|
Васильева Ф уруоктар. Ыытыллыбыт кнэ Кылаас, оскуола
Ыытыллыбыт күнэ
Кылаас, оскуола:
| 19.04.21
Г.Е.Бессонов аатынан Тойбохойдооҕу орто оскуола, 2 «А» кылаас.
| Уруок темата:
| Доҕордоох киһи дьоллоох.
| Ааҕыллар айымньы:
| Николай Егорович Мординов- Амма Аччыгыйа “Иккис тоҕо” диэн кэпсээн.
| УМК (учебник аата, автора)
| Литература ааҕыыта” Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова
| Уруок тиибэ:
| Айымньыны ааҕыы, ырытыы уруога
| Учуутал сыала:
| Оҕолор Николай Егорович Мординов - Амма Аччыгыйа «Иккис тоҕо» диэн айымньыны табатык уонна өйдөбүллээхтик ааҕалларыгар, ырыталларыгар, сүрүн ис хоһоонун өйдүүллэригэр үөрэх дьарыгын тэрийии.
| Оҕо соруга:
| Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа «Иккис тоҕо» диэн кэпсээнигэр туох туһунан кэпсэнэрий? Бу кэпсээн туохха үөрэтэрий?
| Уруок түмүктэрэ:
лр/
| 1.Предмети үөрэтии түмүктэрэ:
| Ааҕыы үөрүйэхтэрэ: табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.
| Тиэкиһи кытта үлэ үөрүйэхтэрэ: айымньы ис хоһоонун өйдүүр, тиэкистэн туох эмэ ойууланар кэрчиктэрин булан ылан ааҕар, сүрүн санааны өйдүүр буолуу.
| 2. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:
| Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:
-Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр;
-Үөрэх дьарыгар туруоруллубут сыалы уонна соругу ситиһэргэ бэйэни сатаан хонтуруолланар, бэйэ уонна атын киһи үлэтин сөптөөхтүк сыаналыыр.
| -Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар;
-Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар.
-Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар;
-Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.
| -Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
| 3.Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ:
| -Киһи доҕордоох буолан дьоллоох.
|
Уруок этаптара
| Учуутал дьарыга
(сорудахтар, ыйытыылар)
| Үөрэнээччи дьарыга
| Үөрэтии ньымалара,
тэрийэр формата
| Түмүгэ
| 1. Тэрээһин чааһа
| - Үтүө күнүнэн оҕолор.
Төрөөбүт литература ааҕыытын уруога.
Бары кинигэҕит, тэтэрээккит, уруучукаҕыт баар дуо?
Тэтэрээппитин арыйдыбыт, бүгүҥҥү чыыһыланы суруйдубут.
-Уруучуканы, тэтэрээти туора уурдубут, миигин болҕойон истэбит.
| Үөрэнээччилэр уруокка олоруу быраабылаларын саныыллар.
Оҕолор тэтэрээттэригэр чыыһыланы суруйаллар.
| Алтыһыы көрүҥэ: Бары бүттүүн.
-Үөрэнэр санааны үрдэтии.
-Кэпсэтии
-Ыйытыы ньымата
-Оонньуу
| Үөрэнэргэ бэлэмнэнии, бэрээдэктэнии, оҕолор үөрэнэр санаалара үрдээһин.
| 2. Үөрэнэр соругу туруоруу
Сыала:
Уруок тиэмэтигэр тахсыы
| 1.Уруок тиэмэтигэр таһаарар түгэн
-Оҕолор,доҕордуулар диэн тылы хайдах өйдүүгүй? -Бу уруһуйдары көрдүбүт эрэ. Бастакы хартыынаҕа туох көстөрүй? Иккис хартыынага туох көстөрүй?
- Биһиги доҕорбутун хомотуохтаахпыт дуо?
2.Уруок соругун туруоруу
-Оҕолор, былырыын эһиги “Бастакы тоҕо” диэн кэпсээни аахпыппыт ким саныырый, туох туһунан этэй?
- Ааптара ким этэй?
-Бүгүн биһиги иккис то5ону аҕыахпыт.
-Эмиэ биһиги биир саамай тапталлаах суруйааччыбыт Николай Егорович Мординов - Амма Аччыгыйын кэпсээнэ. Иккис «тоҕо».
-Учуутал кылгастык Амма Аччыгый туһунан кэпсиир.
-Чэ эрэ, бүгүн ааҕар айымныбыт аатын уонна суруйааччытын тэтэрээппитигэр суруйдубут эрэ.
Амма Аччыгыйа – Иккис «Тоҕо»
-Бүгүннү уруокпутугар ханнык сыал-сорук туруорунабыт? - Кэпсээни хайдах ааҕабытый? -Бу кэпсээни тоҕо биһиги өйдүү-өйдүү ааҕабытый?
|
Доҕор диэн биьиги чугас дьоммун, биһиги эрэнэр дьоммут. (оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр)
Бастакы хартыына дьүөгэлиилэр, иккис хартыына кыыһырбыт кыыс. Суох
Саныыбыт.(о5олор бэйэлэрин санааларын этэллэр)
Бүгүн биһиги Амма Аччыгыйын кэпсээнин – Иккис «Тоҕо» ааҕабыт.
-ис хоһоонун өйдүү-өйдүү уонна табатык. -Кэпсээҥҥэ туох хоһуйуллубутун билээри уонна туохха биһигини оҕолору үөрэтэрин билээри.
|
Алтыһыы көрүҥэ: Бары бүттүүн. -Ыйытыы ньымата -Кэпсэтии -Быһаарыы Тылынан хонтуруол -Ойуу көрдөрүү
-Ыйытыы ньымата -Кэпсэтии
| Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр.
| 3. Үөрэнэр соругу толоруу
Сыала:
Айымньыны ылыныыга бэлэмнээһин
| 3.1.Айымньыны кытта билсиьии уонна чаастарынан ааҕыы, ырытыы.
-Оҕолор, билигин эһиэхэ кэпсээни ааҕан иһитэннэриэм болҕойон олорон истэбит.
-Бары кинигэбитин 155 сирэйгэ арыйабыт уонна мин ааҕарбын кытары сирдэтэбит.
-Эһиги санааҕытыгар, бу туох туһунан кэпсээний?
-Бу кэпсээн хайдах уйулҕалааҕый? Үөрүүлээх дуу? Хомолтолоох дуу?
-Тоҕо иннэ дии санаатыгыт?
-бу кэпсээни хас чааска араарыахха сөбүй?
Ырытыы:
-Чэ эрэ, билигин этииннэн бары аа5абыт уочарытынан бары сирдэтэн олоробут. Эһиэхэ сорудах бэриллэр:
-Ханнык билбэт тыллардааххытый?
-Билбэт тылларбыт быһаарыыларын сурунан иһэбит.
1 абзац ырытыыга ыйытыылар:
-бастакы абзацка кимнээх тустарынан кэпсэннэ?
- Кыргыттар туохтууларый?
- То5о ийэлэрэ абааһы көрсөллөрө буолуой?
2 абзац ырытыыга ыйытыылар:
-Люба хайаата?
-Катя доҕорун аһынан, ахтан хайыыр буолла?
3 абзац ырытыыга ыйытыылар:
-Катя ийэтэ туох диэн эттэ?
-Тоҕо Катя дьүдьүйбүтэ буолуой?
4-5 абзац ырытыыга ыйытыылар:
- Катялаах дьиэлэригэр ким кэллэ?
- Люба ийэтин аата ким диэний?
-Люба ийэтэ то5о саната суох турбахтаата?уонна туох көрдөһүүлээх кэллэ?
6-7 абзац ырытыыга ыйытыылар:
- Катя ийэтин аата кимий?
-Василиса Ивановна туох диэтэ Люба ийэтигэр?
-Тоҕо Люба ийэтэ тахсан барбыта буолуой?
8-9 абзац ырытыыга ыйытыылар:
-Катя ийэтэ туох диэн ботугураата?
- Туохтан Катя ийэтэ соһуйда?
-Тоҕо Катя таҕыста?
3.2.Тиэкси кытта айымньыны ааҕан баран үлэ.
Оонньуу «Айар үлэ»
Сорудах: Кэпсээни салгыы суруйан ситэрэн -хоторон биэр уонна уруһуйдаа. Кэпсииргэ бэлэмнэн.
|
Оҕолор учуутал ааҕарын сирдэтэллэр.
Дьүөгэлэр тустарынаню
Хомолтолоох. Люба ыалдьан балыаһага киирбит. 3-4 чааска араарыахха сеп.
Катя уонна Люба Доҕордуулар Оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр. Балыаһага киирдэ ыалдьан. Түүнүн ытыыр, суохтуур.
Аҕыйах күн иһигэр Катя дьүдьэйбитин көрөн ампаартан отонно ылан сии сырыт диэн уонна доҕордоргор эмиэ бэрис диэтэ.
-Доҕорун суохтаан.
Люба ийэтэ кэллэ. Ирина Егоровна Кыыьа ыалдьан отон көрдөһө кэлбит оготун туһугар.
- Василиса Ивановна
- Кыһаланнахха миигиттэн син көрдөһө кэлэр эбиккин диэтэ.
