун диэн интэриэһиргиибин. Билигин кыралаан дьарыктанарбар, кыра ох саалаахпын, сыал ытарга уерэнэ сылдьабын. Инникитин бу көрүҥ сайдарыгар хас биирдии оскуолаҕа сүрдээх сыаналаах инвентарь, экипировка наадалаах эбит дии саныыбын. Манчаары оонньууларын себулуур көрүҥмүн – оҕунан ытыыны көрөөрү күүтэ ахан сылдьабын. |