тестирование. Стараватов Word. рээр чгэй этэ. Мэниктэник буолан, элбэхтик курунан таыллан, дьарыллан ыараханнык буруйданара
Скачать 22.21 Kb.
|
Кырдьаҕас учуутал, общественнай деятель, Сэбиэтскэй былааһы актыыбынайдык олохтоспуттартан биирдэстэрэ, Бүлүү кыраайы үөрэтэр музейын төрүттээбит, Саха Сиригэр бастакы Үлэ Геройа Петр Хрисанфович Староватов 1873 сыллаахха Дьокуускай куоракка дьадайбыт хаһаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа бэрт эрэйдээхтик, кыһалҕалаахтык ааспыта. Ас-таҥас тиийбэтэ үп-харчы кырыымчыга диэни кыра эрдэҕиттэн амсайбыта. Дьолго, £лµ³хµмэтээ±и приходской училищеҕа үөрэммитэ. Үөрэҕэр үчүгэй этэ. Мэник-тэник буолан, элбэхтик курунан таһыллан, дьарыллан ыараханнык буруйданара. Дьиэ кэргэнэ ыһыллан, 1883 сыллаахха тастыҥ үтүө санаалаах убайа Дьокуускайга аҕалан уолаттар прогимназияларыгар үөрэттэрэр. Кэлин бу үөрэх кыһата реальнай училище буола улаатар. Үөрэх ирдэбилэ күүһүрэр, ордук математика, физика, химия салаатыгар күүскэ дьарыктаныы тэриллибитэ. Үөрэнэр кэмигэр политсыылынайдары кытта билсибитэ. Кинилэр кистэлэҥ куруһуоктарыгар сылдьара. Олоҕун устатыгар сибээһин быспатаҕа, өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар улахан оруолу оонньообута. 1892 сыллаахха реальнай училищены бүтэрэн, Чурапчы училищетын сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлиир. Манна сайаҕас эдэр киһи, саха тылын ылсан чинчийэр политсыылынайдары Пекарскайы, Осмоловскайы, Гариновиһы, Попову, Ястремскайы кытта ыкса билсэр, кыраайы үөрэтии умсуҕаныгар угуйуллар. Кинилэр биир уопсай баай ис хоһоонноох библиотекалаахтара, онтон Петр Хрисанфович кинигэ уларсан элбэхтик ааҕара. Политссылынайдар Саха сирин үөрэтиинэн дьарыктаналлара: Ястремскай саха тылын үөрэтэрэ, Майнов этнографическай матырыйаалы хомуйара, Пекарскай Саха тылын талдьытын оҥороро. Ити барыта эдэр Староватов төрөөбүт кыраайын үөрэтиитигэр көҕүлээбитэ, кэлин „Бүлүү биллиилээх кыраайы үөрэтээччитэ“ дэнэригэр кыымы сахпыта. Аҕабыыты кытта тапсыбакка, Чурапчыга биир эрэ сыл үлэлээбитэ. Петр Староватовы политсыылынайдары кытта сибээстэһэрин уҥсэн биэрэн, Бүлүүгэ сыылка бэрээдэгинэн ыыталлар. 1893 сыл кыһынын саҕланыытыгар орто уҥуохтаах, хатыҥыр, сүүрбэ саастаах эдэр киһи оҕуһунан айаннаан Бүлүүкуоратыгар кэлэр. Куорта диэн дорҕоонноохтук ааттанар эрээри кыратын сөҕө көрбүтэ, бэркэ хараастыбыта. Сиртэн нэһиилэ быган боруоран көстөр түрмэ дьиэтин таһынан уончака саха туруорбах балаҕана, биэс уон дьиэлээх куорат буоларыттан бэркэ мунчаарбыта. Учууталлыыр идэтин салгыы ыытар, олох киэҥ араас быһылааннарын олохтоох норуокка тарҕатан барар, библиотека тэрийэн улахан политическай үлэни ыытар. Сотору буолаат сыылкаҕа олорор поэт-революционер, Украина норуотун уһулуччулаах уола, Павло Грабовскайы кытта билсибитэ, үрдүк культуралаах, киэҥ билиилээх Михаил Иванович Ромастыын доҕордоспута, П.