саха тыла. _саха тыла+. Быаарыы сурук рэх биридимиэтин йдблэ
Скачать 446.29 Kb.
|
Быһаарыы сурук Үөрэх биридимиэтин өйдөбүлэ Төрөөбүт тыл хайа а омукка омук буоларын быһаарар көстүүтэ буолан, киһи иитиллиитигэр улахан суолталааҕын, оруолун туһунан чинчийии, үөрэтии элбэх. Төрүт тылынан үөрэнии, сайдыы киһиэхэ үтүө эйгэни үөскэтэр тыын, норуот норуот муудараһын дөбөҥнүк, судургутук өйдөтөр кыах буолар. Оскуолаҕа төрөөбүт тылы, литератураны үөрэтии суолтата улаатта, саҥа ирдэбил турда. Үөрэнээччи кэрэ, баай төрөөбүт тылын үөрэтэн, билбитин сатаан туттар-туһанар буоларын ситиһэр у улуобуйа олохтонор. Оҕо өйдөөн, сөп тэтимнээхтик таба ааҕара, суруйара, онтун ырытара, дьиҥ чахчыны кытта тэҥнээн көрөрө, санаатын сааһылаан этэрэ, кэпсиирэ, кэпсэтэрэ, түмүктүүрэ бэйэтин төрөөбүт тылын билэриттэн тутулуктаах. Алын сүһүөх кылаастарга төрөөбүт тыл биридимиэтэ оҕо өйүн-санаатын сайыннарар, бэйэ дьарыгын тэринэр, үөрэнэргэ бастакы үөрүйэхтэри олохсутар сүрүн бириимиэттэртэн биирдэстэр буолан баһылыыр суолталаах, үөрэтии олох саҥа ирдэбилигэр эппиэттиир, билиҥҥи оҕо оҕо сайыытын хааччыйар соруктаах. Ис хоһооно оҕо ситимнээх саҥатын, сатаан ааҕар, суруйар, айар-тутар дьоҕурун үөскэтэргэ, тобуллаҕас толкуйу олохтуурга, араас эйгэҕэ бодоруһар бастакы сатабыллары иҥэрэргэ туһаайыллар, үөрэнээччи салгыы орто сүһүөххэ үөрэнэригэр федеральнай үөрэх стандарын ирдэбилигэр эппиэттиир тустаах бэлэми хааччыйар аналлаах. Саха тылын үөрэтиигэ үлэлиир бырагыраама алын сүһүөх уопсай үөрэхтээһиҥҥэ федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх стандартын түмүк ирдэбиллэригэр уонна Арассыыйа гражданинын сиэрин-майгытын сайыннарыы уонна иитии Концепцмятыгар олоҕурар. Төрөөбүт тылы үөрэтии бириинсиптэрэ: Тылы кэлимсэ үөрэтии: ааҕыы, таба суруйуу, тылы байытыы, саҥарар саҥаны, толкуйдуур, айар дьоҕуру сайыннарыы бииргэ, уруок араас кэрдииһин курдук барар. Саҥарар хайысхалаах үөрэтии: оҕо уруокка ааҕан, кэпсээн, саҥаран, суруйан, төрөөбүт тылын баайын баһылыыр, кэрэтин сөҕөр-махтайар, сатаан туһанарга үөрэнэрэр. Өйдөөн үөрэтии: үөрэнээччи тыл тутулун (грамматиканы): билэн, ол сокуонун тутуһан, литература тылынан сааһылаан саҥарар, суруйар. Бырагыраама сүрүн сыала-соруга – биллэрэр, сайыннарар, иитэр сорук тэҥҥэ дьүөрэлээн, тылынан уонна суругунан саҥаны сайыннарыы, ортоку сүһүөх оскуолаҕа саха тылын биридимиэтин үөрэтиигэ бэлэмнээһин. Билии, сатабыл уонна үөрүйэх кээмэйэ үөрэх стандартын ирдэбилигэр сөп түбэһэр. Төрөөбүт тылы үөрэтии бырагыраамата түөрт сүрүн салаалаах: - таба суруйууга үөрэтии; - ааҕыыга үөрэтии; - фонетиканы, грамматиканы үөрэтии; - бодоруһуу, тылы сайыннарыы. Хас биирдии салаа тылы туттуу түөрт күрүҥүн (истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу