Карманова Кристина 7 кыл. Бойобуой офицер, учуутал Константин Егорович Захаров дакылааты суруйда Амма улууун А. Е. Кралин аатынан Абаа орто оскуолатын 7 кылааын рэнээччитэ Карманова Кристина. Салайааччы трт культура учуутала Адамова Мария Ивановна. Проблемата
Скачать 17.53 Kb.
|
«Бойобуой офицер, учуутал Константин Егорович Захаров» дакылааты суруйда Амма улууһун А.Е.Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Карманова Кристина. Салайааччы төрүт культура учуутала Адамова Мария Ивановна. Проблемата:Саха норуотун ортотугар биллэр-көстөр, чаҕылхай дьон олорон ааспыттарын араас суруйуулар, ахтыылар бигэргэтэллэр. Биир оннук чаҕылхай олоҕу олорбут киһинэн бойобуой офицер, Кыһыл Сулус орден кавалера, учуутал Константин Егорович Захаров буолар.Ол гынан баран дьыл-хонук аастаҕын ахсын кинилэр үтүө ааттара, туох иһин охсуспуттара, үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара умнулла быһыытыйар. Үлэм билиҥҥи кэмҥэ суолтата: билиҥҥи дьоллоох олоҕу уһансыбыт, түстэспит үтүө дьоннорбут ааттарын үйэтитэрбит, кинилэр тустарынан ахтан-санаан ааһарбыт хаһан да суолтатын сүтэрбэт. Үлэм сыала: Константин Егорович Захаров бойобуой суолун, Абаҕа ыччатын дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ киллэрбит кылаатын сырдатыы. Үлэм соруктара: К. Е. Захаров туһунан матырыйаал түмүү; Хомуллубут матырыйаалы наардаан дакылаат суруйуу; Араас таһымнаах ааҕыыларга бу үлэбинэн кыттыы. Наукаҕа суолтата. Бастатан туран, бойобуой офицер ахтыытыгар олоҕуран Кыһыл Армия империалистическай Японияны утары сэриилэспит суолтатын, сыалын-соругун, историятын үөрэтиэххэ сөп. Иккиһинэн К.Е.Захаров педагог, оскуола директорын быһыытынан ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, туризмы сайыннарыыга туттубут ньымаларын үөрэтии-чинчийииэмиэ туһалаах суолталаах буолуон сөп дии саныыбын. Үлэм икки түһүмэхтэн турар: Бастакы түһүмэх «К.Е.Захаров бойобуой суола» диэн ааттаах. Бу түһүмэххэ Константин Егорович 1941 сыл балаҕан ыйыттан 1946 сыл тохсунньу ыйыгар диэри Илиҥҥи фроҥҥа сулууспалааһынан сиһилии арыллар. Манна К.Е.Захаров тус ахтыыта толору киллэрилиннэ. 1941 с. балаҕан ыйыттан 1942 с. тохсунньу ыйыгар диэри автотранспортнай полкаҕа сулууспалыыр.1942 с. тохсунньу ыйыттан от ыйыгар диэри Сретенскэйдээҕи байыаннай-пехотнай училищеҕа үөрэнэн младшай лейтенант званиелаах бүтэрэр.1942 с. атырдьах ыйыттан 1944 с. атырдьах ыйыгар диэри Монгольскай народнай республика Забайкальскай байыаннай уокуругун 106 дивизиятын 393 стрелковай полкатыгар взвод командирынан сулууспалыыр. Ити сыл сайын БКП(б) кэккэтигэр кандидатынан ылыллар. 1944 с. атырдьах ыйыттан 1945 с. ахсынньы ыйыгар диэри Забайкальскай фронт 36-с армиятын 205-с танковай биригээдэтин мотострелковай полкатын отдельнай минометнай ротатыгар минометнай взвод командирынан сулууспалыыр. Бу сыл партия чилиэнигэр киирэр. 1946 сыл тохсунньу ыйыгар доруобуйатынан демобилизацияланан дойдутугар төннөр. Империалистическай Япония утары сэриигэ Бойубуой сорудахтары туйгуннук толорбутун иһин Кыһыл Сулус орденынан уонна Верховнай кылаабынай командующай Махтал суругун наҕараадаланар. Иккис түһүмэххэ К.Е.