Сценарий байанай. сценарий байанай. Сценарийы онордо Алаьыай орто оскуолатын технология уонна изо учуутала Слепцов А. В. сэтинньи ый 2021с. Сэтинньи Байанай ыйыгар аналлаах хамаанданнан
Скачать 31.15 Kb.
|
Сценарийы онордо: Алаьыай орто оскуолатын технология уонна ИЗО учуутала Слепцов А.В. сэтинньи ый 2021с. Сэтинньи Байанай ыйыгар аналлаах хамаанданнан «Байанай тосхойдун» БАЛАhЫАННЬАТА. нэьилиэк туелбэлэриттэн эр дьон уонна уол о5о кыттыылаах хамаанданнан курэх. Буолар кунэ, ыйа:Сэтинньи ыйын 19 кунугэр. Кунус 15:00ч. Буолар сирэ: киин улууссага Алаьыай орто оскуолатын дьитин иннигэр. Сыала- соруга: Өбугэбит угэhинэн сэтинньи ый-Байанай ыйыгар аналлаах, бултааhын сиэрин -туомун толорууну, ѳбугэ угэстэрин сѳргутуу, ыччакка тиэрдии,холобур буолуу. Курэх ирдэбилэ: Хас биирдии кылаастан 2 – лии уол о5о кытталлара ирдэнэр 3-туу эр дьон (тэрэппуттэр). Кыттааччылар саастара: Уол о5о5о: кыра белех о5о 7 – 10 саас, орто белех о5о 11 – 14 саастарыгар дылы. Эр дьон (тэрэппуттэр): 25 – 35 саас, 35 – 50 саас, 50 уеьэ саас (Биирдии эр дьон) Курэх туhумэхтэрэ. 1.Хамаанда аатын, хамандыыр билиьиннэрэр. Байанайга бултка барыы сиэрин – туомун кэпсээьин. 2. Бултка сыьыаннаах боппуруостар.(Бары кытталлар, ус боппуруоска эппиэттииллэр) 3. Кердеех – эстафета. 1. Ус эр дьон булт танаьын таннан куоталаьыы.(Танастарын хас биирдии тэрэппут бэйэтэ булунар: комбинезон истээх ыстаан, сон, истээх бэргэьэ) 2. О5олорго куобах ойуута, кылыйыы. 4. Эр дьон хайыьарынан сууруу, о5олор рюкзак хомуйан суурэллэр.(Тэриллэри тэрэппут бэйэтэ булунар. Рюкзак, тимир миискэ, тимир кружка, ложка, вилка, соттор. ) 5. Хамаанда сыал ытыыта.(Бары кытталлар.) 6. «Обугэм торут оонньуулара»сахалыы обугэ оонньууларынан курэхтэhии. «Байанайым тосхойдун» курэх. Байдам тутуу, Барылы кэскил Баайбарыылаах Тойон эhэкээм, Баай хара тыам Маанылаахб улдуттан Быhан кулу даа! Хойутун хойут да Бу курдук Буоhалыыр буол, Адаар муостааххытаан Айхаллыыр буол! Уруй!Уруй!Уруй! Диэн булчуттар бултуу баралларыгар байанайбыт тосхойдун диэн алгыстаан кордоhоллоро. Ыыт: Инньэ диэн туран сэтинньи ыйбытыгар аналаах «Байанайым тосхойдун» о5о кыттыылаах уонна тэрэппуттэр, эр дьон хамаанданнан курэхпитин са5алыырбытын коннуллээн! Ыыт: Саха5а булт диэн тутаах торут угэс буолар, булт диэн ас – танас булунуу, айа5ы ииттиинии, ону таhынан умсул5аннаах дьарык, эти – сиини эрчийии буолар. Бугунну биhиги курэхпитигэр оголор уонна тэрэппуттэр биэстии киhилээх ус эр дьон икки о5о кыттыылах 5 хамаанда кыттыыны ыла кэллилэр. Бугунну курэхпит главнай судьуйата Николай Николаевич Кондаков .