үөрүйэхтэрин) дэгиттэр сайыннарар соруктаах. Үөрэтии сүрүн хайысхата үөрэх кинигэтигэр ыйытыы арааһгар, эрчиллии сорудаҕар чопчуланар. «Саха тыла» биридимиэти үөрэтии сыала, соруктара «Саха тыла» биридимиэт төрөөбүт тылга кэрэхсибили үөскэтэр, саҥарар уонна суруйар саҥаны бэрээдэктиир, тылы таба туттарга, араас тутуллаах этиилэри, тиэкиһи сатаан оҥорорго үөрэтэр аналлаах. Үөрэтии соруктарынан буолаллар: - төрөөбүт тыл норуот үйэлэргэ муспут баайа, алтыһар ньымата, норуотуратытын быһаарар көстүүтэ, култуурата буоларын өйдөтүү; - төрөөбүт тылын сөбүлүүр, күннээҕи олоҕор туттар, айар-тутар дьоҕура сайдарын, үөрэнэригэр-сайдарыгар сүрүн миэстэни ыларын өйдөтүү; - төрөөбүт тылга интэриэһи көбүтүү, тыл баайын-кэрэтин арыйан умсугутуу; - өйө-санаата төрөөбүт тылга олоҕурарын, саха тылыттан ураты өссө атын омук тыллара баарын билиһиннэрии; - тылынан уонна суругунан саҥатын сайыннарыы; - билэр-көрөр баҕатын уһугуннаран, тылга дьоҕуру иҥэрии; - аныгы үйэ сиэринэн информационнай технология туһатын өйдөтүү, наадыйар информациятын, матырыйаалы көрдөөн, туһанар ьастакы үөрүйэҕин иҥэрии; - төрөөбүт тыл литературнай нуорматын уонна бодоруһуу култууратын, сиэрин туһунан бастакы өйдөбүлү олохсутуу, ньымаоарын билиһиннэрии; - кэпсэтэр, бодоруһар үөрэх дэгиттэр дьайыыларын туттар үөрүйэхтэри иҥэрии; - кэпсэтиһиигэ киһи санаатын истэр, учуоттуур, бэйэтин санаатын аһаҕастык этэр, кыһалҕатын ыйытан быһаарсар ньымалары олохсутуу; - иитэр-үөрэтэр үлэни тэрийии, норуот муударастарын билиһиннэрии. Үөрэх былааныгар үөрэх биридимиэтин миэстэтэ Алын сүһүөх оскуолаҕа төрөөбүт тыл түөрт сыл устата үөрэтиллэр. Маҥнайгы кылааска саха тылын үөрэтии үөрэх дьылын иккис аҥарыттан саҕаланар. Үөрэх былаанынан «Саха тыла» биридимиэти ү4рэтиигэ барыта 360 чаас көрүллэр. Үөрэтиллэр матырыйаал кылаастарынан наарданыыта маннык:
Үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ Саха төрөөбүт тыла, култуурата, салгыы сайдар кэскилэ диэн хас биир саха оҕотун түрүүбөт тылынан иитэн. Үөрэтэн, тылы ураты сыаннас буоларын, харыстаныахтааҕын, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэрин өйдөөтөхпүтүнэ сыал-сорук ситиһиллэр. Төрөөбүт тылынан иитиллибит оҕо норуот ытык өйдөбүллэрин этинэн-хаанынан,сөрэҕинэн-быарынан ылынар. Норуот сүрүн ытык өйдөбүллэрин иҥэриммит, саха оскуолатын начаалынай кылааһын бүтэрэр үөрэнээччи мадыала: - төрөөбүт тылга харыстабыллаахтык, сиэрдээхтик сыһыаннаһар, бэйэтин омугунан, норуотунан киэн туттар санаата олохсуйар; - сайдыылаах, үөрэх бары биридимиэтигэр ситиһиилээх буоларга төрөөбүт тыл суолтатын, үөрэнэр уонна сайдар суол диэн өйдүүр; - майгы-сигили нуорматын тутуһар, бэйэ эппиэтинэһин сайыннарар; - сиэрдээх быһыы, дьоҥҥо амарах сыһыан иитиллэр; - үтүө сыһыаннаах бодоруһуу олохсуйар; - тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитиллэр, тулалыыр эйгэни төрөөбүт тыл көмөтүнэн үөрэтиэххэ, билиэххэ, чинчициэххэ сөбүн өйдүүр, ырытар, сыаналыыр; - айамньылаах үлэҕэ баҕа үөскүүр, бастакы сатабыл, үөрүйэх, олохсуйар; - төрөөбүт тыл, дьиэ кэргэн, ийэ дойду, дойду историята, айылҕа, үлэ, үөрэх, норуот сиоэр-туома, үтүө сыһыан, кэрэ санаа уо.