Ф.Тепловтуун, онтон да атыттары кытта истиҥ сыһыаны олохтообута. 1906 сыллаахха митиҥҥэ улэһит норуот туһунан, ыраахтааҕы былааһын утары тыл быктарбытын хобулаан, Петр Хрисанфовиһы учууталыттан тохтотон кэбиһэллэр. Кини таах санаатын түһэрэн олорон хаалбатаҕа. Икки сыл чааһынай ыаллар оҕолорун үөрэтиинэн дьарыктанар, судьуйаҕа тылбаасчытынан уонна докумуон дьаһайааччынан улэлиир, бэчээти кытта дьаныардаахтык ылсар. Үөрэхтээһин министерствотагыр элбэх үҥсүү сурук суруйан, бэйэтин интэриэһин хорсуннук туруорсан, син кырдьыгын булунан, кинини учууталлыыр үлэтигэр 1907 сыллаахха төннөрөллөр. Бу сырыыга Сунтаар Элгээйитин оскуолатыгар анаммыта. Манна кэлэн Петр Хрисанфович үлэ үөһүгэр төбөтүнэн умса түһэр, салайар-тэрийэр талаана арыллар. Ол саҕана оклада эрэ түһэ сытар саҥа оскуола тутуутун саҕалаан бүтэттэрэр. Эбии оҕолор олороллоругар уопсай дьиэ, баанньык туттарар. Оскуола эргэрбит үөрэтэр кинигэлэрин саҥардар, физика уруогар туттуллар прибордары суруттаран ылар. Дьон-норуот интэриэһинэн олорор, сайдыыны баҕарар, Бүлүү сирин патриота үрдүкү салалтаҕа элбэх боппуруоһу туруорсара, сонун этиилэри оҥороро. Кини туруорсуутунан Бүлүү оскуолата 1913 сыллаахха үрдүкү начаалынай училищеҕа кубулутуллан, статуһа үрдэтиллибитэ. Бүлүү ыччатын үөрэххэ, сайдыыга аартыга кэҥэтиллибитэ. Саха интеллигенциятын уһулуччулаах дьоно А.Е.Кулаковскай, С.А.Новгородов бу училищеҕа үлэлии кэлбиттэрэ. Ол кэм Олунньутааҕы революция кэмэ этэ. Кэлээт музей тэрийбитинэн барар. Кинини общественнай сэрэхтээх буолуу комитетын председателынан талыллар, учууталлыырын тохтоппокко саҥа улэтигэр күүскэ үлэлиир. Элбэх киһини түрмэттэн босхолуурга көмөлөһөр. 1920 сыллаахха Петр Хрисанфовиһы коммунистическай партияҕа ылаллар. Гражданскай сэрии сылларыгар Бүлүү оборонатын көмүскүүргэ этэрээттэр сүрүн састааптара коммунистартан уонна комсомолецтартан турара. Биирдэ ботуруоннара бутээри ыксал буолбутугар, Петр Хрисанфович сибиниэс буулдьалары маассабай кутуу ньыматын толкуйдаан булбута уонна тэрийбитэ. Петр Хрисанфовичка сүрүн үлэтинэн учуутал үлэтэ буолар. Кини 43 сыл устата, ол иһигэр Бүлүү оскуолатыгар 35 сыл учууталаабыта, 1935 с. Доруобуйатын туругунан музейга көһүөҕэр дылы учуутал үлэтиттэн арахпатаҕа. Кини музейга үлэлии киирэн баран, кимнээҕэр да элбэхтик Бүлүү сирин рюкзак сүгэһэрдээх уһаты-туора сыыйбыта, чинчийбитэ, сирин-уотун, айылҕатын, үүнээйитин, көтөрүн-сүүрэрин, сирин баайын үөрэппитэ, хомуйбута, муспута, дьон көрүүтүгэр, билиитигэр таһаарбыта. Ол тэлэ айанныы сылдьан, төрөөбүт