Уонна кылаастан бирдии анал дьууллур субэтэ коруохтэрэ-истиэхтэрэ. Курэх туhумэхтэрин билиhиннэрэбит: 1 туhумэх .Хамаанда аатын Хамандыыр билиhиннэрэр. Байанайга бултка бары сиэрин туомун кэпсээhин 2.туhумэх бултка сыhынаах боппуруостар .(манна ус боппуруостаах билиэтин талан ыла5ыт уонна бары хамааннданнан субэлэhэн эппиэттигит). 3. туhумэх «Кордоох эстафета» бу манна ус эр дьон булка кэтэр танастарын кэтиигэ устууга куоталаhаллар. Биир эр киhи суурэн булт танаhын таннар уонна топтору суурэн кэлэн танаhын устар ,устубутун кэннэ иккис эр киhитэ таннаруоннасуурэнкэлэнсыгынньахтанаронтон уhус киhи таннар уонна суурэн тиийэн сыгынньахтанар уонна топтору суурэн кэлэр.Эр дьоннор буппуттэрин кэннэ уол о5олор сразу ыстанан бараллар кылыйан кэлэллэр. О5олор буппуттэрин кэннэ ус эр дьоннор наарданы ойон бараллар уонна кэлэллэр онтон о5олор булчут рюгзагын хомуйаллар.бастаан биир о5о суурэн тиийэн рюгзагын малын хомуйан уга охсор ол буппутун кэннэ иккис о5о суурэн тиийэн кэтэр тыаhатан кордорор тыаhаабат буолла5ына суурэн барар. 4 туhумэх Хамаанданнан сыал ытыыта 5туhумэх Обугэм торут оонньуулара сахалыы обугэ ооньууларын курэхтэhии.бу манна киирэр «Тобук тардыhыыта» ( икки курэхтэhэр дьон олоппосторго уун утары олорон тобуктарын ыга кыпчыйсаллар.бу олорон иккиэн сис тутталлар. Иккис киhи туох баар кууhунэн 10 сокуундэ иhигэр тобуктарын икки аныы араара сатыыр. Оскотун кини утарылаhаачытын тобуктарын икки ардынан киhи сутуруга батар буолбут буолла5ына, кыайыылаа5ынан тахсар.ол кэннэ миэстэлэрин атастаhан биэрэллэр. «сыалыhардаhыы» икки киhи сиргэ тиэрэ туhэн атахтаhа бэйэ бэйэлэригэр ыкса сыталлар. Уна илиилэринэн ыга тонолоhохтоhоллор.Ханас атахтарын уонна тоболорун ондоппокко эрэ,уна атахтарынан хатыйсан батааhыахтаахтар.Хайалара ата5ынан утарылаhаачытын баттабыт ол кыайар.Атахтарын хатыйсан баттаhар кэмнэригэр тонолохторун ыhыктыа суохтаахтар. «о5устар хардыhылара» харсыhар кэмнэригэр оонньууну ыытааччы ус миэтэрэ сири мэрэйдиир уонна ортотунан сурааhын тардар.харсыhар о5олор сурааhын икки ардыгар туруорар,тоболрун холбоотоон баран «чэ» диэн хмаандалыыр. Харсыhааччылар эмискэ тобо5о туhуо суохтаахтар. Оскотун бастакы о5о иккис о5ону сурааhыныттан балтараа миэтэрэ утуруйэн илтэ5инэ иккис о5о кыайтарбытынан аа5ыллар. Дьэ кунду до5оттор билигин курэхпит бастакы туhумэ5ин са5алыыбыт! (командалар бирдии -бирдии хамаандаларын билиhинэрэллэр) Викторина боппуруостара эппиэттэрэ: 1.куобах сылдьар суола (орох,ыыр) 2.тииннэ кутуруга туох оруоллаа5ый (мастан маска которугэр парашют оруолун толорор) 3.