д.а. сыаннастары өйдүүр; - Саха сиригэр саха тылыттан ураты атын тыллаах, историялаах. Култууралаах норуоттар баалларын билсэр, атын омук тылыгар уонна култууратыгар убаастабыллаах сыһыаҥҥа иитиллэр. Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэр төрөөбүт тылынан астына кэпсэтэр-ипсэтэр, саха тылын өрө тутар, киэн туттар, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, төрөөбүт тыл сайдыыта киниттэн эмиэ тутулуктааҕын, төрөөбүт тылынан саҥара, үөрэнэ улааттаҕына тыл өлбөт-сүппэт диэн өйдүүр. Норуот тылынан айымньыта уонна уус-уран литература – саха тыла сайдыытын көстүүтэ, чыпчаала диэн билэр. Саха сиригэр уонна Арассыйаҕа элбэх араас омук олорорун, бары туспа тыллаахтарын, ураты култууралаахтарын өйдүүр, убаастабыллаахтык сыһыаннаһар. Хас биирдии өйдөбүл туһунан тугу саныырын этэр, бэйэтин тус сыһыанын биллэрэр, араас түгэҥҥэ бэйэ дьайыытын быһаарар, сыаналыыр, сыал туруорунар. Биридимиэт нөҥүө сайдар сатабыллар Кыра кылааска үөрэнээччи үөрэх дэгиттэр дьайыыларын баһылаатаҕына, үөрэнэргэ үөрэннэҕинэ эрэ салгыы ситиһиилээхтик үөрэнэр кыаҕа хааччыллар. Оҕо бэйэтэ кыһаллан үөрэннэҕинэ эрэ сайдарын өйдүүур, араас билиини ылар, ону атыттарга кэпсиир, быһаарар, наада буоллаҕына өйдөтөр, үөрэтэр дьоҕурдаах киһи буола улаатар. Ыарырҕатар түгэнигэр киниэхэ учуутал – бастакы көмөлөһөөччү, ыйааччы-кэрдээччи, салайааччы. Тирэх буоларын өйдүүр. Түмсүүлээхтик, бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта өйдөһөн үлэлиир, ситиһиигэ дьайарын өйдүүр. Онон, сүрүн сыал – үөрэнэргэ үөрэхтээх, федеральнай стандарт ирдэбилигэр эппиэттиир билиилээх, салгыы орто сүһүөххэ ситиһиилээхтик үөрэнэр, олоххо бэлэмнээх киһини иитии. Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ «Үтүө быһыы», «Тулуур», «Ийэ дойду», «Аҕа дойду», «Айылҕа», «Дьиэ кэргэн», «Доҕордоһуу», «Норуот», «Бэйэм омугум», уо.д.а. диэн сүрүн сыаннастары өрө тутар. Дьиэ кэргэҥҥэ, аймахтарга, бэйэ норуотугар, атын омуктарга, норуоттар үгэстэригэр, төрөөбүт дойдуга убаастабыллаахтык сыһыаннаһар, төрөппүттэрин таптыыр. Үөрэххэ интэриэстээх, баҕаран туран үөрэнэр, үөрэх олоххо суолтатын өйдүүр, инникитин ким буолуон баҕарарын сабаҕалыыр. Олоххо көстөр түгэннэри, айымньыга кэпсэнэр ьоруойдары сөпкө өйдүүр, сыаналыыр. Билэр-көрөр сатабыл: Үөрэх кинигэтинэн сатаан үлэлиир, болдьох бэлиэлэргэ быһаарсар. Үөрэнэ баҕалаах, бэйэни сайыннарар. Хайдах