Захаров Абаҕа ыччатын дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ киллэрбит кылаата сырдатыллар. Бу түһүмэххэ Константин Егорович сэрии кэнниттэн төннөн кэлиэҕиттэн 1983 сыллаахха Бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри төрөөбүт Абаҕатын оскуолатыгар килбиэннээх үлэтэ сырдатыллар. Манна үөрэппит оҕото, туйаҕын хатарааччыта, историк учуутал К.Г.Кайдалов, бииргэ үлэлээбит коллегата химия учуутала, өр сылларга директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччы З.В.Никитина ахтыылара киирдилэр. Ол курдук, 1946 сыл – физкультура учууталынан үлэтин саҕалыыр. 1947-1954 сс. – пединституккэ кэтэхтэн үөрэнэр. 1949 сылтан история, Конституция учуутала, директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччы. Константин Егорович 1959 с. Гражданскай уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын (Мэҥэ Хаҥалас военкомун архыыбын хасыhан) испииhэктэрин булан, ким, ханна сэриилэспитин, ѳлбүтүн, ким эргиллэн кэлбитин чуолкайдаабыта. Баар дьонтон хаартыскаларын уонна ахтыыларын хомуйбута. 1963 кыраайы үөрэтэр муннук тэрийэллэр. 1969 сылтан оскуолаҕа начальнай байыаннай подготовка диэн предмет киирбитэ. Константин Егорович предметин үѳрэтиигэ хара маҥнайгыттан оҕолор тѳрѳѳбүт дойдуларын, дьоннорун ытыктааһын, патриотическай тыыҥҥа иитии боппуруостарын үрдүктүк туппута. Оскуолаҕа биир кылааhы байыаннай кабинет оҥорбута. 1971 сыл от ыйын 6-9 күннэригэр үѳрэнээччилэри байыаннай-партиотическай иитии боппуруоhугар Владивосток куоракка Бүтүн Россиятааҕы конференция буолбута, Саха сириттэн 6 киhи, ол иhигэр Константин Егорович сылдьыбыта. Манна сүнньүнэн учууталлар, военруктар, норуот үѳрэҕириитин үлэhиттэрэ, Советскай Союз геройдара, гражданскай, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, Кыhыл Знамялаах Дальневосточнай байыаннай уокурук уонна Кыhыл Знамялаах Тиихэй океан муоратааҕы флотун үлэhиттэрэ уо.д.а. кыттыыны ылбыттара.Кини үлэлиир кэмигэр Саһыл Сыһыы туристическай комплекс уонна Абаҕа пионердарын сэриитин кэпсиир музей республика үрдүнэн аатырбыта. Сыллата тиһигин быспакка 1000-нан турист кэлэн барара. Кинилэри көрсүү К.Е.Захаров салайан олорор оскуолатын коллективыгар сүктэриллибитэ. Ол иһин хас да сылы быhа Абаҕаҕа турбаза тутуутун туруорсубута. Кыhынын туристар түhэллэригэр, сайынын республиканскай суолталаах ыарахан иитиилээх оҕолорго үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырын тэрийиэн баҕарара. 1980 с. үп-харчы кѳрүллэн турбаза тутуллуута саҕаламмыта, ол гынан баран 1983сыллаахха Константин Егорович доруобуйатынан үлэлээн тохтообутун кэннэ, бу турбаза тутуллуута, хомойуох иhин, тохтоон хаалбыта. 1964 с. Константин Егоровичка уhулуччу таhаарыылаах үлэтин иhин "Отличник народного просвещения РСФСР" диэн бэлиэни үѳрүүлээхтик туттарбыттара. Түмүк.Онон, Константин Егорович эдэрэкээн сааьыттан сылайары-элэйэри аахсыбакка, дууһатын үтүө иэйиитин үүнэр көлүөнэни иитиигэ, чөл олоххо тардыһарга, төрөөбүт түөлбэни харыстыырга анаабыт киһи буолар. Кини үтүө дьыалата үрдүктүк сыаналанан бэйэтэ тэрийбит музейыгар аата иҥэриллибитэ биһигинги, биир дойдулаахтарын улаханнык үөрдэр. |