Главная страница
Навигация по странице:

  • Диктант тиэкиһин кээмэйэ

  • Таба суруйуу

  • Тылы байытыы, этии оҥоруу

  • Сурук үлэтин сыаналааһын. Үѳрэнээччи истэн суруйар үлэтин сыаналыырга маннык нуорманан салайтарыллар:«5» сыана – орфографическай алҕаһа суох үлэҕэ.

  • «4» сыана – 1 – 3 орфографическай алҕастаах үлэҕэ. «3» сыана – 4 – 5 орфографическай алҕастаах үлэҕэ. «2» сыана – 6 – 10 орфографическай алҕастаах үлэҕэ.

  • «1» сыана – олус элбэх орфографическай алҕастаах үлэҕэ.

  • Алҕаһы кѳннѳрүү, чинчийии.

  • саха тыла. _саха тыла+. Быаарыы сурук рэх биридимиэтин йдблэ


    Скачать 446.29 Kb.
    НазваниеБыаарыы сурук рэх биридимиэтин йдблэ
    Анкорсаха тыла
    Дата15.05.2023
    Размер446.29 Kb.
    Формат файлаdocx
    Имя файла_саха тыла+.docx
    ТипЛитература
    #1130510
    страница5 из 5
    1   2   3   4   5

    Кылааска суругунан үлэ кээмэйэ
    Үөрэнээччи кылааска суругунан толорор үлэтэ (эрчиллиилэр, үөрэтэр диктаннар, аахпыттан, айан суруйуу, о.д.а.) кылаастан кылаас аайы улаатан, тылын ахсаана элбээн иһэр. Быһа холоон 2 кылааска нуорма маннык:


    Кылааһа


    Аахпыттан суруйуу


    Айан суруйуу


    2


    40 – 60


    0,5 – 1 сирэй


    Диктант тиэкиһин кээмэйэ


    Кылааһа


    Үөрэтэр


    Бэрэбиэркэлиир


    2


    30 - 40


    30 - 35


    Таба суруйуу

    Кылгас, уһун аһаҕас дорҕоонноох, дифтоннаах 1-2 сүһүөхтээх тылы ырытан, таба суруйар /ат-аат, тас-таас-тыас, ытар-ыытар – ыатар/ дорҕооннноох

    Чуолкайа суох иһиллэр до рҕоонноох тылы суруйар (өр-үр, үөн- иэн, кус-хос)

    Судургу тутуллаах киирии тылы суруйар (ферма, елка, Нина)
    Тылы байытыы, этии оҥоруу

    Тылга атын тылтан ыйытыы туруорар, ыйытыыга тирэҕинэн тыл ситимин оҥорор

    Тылы суолтатынаҥ наардыыр, тыл ситимин оҥорор

    Уус-уран быһаарыыны, тэҥнээһини, омуннааһыны булан көрөр, өйүгэр хатыыр, туттар.

    Үргүлдьү текси ис хоһоонунан этиигэ араарар. Ыһыллыбыт этиини сааһылыыр. Сиппэтэх этиини ситэрэр. Холобуру батыһан араас тутуллаах этиини оҥорор. Ыйытыы, күүһүрдүү бэлиэни туруорар.

    Сурук үлэтин сыаналааһын.

    Үѳрэнээччи истэн суруйар үлэтин сыаналыырга маннык нуорманан салайтарыллар:

    «5» сыана – орфографическай алҕаһа суох үлэҕэ.

    «4» сыана – 1 – 3 орфографическай алҕастаах үлэҕэ.

    «3» сыана – 4 – 5 орфографическай алҕастаах үлэҕэ.

    «2» сыана – 6 – 10 орфографическай алҕастаах үлэҕэ.

    «1» сыана – олус элбэх орфографическай алҕастаах үлэҕэ.

    Хос быһаарыы. Куруубайа суох эрээри маарыннаһар алҕас буоллаҕына, 6 орфографическай алҕаска «3» сыана туруон сѳп. Олус марайдаах элбэх кѳннѳрүүлээх үлэ сыаната биир балынан түһэр.

    Куруубай алҕаһынан ааҕыллар:

    - уһун аһаҕас дорҕоону , дифтону, хоһулаһар бүтэй дорҕоону биир буукубанан бэлиэтээһин;

    - буукубаны эбэтэр сүһүѳҕү кѳтүтүү;

    - буукуба миэстэтин атастаһыннарыы;

    - буукубаны атын буукубанан солбуйуу;

    - улахан буукубаны сыыһа суруйуу;

    - тылы холбуу суруйуу;

    - сыыһа кѳһѳрүү, о. д.а.

    Курубайа суол алҕаһынан ааҕыллар:

    - ситэри чиҥэтиллэ илик араастык этиллэр сахалыы тылы уонна нууччалыы суруллар тылы сыыһа суруйуу;

    - тылы сѳпкѳ суруйан иһэн ситэ суруйбакка хаалларыы;

    - нѳҥүѳ строкаҕа кѳһүѳхтээх сүһүѳҕү суруйбакка хаалларыы;

    -биир тылы хос – хос суруйуу.

    Биир алҕаһынан ааҕыллар:

    - икки кѳннѳрүү;

    - сурук бэлиэтигэр икки алҕас;

    - биир тылга алҕас хатыланара. Холобур, аттаах диэн тылга текскэ үстэ «атаах» диэн суруллубут буоллаҕына, биир алҕас буолар.

    Алҕас буолбат:

    -үѳрэтиллэ илик быраабылаҕа тахсыбыт алҕас;

    - этии кэннигэр точканы умнан, саҥа этиини улахан буукубаттан суруйуу;

    - этии ис хоһооно уларыйбат гына биир тылы атын тылынан солбуйуу.
    Алҕаһы кѳннѳрүү, чинчийии.

    Оҕо түһэрэр алҕаһын кѳннѳрүү таба суруйарга үѳрэтиигэ бэрт улахан суолталаах.

    Алҕаһы маннык наардыахха сѳп:

    1. Уһун аһа­ас дорҕоону тба суруйуу.

    2. Дифтону таба суруйуу.

    3. Хоһуласпыт бүтэй дорҕоону таба суруйуу.

    4. Сэргэстэспит бүтэй дорҕоону таба суруйуу.

    5. Нууччаттан киирбит тылы суруйуу.

    6. Хоһуласпыт бүтэй дорҕоону атын бүтэй дорҕоонунан солбуйуу.

    7. Кылгас аһаҕас дорҕоону атынынан солбуйуу.

    8. Кылгас аһаҕас дорҕоону кѳтүтүү.

    9. Буукуба миэстэтин атастаһыннарыы.

    10. Сүһүѳҕү кѳтүтүү.

    11. Ордук буукубаны суруйуу.

    12. Улахан буукубаны сыыһа суруйуу.

    Таба суруйууга уонна граматическай сорудахха тус – туһунан сыана турар.
    1   2   3   4   5


    написать администратору сайта