үлэлиэхтээҕин былааннанар, тугу өйдөөбөтөҕүн булан хатылыыр. Уруокка үлэлиир сыалы-соругу сөпкө туруорунар. Учуутал судургу, уустук ыйытыыларыгар хоруйдуур. Наадалааҕы үөрэх кинигэтиттэн булар. Бэйэтэ сөпкө ыйытар. Үөнэнэр матырыйаалы тэҥнээн көрөр, уопсайы, уратыны быһаарар. Уопсай үөрүйэхтэри өйдүүр. Үөскээбит кыһалҕаны ырытар, билиини сааһылыыр, өйдөбүллэр ситимнэрин быһаарар. Уопсай үөрүйэхтэри өйдүүр, үөскээбит кыһалҕаны ырытар, билиини сааһылыыр, өйдөбүллэр ситимнэрин быһаарар. Сүрүн бэлиэҕэ олоҕуран биридимиэттэри бөлөхтөргө араарар. Быраабылаҕа олоҕуран сүрүн бэлиэни араарар, сорудаҕы толорор, тэҥниир, быһаарар, тиһиктээхтик толкуйдуур. Араас тиэкистэн, ойууттан, исхиэмэттэн бэйэтигэр туһалаах информацияны булан көрөн түмэр, араартыыр. Үөрэтиллэр матырыйаал сүнньүнэн сүрүнү уонна уратыны булар, түмүктэри оҥорор. Бэлэмниир иһитиннэриитигэр кылгас былаан оҥорор, исхиэмэҕэ көрдөрөр. Кэпсиир дьоҕурун сайыннарар. Истибитин, аахпытын сиһилии кэпсиир, тиэмэтин быһаарар, былаан оҥорор. Каталогтары алпаабытынан, тиэмэтинэн араарар. Наадыйар информациятын үөрэх кинигэтигэр, тылдьыкка, энциклопедияҕа, ыйынньыкка булар, сорудаҕы толорорго көмөлөһөр эбии матырыйаалы туһанар. Интернеттэн наадыйар информациятын, матырыйаалы көрдөөн булан туһанар. Ылбыт үөрүйэҕин, сатабылын, билиитин бэрэбиэркэлэнэр, ситиһиитин сөпкө сыаналанар. Билиитин атын биридимиэт уруогар, эйгэҕэ туһанар, ситимниир. Үөрэх матырыйаалын туһунан бэйэтин санаатын этэр, билиитин-көрүүтүн, тус сайдыытын сөпкө сыаналанар. Үөрэх кинигэтиттэн ураты атын эбии матырыйаалынан (араас литература, тылдьыт, ыйар-кэрдэр матырыйаал, энциклопедия, хаһыат, сурунаал уо.д.а) үлэлиир, наадыйарын булар, дьарыктанар, информацияны хомуйар, таба туһанар. Тиэкискэ, араас табылыысаҕа, исхиэмэҕэ, мадыалга, ИКТ-ҕа, ойууга туһааннаах информацияны сыыйан ылар, былаан оҥорор. Бэйэ информациятын тиэкиһинэн, табылыыссанан, исхиэмэнэн, ИКТ-нан оҥорор. Информация ис хоһоонун кылгатан, талан эбэтэртолору кэпсиир. Кэтээн көрөр уонна бэйэ түмүгүн оҥоро үөрэнэр. Билиитин түмэр, сааһылыыр, бөлөхтүүр. Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Үөрэнээччи бэйэтин үлэтин тэринэр дьоҕурун сайыннарар: туруоруммут соруктарын былаанныыр, хонтуруолланар, ситиһэр көдьүүстээх ньымалары, үлэтин түмүгүн сыаналанар. Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун өйдүүр, сөптөөх ньымалары булан туттар, туһанар. Төрөөбүт тыл уруогар бэйэтин үлэтин хонтуруоллана үөрэнэр, араас соруктары хайдах толорбутун быһаарар. Сорудах толоруллар былаанын бастаан учуутал көмөтүнэн, онтон бэйэтэ оҥорор, бэрэбиэркэлэнэр. Ыйынньыктары, энциклопедияны, араас литэрэтиирэни, ИКТ-ны туһанар. Бэриллэр ыйытыылары, сорудахтары өйдөөбөтөҕүнэ быһаарсар, быраабылалар, табылыыссалар көмөлөрүнэн тугу билбитин туһунан санаатын этэр. Уруокка паараҕа, бөлөххө бииргэ үлэлии үөрэнэр. Бодоруһууга майгы-сигили нуорматын тутуһар, бэйэ эппиэтинэһин салайынар, бэйэтин сыаналанар. Бодоруһар сатабыл: Бииргэ үөрэнэр доҕорун, дьону кытта сатаан алтыһар, кэпсэтэр, араас түгэннэргэ кэпсэтиһэр киһитин учуоттуур, санаатын болҕойон истэр, убаастабыллаахтык сыһыаннаһар, бииргэ алтыһан үлэлиир. Олоххо буолар араас түгэннэргэ уонна уруокка кэпсэтиһиигэ кыттар, бэйэтин санаатын этэр. Бөлөххө сатаан кэпсэтэр, дьүүллэһиигэ кыттар, бэйэтин санаатын холкутук сааһылаан итэҕэтэр гына этэ үөрэнэр. Бодоруһууга майгы-сигили нуорматын, бэйэ эппиэтинэһин сайыннарар, салайынар. Атыттары тулуйан истэр. Ыйытыыга, сорудахха санаатын сааһылаан чопчу этэр; саҥарарыгар санаа ситимин кэтэнэр, кэспэт; паараҕа үлэлии үөрэнэр. Учуутал уонна табаарыстар ыйытыыларыгар сиэрдээхтик эппиэттиир, бэйэ санаатын этэригэр кэпсэтиһии сиэрин тутуһар. Сөпкө дорооболоһор, бараһаайдаһар, махтанар. Атын дьон саҥатын болҕойон истэр, өйдүү сатыыр. Бэйэ санаатын толору этинэр. Сурукка түһэрэр. Искэ, таска үөрэх кинигэтин тиэкистэрин, ону таһынан уус-уран, научнай-популярнай кинигэлэри ааҕар, туох этиллибитин өйдүүр. Үөскээбит кыһалҕаны паараҕа, бөлөххө тэҥҥэ быһаарсар. Тугу саныырын араас өттүттэн үчүгэйдик ырытар, атын киһи санаатын өйдүүр. Бөлөх үлэтигэр кыттыһар, оруоллары үллэстэр, бэйэ икки ардыгар быһаарсар. Кэлин туох буолуон сөбүн сабаҕалыыр. Кэпсэтиһиигэ дьон өйдөспөт түгэнин сөпкө быһаарар, сыаналыыр, араас мөккүөрдээх түгэнтэн сатаан тахсар кыаҕы ырытар. Бу сатабыллары уруокка оонньуу нөҥүө иҥэриллэр. Оонньууга ханнык баҕарар оҕо аһыллар, саныырын сайа этэр, тылын эрчийэр. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ Тиэкиһи искэ, таска, ис хоһоонноохтук ааҕар, үчүгэйдик толкуйдаан саҥарар, тылынан уонна суругунан санаатын этэр. Сорудаҕы толорорго саҥа араас көрүҥнэрин, ньмаларын баһылыыр. Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр. Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар. Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун өйдүүр, сөптөөх ньымалары булан туттар, туһанар. Үөрэх дьарыгын туруоруллубут соруктарга олоҕуран былаанныр, хонтуруолланар уонна сыаналанар, ситиһиигэ тиэрдэр ордук көдьүүстээх ньымалары быһаарар. Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ Кыра кылаастарга үөрэнээччи дорҕоону, сүһүөҕү, тыл састаабын, саҥа чаастарын, этии чилиэннэрин, тэнийбэтэх, тэнийбит этиилэри, этии чилиэннэрин булар, араарар, көһөрөр, дорҕоонунан ырытар, сурук бэлиэтин сөпкө туруорар. Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсиир, кэпсэтиһиигэ кыттар. Ылбыт билиитин туһунан бэйэтигэр сөптөөх сыанабыл оҥорор. Атын биридимиэттэри үөрэтэргэ төрөөбүт тыл төрүт буоларын уонна биридимиэттэр алтыһыыларыгар (бодоруһуу, култуура, айымньылаах үлэ уо.