дойдутун ыраах сытар муннуктарын чинчийбитэ, үөрэппитэ. Айаннаабыт сирин аайы үгүс доҕоттордоммута салгыы үлэлииригэр сүрүн оруолу ылбыта. Кини элбэх экспедицияларга кыттыбыта. Петр Хрисанфовиһы краевед, музей тэрийээччитин быһыытынан Бүлүү улууһугар эрэ буолбакка, Сахабыт сирин ыраах сытар атын улуустарыгар эмиэ биллэн барбыта. Оччотооҕу оҕолор ахталларынан: «…оҕонньор соҕотох да буоллахха үөрэ-көтө көрсөрө, батыһыннара сылдьан музей экспонттарын туһунан күнү быһа салгыбакка кэпсиэх быһыылааҕа...» 1936 с. „Советское краеведение“ сурунаал 6 нүөмэригэр П.Х.Староватов “Минеральные богатства р.Вилюя” ыстатыйатыгар өссө революция иннинэ Кэмпэндээйи үрэхтэргэ көмүс сууйааччылар икки, күн уотугар уон араас кустук өҥүнэн оонньуур күндү тааһы булбут түбэлтэлэрин туһунан суруйбута. 1952 с. ССРС геологиятын министерствотыгар Түҥ өрүс үөһээ тардыытыгар булчуттар графиты уонна алмааһы булалларын биллэрбитэ. Ити курдук Бүлүүгэ алмаас баарын аан маҥнай билбит уонна кииҥҥэ биллэрбит киһинэн П.Х.Староватов буолар. Бүлүү сиригэр көмүс, туус, платина, сланец, нефть, газ, чох баарын биллэрэрэ, суруйара, ону горуот туһатыгар таһаарарга туруорсара. Ол туһунан «Правда” хаһыат “Нефть Якутии” ыстатыйатыгар суруйбута: “Якутский старожил, активный краевед, принимавший участие в революционном движении в Якутии еще в царское время, народный учитель тов. Староватов сообщает об открытии нефтяных источников в Якутии.” Өссө, 1930 с. партия уобаластааҕы комитетыгар Бүлүү өрүһүн үөһээ тардыытын харылҕаныгар гидроэлектростанцияны тутары туруорсубута, көдьүүһүн дакаастаабыта. Гидроэлектростанцияны тутуу кини өлбүтүн кэннэ, 1966 с. саҕаламмыта, 1968 с. алтынньытыгар электроэнергия бастакы уотун алмаас промышленноһыгар биэрбитэ. 1934 с. Москваҕа тиийэн Н.К.Крупская приемугар сылдьан, көрдөһүүтүн түмүгэр ити сыл Бүлүү оскуолатыгар Россия үөрэххэ наркомун фондуттан учебниктар, онтон да атын литературалар күндү бэлэх буолан кэлбиттэрэ. 1941 с. 68 саастаах Староватов оборона фондатыгар сабыс саҥа тигиллибит 5 телогрейканы, 3 бүрүүкэни уонна 4175 солк. харчыны биэрбитэ. 81 сааһыгар диэри музейыгар үлэлээбитэ. Петр Хрисанфович бу күн сиригэр 84 сылын олорбутуттан 64 сыл Бүлүү сиригэр атаарбыта. Бүлүү куоратыгар 58 сыл олорбута, тапталлаах кэргэнин манна булбута, оҕолоро – икки уола, кыыһа манна төрөөбүттэрэ, улааппыттара, бэйэтин, кэргэнин оҕолорун Илья (гражданскай сэрии саҕана Бүлүү оборонатын кэмигэр өлбүт), Люся Бүлүү биэрэгин буоругар кистэммиттэрэ. 1932 сыллаахха П.Х.Староватов Саха сиригэр бастакынан Үлэ Геройа буолбутун Бүлүү дьоно истиҥник киэн тутталлар уонна үтүө аатын кэлэр көлүөнэлэр кэриэстииллэрин туһугар уһун үйэлэргэ үйэтитэргэ дьулуһаллар. |