Ханнык котору , ойуур эмчитэ диэн ааттыларый? (тонсо5ой) 4.ханнык чыычах сатаан хаампатый, ойоккалыыр эрэ дьо5урдаа5ый? (чооруос) 5 Байанай ый бэлиэтэ тугуй? (ох саа) 6.талах ии иhигэр кыл туhахтаах куска иитиллэр тэптиргэ, обугэлэрбит тэриллэрэ.(Тиргэ) 7.Курэх мунхатыгар ойбонно уган сууралаан собону курэтэр мас. (Нырыы). 8.Кылгас сотолоох чэпчэки этэрбэс? (эмчиирэ) 9.эhиннэ5инэ хам баттыыр тэрил(Сохсо) 10.маска баайыллар кылтан оноhуллубут кыра туhах (До5уур) 11. булчут остоо5о котор аата (суор) 12. таабырын.сомуйэтээ5эр синньигэс ,унуутээ5эр сытыы, таптаабытын хотутар баар уhу?( оно5ос) 13. таабырын. Тарарыйдар эрэ чап гынар баар уhу (чааркаан) 14. таабырын бутэй да аhа5ас баар уhу.(туу) 15. Таабырын. Сэттэ уон харахтаах олуу ситимэ ууга умсубут уhу? (МУНХА) 16. таабырын. Сугэтэ да, илиитэ да суох тиити охторор баар уhу? (Буобура) Урун комус оhуор тыа Симэхтэрэ илирдиир, Кылабачыйар кыым кырыа Кун уотугар дьиримниир. Хотоол хону сирдэрбэр Хомурахтар хоммуттар, Ыар5а талах кэриилэр Ыллыктара оспуттар. Курупааскы ойуулуур Кыраhата кылбаарда Хайыhар ,дьурулуур Хайыhарым кыйаарда. Тула оттум тула хаар, Чучугуруур тунал хаар. Бугун булчут барахсан Байанайдыын корсуhэ Сиэри туому тутуhан Бултуу алтыы аттаана. П.Тобурокап .Тула оттум тула хаар диэн хоhоонунан байанай ыйыгар аналаах тэрээhиммитин тумуктуурбутун конуллээн. Ба5арыа этибит оруу байанайгыт тосхойо турдун уонна сандалы остуолгут ткууруук баай талыым олгом астаах буола турдун!!! 1.Куобах сылдьар суола? 2.Тииннэ кутуруга туох оруоллаа5ый ? 3.Ханнык котору , ойуур эмчитэ диэн ааттыларый? 4.Ханнык чыычах сатаан хаампатый, ойоккалыыр эрэ дьо5урдаа5ый? 5. Байанай ый бэлиэтэ тугуй? 6.Талах ии иhигэр кыл туhахтаах куска иитиллэр тэптиргэ, обугэлэрбит тэриллэрэ? 7.Курэх мунхатыгар ойбонно уган сууралаан собону курэтэр мас? 8.Кылгас сотолоох чэпчэки этэрбэс? 9.Эhиннэ5инэ хам баттыыр тэрил? 10.маска баайыллар кылтан оноhуллубут кыра туhах ? 11. Булчут остоо5о. Котор аата? 12. Таабырын.сомуйэтээ5эр синньигэс ,унуутээ5эр сытыы, таптаабытын хотутар баар уhу? 13. таабырын. Таарыйдар эрэ чап гынар баар уhу ? 14. Таабырын бутэй да аhа5ас баар уhу? 15.Таабырын. Сэттэ уон харахтаах олуу ситимэ ууга умсубут уhу? Ыыт. Убастабыллаах кэрээччулэрбит, тэрэппуттэрбит, долгутуулаах чааспыт тиийэн кэллэ. Тылы биэрэбит курхтэьиибит гылаабынай судьуйаатыгар Николай Николаевич Кондаковка! (анал музыка холбонор «Халыма уола», кыттааччылар парадтаан киирэллэр) Ыыт: Бугунну байанай ыйыгар аналлаах курэхпит кыайыылаахтарыгар УРУЙ! Айхал! Аныгыс кэрсуэххэ диэри! Дьоллоох доруобай буолун! |