д.а) икки ардыларынааҕы сибээстэри өйдүүр. Үөрэтии ис хоһооно Истии. - Кэпсэтиигэ сиэр-майгы нуорматын тутуһан, кэпсэтэр киһи саҥатын болҕойон истии. Ыйытыыга сатаан хоруйдааһын, сыалтан саҥаны хайдах этиллибитин сааһылаан быһаарыы; саҥа соругун өйдөөһүн. Кэпсэтэр үөрүйэх. Бодоруһуу сиэрэ. - Кэпсэтии сиэринэн уратыларын кытта билсии, саҥа култууратын, бодоруһуу сиэрин тутуһуу. - Тугу этэрин эрдэ былааннааһын (хайдах саҕалыыры, тугу этэри, тугунан түмүктүүрү), санааны толору этии. - Этэр санаа сыалыгар сөп түбэһэр тылы-өһү булуу. - Ойуунан эбэтэр бэриллибит тиэмэҕэ ситимнээх саҥа, кэпсэтии сиэрин тутуһан кылгас кэпсээни оҥоруу. - Диалокка кэпсэтээччилэр санаа атастаһыыларын өйдөөһүн. -Сэһэргэһэр киһини болҕойон истии, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдөөһүн, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллыы, дакаастааһын, сөптөөх тэтиминэн саҥарыы, кэпсэтиһиини сиэрдээхтик түмүктээһин. - Диалог уратытынан кэпсэтии сыалын билии, ыйытыыны уонна хоруйу толкуйдааһын, кэпсэтэр киһинм сөпкө туттан-хаптан истии, кэпсэтиини ыйытыы уонна реплика көмөтүнэн көҕүлээһин. - Монолог – саҥа биир ураты көрүҥэ. Бэриллибит тиэмэҕэ эбэтэр ыйытыыга олоҕуран, сүрүн санааны быһааран дьоҕус этиини саҥарар үөрүйэх. Истээччи төһө билэрин учуоттаан туран тириэрдии. - Бэйэ уопутугар олоҕуран, бэриллибит тиэмэҕэ бэйэ санаатын этии. Ааҕыы - Тылы, этиини бүтүн тылынан таба өйдөөн, сөп тэтимнээхтик ааҕыы. - Бодҕомтолоохтук ааҕыы, санааны сааһылаан, толкуйдаансаҥарыы, тылынан уонна суругунан морудаҕы толоруу. - Тиэкиһи хоһоонноохтук ааҕыы, таба саҥарыы. - Сурук бэлиэтин көрөн, интэнээссийэ нуорматын тутуһан ааҕыы. - Таска ааҕыыттан сыыйа искэ ааҕыыга көһүү. - Аахпыт тиэкис сүрүн санаатын өйдөөһүн, быһаарыы. - Сорудахтаах ааҕыыга болҕойон ааҕыы, этиллибити булуу, дакаастааһын, итэҕэтэр гына кэпсээһин. - Ааҕыы араас өрүҥүн (үөрэтэр, сорудахтаах, талар, билсэр уо.д.а) туһанан. Үөрэтэр уонна научнай-биллэрэр тиэкистэн информацияны була үөрэнии. Сурук. Суругунан саҥа сиэрэ - Буукуба элэмиэннэрин таба сөпкө холбоон, тылы ыраастык суруйуу. - Тылы, тиэкиһи көрөн, истэн таба суруйуу. - Тылы быраабыланы туһанан сөпкө көһөрүү. - Тиэкиһи көрөн, истэн, аахпыттан таба суруйуу. - Бэриллибит тиэмэни ситэрэн, өйтөн суруйуу. - Саҥа этиини улахан буукубанан, бүтүүтүгэр сурук бэлиэтин сөпкө туруоруу.. - Суругунан саҥа нуорматын тутуһан тиэмэҕэ олоҕуруу, сөп түбэһиннэрии. - Суругунан саҥаҕа тыл ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматын туттуу (синиэньим, онтуоньум, тэҥнээһин). - Суругунан тиэкиһи бэрэбиэркэлэнии уонна көннөрүү. - Бэриллибит тиэмэҕэ кылгас өйтөн