Оҕону аһанабын диэн. Катя ытаата доҕорун аһынан уонна миискэни туппутунан таһырдьа ойон хаалла. Доҕорун ийэтигэр отон биэрэ. (оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр)
-Оҕолор кэпсээни салҕыы суруйан баран тахсан кэпсииллэр туох буолбутун.
|
-Быһаарыы -Кэпсэтии -Хонтуруол
-Ыйытыы ньымата
-Тылынан хонтуруол
Кэпсээһин
Айар үлэ
|
Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар.
Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
Табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.
Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар. Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар.
Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.
Сатаан айар үлэни оҥорор.
|
| Айымньыны сүрүн санаатын тула кэпсэтии -Оҕолор, Амма Аччыгыйын кэпсээнин ааҕан баран, туох санааҕа кэллигит?
-Үчүгэй багайытык кэпсээни суруйбуккут уонна уруһуйдаабыккыт.
-Эһиги айымньыга туох сүрүн санааны арыйдыгыт? Билигин оонньуу.
Оонньуу «Оруолунан сценка» (оруолунан оонньуу)
4 хамаандаҕа арахсабыт уонна оруолларынан арахсан 2 тоҕону көрдөрөбүт. Хамаандалары атын хамаандалар сыаналыыллар.
|
Оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр.
-Биһиги доҕорбутун, атаспытын хаһан да кыһалҕаҕа хаалларбакка, киниэхэ көмө киһи буолуохтаахпыт.
-Оҕолор сценка көрдөрөллөр уонна
| Алтыһыы көрүҥэ: бары бүттүүн.
-Ыйытыы ньымата
-Кэпсэтии
-Быһаарыы
-Оонньуу ньымата
| Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
| 4.Сыаналаныы
| Оҕолор бэйэлэрин өйдөбүллэрин уонна дьарыктарын сыаналаныылара
Дьиэҕэ үлэ: Амма аччыгыйа -Төрдүс тоҕотун ааҕан кэлээрин.
-Бүгүн уруокка биһиги ким диэн ааттаах суруйааччы ханнык айымньытын аахтыбыт?
--Бүгүн уруокка эрээттэр бэрээдэктэрин көрдүбүт эрэ. Шкалабыт хамсаабыт дуо?
-Ол аата, биһиги хайдах үөрэннибит?
| Амма Аччыгыйын кэпсээнин аахтыбы.
Бүгүн уроукка үчүгэйдик үлэлээтибит.
| -Кэпсэтии
-Ыйытыы ньымата
-Тылынан хонтуруол
| Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
| 5
Ыытыллыбыт күнэ
Кылаас, оскуола:
| 23.04.21
Г.Е.Бессонов аатынан Тойбохойдооҕу орто оскуола, 2 «А» кылаас.
| Уруок темата:
| Доҕордоох киһи дьоллоох.
| Ааҕыллар айымньы:
| Николай Егорович Мординов- Амма Аччыгыйа - Төрдүс “Тоҕо” диэн кэпсээн.
| УМК (учебник аата, автора)
| Литература ааҕыыта” Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова
| Уруок тиибэ:
| Айымньыны ааҕыы, ырытыы уруога
| Учуутал сыала:
| Оҕолор Николай Егорович Мординов - Амма Аччыгыйа Төрдүс “Тоҕо” диэн айымньыны табатык уонна өйдөбүллээхтик ааҕалларыгар, ырыталларыгар, сүрүн ис хоһоонун өйдүүллэригэр үөрэх дьарыгын тэрийии.
| Оҕо соруга:
| Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа Төрдүс “Тоҕо” диэн кэпсээнигэр туох туһунан кэпсэнэрий? Бу кэпсээн туохха үөрэтэрий?
| Уруок түмүктэрэ:
лр/
| 1.Предмети үөрэтии түмүктэрэ:
| Ааҕыы үөрүйэхтэрэ: табатык, хоһоонноохтук, өйдөбүллээхтик ааҕыы.
| Тиэкиһи кытта үлэ үөрүйэхтэрэ: айымньы ис хоһоонун өйдүүр, тиэкистэн туох эмэ ойууланар кэрчиктэрин булан ылан ааҕар, сүрүн санааны өйдүүр буолуу.
| 2. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:
| Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:
-Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун сатаан туруорар, өйдүүр;
-Үөрэх дьарыгар туруоруллубут сыалы уонна соругу ситиһэргэ бэйэни сатаан хонтуруолланар, бэйэ уонна атын киһи үлэтин сөптөөхтүк сыаналыыр.
| -Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар;
-Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарар.
-Тирэх тылы, тыл ситимин тиэкистэн сатаан булар;
-Тиэкис тутулун билэр, тиэкиһи сатаан сөптөөх кэрчиктэргэ араарар.
| -Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
| 3.Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ:
| -Киһи доҕордоох буолан дьоллоох.
| |
|
|