дьоҕус кэпсээн суруйуу. Дорҕоон уонна таба саҥарыы - Үөрэтии сүрүн соруктара: чуолкайдык саҥарыы, искэ, таска ааҕыы, суруйуу. Тыл дорҕооннорун арааран истии. - Араас эрчиллии көмөтүнэн истэр уонна тыынар уорганнар үлэлэрин быһаарыы. Сөпкө тыыннаран чуолкайдык, улаханнык саҥарыы. - Дорҕоон арааһын истэн араара, кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннору тэҥнээһин, тылы фишканан көрдөрүү, фишка исхиэмэтигэр тыллары булуу. - Тылы дорҕоон уонна буукуба састаабынан ырытыы. - Уһун аһаҕас дорҕооннору, хоһуласпыт уонна сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору кылгас аһаҕас дорҕооннортон арааран истии, таба суруйуу. - Аһаҕас дорҕоон ураты көрүҥэ – дьуптуоннары араарыы, таба суруйуу. - Маарыннаһар. Кылгас. Уһун аһаҕач дорҕооннору арааран истии, чуолкайдык саҥарыы. Тыл - Тыл олоҕо уонна сыһыарыыта. Сыһыарыы көмөтүнэн атын суолталаах тыл үөскээһинэ, тыл этиигэ атын тала кытта сыһыапыы көмөтүнэн ситимнэһэрэ. - Сүһүөх. Сүһүөх арааһа. Тыл сүһүөҕэ. Тылы көһөрүү. - Сыһыарыы суолтата. - Саҥа часстара: «биридимиэт аата», «биридимиэт бэлитэ», «биридимиэт тугу гынара». - «Аат тыл», «даҕааһын аат», «туохтуур» диэн грамматическай терминнэр. - Тыл ханнык саҥа чааһа буоларын лексическэй өйдөбүлүн уонна ханннык ыйытыыга эппиэттиирин быһаарыы. - Таба суруйуу быраабылалара. Этии - Этии көрүҥнэрэ. Этии чилиэннэрэ: этии тутаах чилиэннэрэ. Этиигэ тыллар пааранан ситимнэһиилэрэ (тыл ситимэ); - Сэһэн. Соруйуу, ыйытыы, күүһүрдүү этиилэр. - Этиигэ интэнээссийэ оруола. - Сурук бэлиэтэ. - Тыл көстүүлэрин быһаарыы, санаатын итэҕэтиилээхтик дакаастааһын. - Тыллары тэҥнээн уонна утарыта бөлөхтөөһүн. - «Этии чилиэнэ», «Саҥа чааһа» өйдөбүллэр. - Араас тиэкиһи устуу, дьыктаан көрүҥнэрэ. - Бииргэ үөрэнэр доҕорун уонна бэйэ алҕаһын булуу. - Ыраастык суруйуу - Көнөтүк олорон, тэтэрээти сөпкө ууран, уруучуканы табатык тутан ыраастык суруйуу. Буукубалар элэмиэннэрэ, ситимнэрэ. - Сыыһаны көннөрүү. Каллиграфияҕа эрчийии. Саҥаны сайыннарыы Тылы байытыы. Тыл лексическэй суолтата: синиэньими, онтуоньуму, омуоньуму өйдөтүү. Тыл ситимигэр дьарыктааһын. Тыл суолтата тыл ситимигэр, этиигэ туттуллуута. Тыл ситимин оҥоро үөрэнии. Лексическэй суолтаны тыл ситимигэр киллэрэн өйдөтүү. Этиини кытта үлэ. Этии араас көрүҥнэрин (тиэкиһи этиилэргэ араарыы. Ыһыллыбыт этиини сааһылааһын, этиини ыйытыыларынан тэнитии, сиппэтэх этиини ситэрии, сатаан оҥоһуллубатах этиини көннөрүү, маарыннаһар тыллартан этиигэ сөптөөҕүн талыы), оҥоруу. Ситимнээх саҥаны (тылынан, суругунан) сайыннарыы. Санааны чуолкайдык этии. Аахпыттан уонна өйтөн суруйуу. Араас сыһыаны (үөрүүнү, хомойууну, сөҕүүнү уо.д.а) биэрэр этиилэри оҥоруу, табатык интэнээссийэлээн саҥарыы. Кэпсээн былаанын оҥоруу. Өйтөн кэпсээһин. Айан суруйуу. |